«Сунтарцеолит» 35 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир
Сылга 60-70 тыһыынча туонна чоҕу хостуур «Сунтарцеолит» тэриллибитэ 35 сылын туолла.
Күн бүгүн тэрилтэ сайдыы суолун тутуһан 100-тэн тахса эрэбиллээх үлэһиттэрдээх, үлэ араас көрүҥүн ылсан, бигэ тирэхтээх Сунтаар улууһугар соҕотох промышленнай тэрилтэнэн буолар.
Бу сыллар устата үс салайааччы үлэлээтэ. Михаил Афанасьевич Акимов, Иванов Евгений Ильич уонна билиҥҥи эдэр эрчимнээх салайааччы Петр Михайлович Попов буолаллар. Кинилэр мындыр толкуйдарынан, сатабыллаах салайыыларынан, тэтимнээх үлэлэринэн тэрилтэ сайдар кэскилэ киэҥ.
Үбүлүөйдээх күҥҥэ чох карьерыгар өйдөбүнньүк бэлиэ сэргэни туруордулар. Ону тэҥэ, үлэһиттэр олорор усулуобуйаларын тупсарар туһугар икки этээстээх саҥа дьиэни үөрүүлээх түгэҥҥэ арыйдылар. Улуус баһылыга Анатолий Григорьев эҕэрдэ тылын этэн, үрдүк наҕараадалары туттарда.
Республикаҕа чоҕу хостуур биэс тэрилтэ баар. Сангаарга, Зырянкаҕа, Тааттаҕа уонна Ньурбаҕа олус таһаарыылаахтык үлэлииллэр. Кинилэр салайааччылара ыалдьыттаан өрөгөйдөөх күнү бииргэ бэлиэтээтилэр.
Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: