Сунтаарга уонна Мархаҕа саҥа подстанциялар тутулуннулар
Сунтаар сэлиэнньэтигэр Хиимийэ буолата диэн сиргэ уонна Дьокуускай куорат Марха бөһүөлэгэр икки электрическэй подстанциялар тутуллан үлэҕэ киирдилэр. Мархаҕа баар подстанция аттынааҕы Хатыҥ Үрэх уонна “Радиоцентр” түөлбэлэр подстанцияларын үлэлэрин көҕүрэтэр уонна бу түөлбэлэр салгыы кэҥииллэригэр кыаҕы биэрэр. Тыһыынчанан олорор дьиэлэр уонна социальнай эбийиэктэр уокка холбонуохтара.
Олох-дьаһах хаһаайыстыбатын, энэргиэтикэ миниистирэ Вячеслав Емельянов этэринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ уотунан ититиигэ 13 тыһыынча кэриҥэ ыал холбонон олорор. Кинилэртэн 40%-ра Сунтаар улууһугар бааллар. Бу саҥа подстанция көмөтүнэн өссө элбэх ыал холбонор кыахтаах. Сунтаар сэлиэнньэтинэн соҕуруу оройуоннартан кэлэн күүстээх электрическэй лиинийэлэр ааһаллар. Подстанция көмөтүнэн уот тиийбэт кыһалҕата сүтүөҕэ.
— 30 тыһыынча киһи олорор Мархаҕа уонна Жатай бөһүөлэгэр 5 мВт кыамталаах уот тиийбэтэ бэлиэтэммитэ. 1976 сыллаахха тутуллубут, 35 киловольт кыамталаах подстанция толору хааччыйар кыаҕа суоҕа. 110 киловольт кыамталаах саҥа подстанция бу тиийбэт кыамтаны толоруоҕа. Подстанцияны “Русгидро” тутан киллэрдэ. Ону тэҥэ, отут сыл сулууспалаабыт икки лиинийэни солбуйдубут, мас тирэхтэрин тимиргэ уларыттыбыт. Өссө 20 кабельнай лиинийэ холбонор кыахтаах. Тас дойдулар биллэрбит сааҥсыйалар баалларынан, бу подстанцияларга анал тэриллэр, трансформатордар барыта Арассыыйаҕа оҥоһуллубуттар. Анал тэрили оҥорор собуоттары кытары уруккуттан үлэлэһэбит. Бу аныгы уонна хаачыстыбалаах тэриллэр, — диэн “Якутскэнерго” тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Алексей Стручков кэпсээтэ.
Ахсынньы 28 күнүгэр бырабыыталыстыбаҕа бу икки подстанцияны аан бастаан холбооһун, үлэлэтии сиэрэ-туома буолла. Сунтаартан уонна Мархаттан энэргиэтиктэр быһа холбоннулар. Ил Дархан Айсен Николаев уонна «Русгидро», «Якутскэнерго» салайааччылара бастакы холбонууну салайдылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: