«Суоһалдьыйа Толбонноох» айымньытын суруллубут историятын сэгэттэххэ»
Дьокуускай куоракка Саха тыйаатырын Алампа саалатыгар «Суоһалдьыйа Толбонноох» айымньытын суруллубут историятын сэгэттэххэ» диэн ураты кинигэ сүрэхтэниитэ олус сэргэхтик буолан ааста.
2024 сыл ахсынньы ыйыгар Иван Алексеев саамай биллибит, ситиһиилэммит айымньыта – «Суоһалдьыйа Толбонноох» трагедията тыйаатыр сыанатыгар турбута 50 сылын туолар. Онно сөп түбэһиннэрэн «Возрождение Саха» кинигэ кыһатын эрэдээктэрэ Анетта Егорова «Суоһалдьыйа Толбонноох» драма хайдах суруллубутун, араадьыйаҕа тахсыбыт, сыанаҕа турбут хас да барыйаанын киллэрэн, «Суоһалдьыйа Толбонноох» трагедия үөскээбит историята» диэн кинигэни оҥорон күн сирин көрдөрдө.
Бэлиэ күҥҥэ суруйааччы Иван Алексеев дойдутуттан – Сунтаар улууһун Хоротуттан, Тааттаттан кэлэн кыттаннар, тэрээһин таһымын өссө үрдэттилэр.
«Суоһалдьыйа Толбонноох» испэктээк быһыытынан 1974 с. аан бастаан Саха тыйаатырыгар турбута. Испэктээккэ 50 сыл анараа өттүгэр оонньообут, оччолорго эдэркээн артыыстар кэлэн, ол кэми ахтан-санаан, гастроллааҕы көрүдьүөс түгэннэрин кэпсээн, олус сэргэхситтилэр.
Бу күн суруйааччы кыыһа Лира Алексеева, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ доцена, филология билимин хандьыдаата Людмила Григорьева, «Вести-Саха» ГТРК араадьыйатын эрэдээктэрэ, телевидение уонна араадьыйа туйгуна Ольга Степанова, «Саха» НКИХ ыытааччыта Эдуард Рудых, Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Гаврил Вырдылин «История создания трагедии Суосалджия Толбоннох» трагедия суруллуутун туһунан кинигэни таһаарбыт ааптарга ис сүрэхтэриттэн истиҥ иэйиилээх тыллары эттилэр. Бэлиэтээн эттэххэ, Ольга Степанова уус-уран тыллаах «Суоһалдьыйа Толбонноох» драманы нууччалыы сатабыллаахтык, аныгылыы тылбаастаабыта биһирэбиллээх.
Тэрээһин иккис чааһыгар Саха тыйаатырын артыыстара Зоя Багынанова, Степанида Борисова, Афанасий Федоров, Герасим Васильев 50 сыл анараа өттүгэр оонньообут оруолларын, «Суоһалдьыйа Толбонноох» испэктээгинэн Саха сирин устун гастроллаабыт кэмнэрин ахтан-санаан аастылар.
Иван Алексеев 50 сыл устата сценаттан түспэккэ оонньонор айымньыны – «Суоһалдьыйа Толбонноох» драманы айан хаалларан, баччаҕа диэри сонуна ааспат үйэлээх. Бу айымньы былыргы олоххо буолан ааспыт номох буолбут кэпсээҥҥэ олоҕуран суруллубута биллэр. Саха дьахтарын ол кэмнээҕи ыар дьылҕата, билиҥҥи кэмҥэ хаһааҥҥытааҕар да актуальнай.
Саха биллиилээх суруйааччыта уонна Саха сирин искусствотын үтүөлээх деятелэ Иван Гаврильевич Алексеев олоҕун бүтүннүү литератураҕа уонна искусствоҕа анаабыт сүдү киһи. Кини хоһооннорун хомуурунньуктарын уонна драматическай айымньыларын кинигэлэрэ тахсыбыттарын үрдүнэн, айар үлэтэ оччолорго сөптөөх билиниини ылбатаҕа. Араас биричиинэнэн, прозата бэчээттэммэккэ хаалбыта. Оттон Анетта Егорова суруйааччы тус архыыбыгар харалла сыппыт трагедия илиинэн суруйууларын уонна араас таһаарыыларын барыйааннарын кинигэҕэ тиһэн иккис тыыннаата. Бу кинигэ билигин анал үөрэхтээх исписэлиистэргэ, устудьуоннарга уонна аныгы ааҕааччыларга улахан интэриэһи үөскэтэрэ саарбаҕа суох.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: