«Суоһалдьыйа Толбонноох» трагедияҕa сaҥa тыыны биэрбит кинигэ ааҕааччыга тиийэр

Share

Бэйиэт, драматург, араадьыйа суруналыыһа, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Иван Гаврильевич Алексеев күн бүгүҥҥэ диэри үгүс ааҕааччыны, көрөөччүнү долгутар биир  айымньытынан «Суоһалдьыйа Толбонноох» трагедията буолар.

Айымньы Саха тыйаатырыгар туруоруллубута 50 сыла 2024 сылга бэлиэтэммитэ. Бу бэлиэ күҥҥэ-дьылга даҕатан, «Возрождение Саха» кинигэ кыһатын эрэдээктэрэ, филология магистра Анетта Егорова «История создания трагедии Суосальжия Толбоннох» («Суоһалдьыйа Толбонноох» трагедия үөскээбит устуоруйата») диэн кинигэни күн сиригэр көрдөрөн, ааҕааччыларга билиһиннэрдэ. Ол курдук, ахсынньыга Б.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын Алампа аатынан саалатыгар уонна Национальнай бибилэтиэкэҕэ биһирэмэ буолла.

Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар буолбут тэрээһиҥҥэ Анетта Егорова, Иван Алексеев кыыһа, английскай тыл учуутала Лира Алексеева, кинигэ нууччалыы тылбааһыгар үлэлээбит «Вести-Саха» ГТРК араадьыйатын эрэдээктэрэ Ольга Степанова, суруйааччы чугас аймаҕа Никандр Тимофеев, филология наукатын доктора, бэрэпиэссэр Василий Илларионов, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, мэдиссиинэ наукатын доктора Валериан Николаев уо.д.а. кытыннылар. Ону сэргэ Иван Алексеев кэргэнин балта Христина Солдатова, чугас дьонноро Зинаида Евсеевна уо.д.а. сэдэх ахтыылары оҥордулар.


Анетта Егорова суруйааччы  айар нэһилиэстибэтигэр, кини архыыбыгар «Суоһалдьыйа Толбонноох» трагедия илиинэн суруллубут уонна бэчээттэммит тиэкистэрэ (ол иһигэр, «История создания трагедии «Суосалдьыя Толбонноох 1965-1974» суруктаах чөмөх кумааҕылар), ыстатыйалар хараллан кэлбиттэригэр суруйааччы кыыһа Лира Ивановнаҕа махтанна. Кини суруйааччы нэһилиэстибэтигэр уонна бу саҥа кинигэтигэр тирэнэн, «Суоһалдьыйа Толбонноох» трагедия суруллубут устуоруйатыгар научнай үлэ саҕаланар чинчилээҕин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Ол иһигэр, текстологияны (толкуйдааһынтан саҕалаан суруллан бүтүөр диэри үлэ) чинчийэн, 4 тиэкис (вариант) баарыттан  хайата сүрүн буоларын быһаарар сорук турар. Кини наукаҕа хабааннаах үлэлэрин арыый хойутаан, а.э. дьон кинигэни аахпат буолбут кэмигэр саҕалаабыттарыгар тус  хомолтотун эттэ. Ол эрэн, Иван Алексеев трагедиятыгар ийэ тыл сүмэтэ мунньуллубутунан уонна дьиҥ  сахалыы баай тыллаах-өстөөх айымньы олох сэдэҕинэн хайаан да ааҕарга сүбэлээтэ.
Анетта Андреевна салгыы М.К. Аммосов аатынан ХИФУ доцена, филология наукатын хандьыдаата Людмила Григорьева наука биир сурунаалыгар бэчээттэппит үлэтиттэн билиһиннэрдэ. Чинчийээччи трагедия устуоруйатын үс түһүмэххэ араарар: аан бастаан суруйан  саҕалааһына; 1974 с. испэктээк буолан туруута; 1978 с. кинигэ буолан күн сирин көрүүтэ.
Ааптар ону таһынан Иван Алексеев бу трагедиятыгар 15 сыл үлэлээбитин, 200-чэ сыл уос номоҕо буола сылдьыбыт кэпсээҥҥэ тирэҕирэн суруйбутун бэлиэтээтэ.

Никандр Прокопьевич Тимофеев:
-Мин төрөөбүт күнүм-дьылым буккуллуулаах соҕус, онон 1934 с. төрөөбүт курдук буолан халбыппын. Иван Гаврильевичтыын ийэлэрбит бииргэ төрөөбүттэр. Уйбаан ийэтэ Анна аҕа саастаах (1900 с. буолуохтаах), мин ийэм 1908 с. төрөөбүт диэн сурулла сылдьар этэ. Уйбаанныын икки сыл оскуолаҕа бииргэ үөрэммиппит, онтон Сунтаарга барбыта. Онон поэзияҕа холонор бастакы сылларын көрөр-билэр этим диэхпин сөп. Уйбаан Бүлүү педагогическай училищетын бүтэрбит саха тылын учуутала Рея Павловна Максимова салайар литературнай куруһуогар сылдьарын өйдүүбүн. Хоһоон суруйбатах күнэ диэн суох этэ, тэтэрээт лииһин хайа тардан ылан суруйара. Оскуола хаһыатыгар элбэх хоһооно тахсара…», – диэн, сaлгыы Иван Aлексеев Сергей Зверевтиин уонна  Суорун Омоллооннуун билсиһиилэриттэн кэккэ сабаҕалаaһыннарын кылгaстык билиһиннэрдэ.
Василий Илларионов ааспыт үйэ 60-с сылларыгар Элгээйи интэринээт-оскуолатыгар учууталлара Уйбаан Нуолур «Огонек» сурунаалга саха бэйиэтэ Иван Алексеев хоһоонноро нууччалыы тылбаастанан тахсыбыттарын ааҕан биэрбитин туһунан кэпсээтэ. Василий Васильевич Дьокуускайга устудьуоннуур кэмигэр биир дойдулааҕа Иван Гаврильевич дьиэтигэр сылдьан литература, ускуустуба туһунан бэрт элбэҕи истибитин уо.д.а. махтана аҕынна.


Валериан Парфеньевич  Николаев биир дойдулааҕа Иван Алексеев айар үлэтин сиһилии ырытан, кини эдэр эрдэҕиттэн сытыы-хотуу, киириилээх-тахсыылаах киһитин, тус олоҕор, үлэтигэр кырдьыгы өрө тутан кэлбитин, араадьыйааҕа литература боппуруостарыгар дириҥ ырытыылаах, кириитикэлээх, кырдьыгы өрө тутар биэриилэри оҥорбутун билиһиннэрдэ. Ону сэргэ СӨ норуодунай артыыһа Зоя Багынанова ахтыытыгар сигэнэн, «Суоһалдьыйа Толбонноох» тыйаатыр сыанатыгар туруутун туһунaн: «Суоһалдьыйа Толбонноох» көрөөччүгэ олус ситиһиилээхтик турбута. Бу испэктээк курдук субуруччу отуттан тахса аншлагы ылбыт айымньы Саха тыйаатырын остуоруйатыгар аҕыйаҕа буолуо. Саха ис эйгэтин тутулун илдьэ сылдьар философиялаах, киһи дууһатыгар туспа дьайар, уйулҕаны хамсатар оҥкуллаах буолан Иван Алексеев суруйбут «Суоһалдьыйа Толбоннооҕор» кыттыбыт артыыстар өйдөрүгэр-сүрэхтэригэр сүппэттии сөҥнөҕө. Ол испэктээги көрбүт көрөөччүлэр билиҥҥэ диэри умнубаттар, ахтан-санаан ааһаллар», -– диэн бэлиэтээтэ.

Көрсүһүү кыттыылаахтара Анетта Егорова суруйааччы тус архыыбыгар хараллан сыппыт суруйуулaрын сыa-сым курдук тутaн, «оҕолуу бүөбэйдээн», нууччaлыы тылбаастaтaн киэҥ aaҕaaччыга тaһaaрбытыгaр, айымньыны саҥалыы тыыннаабытыгар махтаннылар уоннa инники чинчийэр үлэтигэр ситиһиилэри, өссө дa сонун кинигэлэри күн сиригэр көрдөрөрүгэр баҕардылар.

БЫҺААРЫЫ:

Иван Алексеев «Суоһалдьыйа Толбонноох» айымньытын 1966 сыл инниттэн саҕалаан баран, 1978 с. бүтэһиктээхтик түмүктээн бэчээттэппит. Айымньы бастаан араадьыйа-туруоруу быһыытынан, онтон испэктээк быһыытынан биһирэммитэ, 12 сылынан ааҕааччыларга тиийбитэ.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кэбээйигэ Ороһооспо дьиктитэ

Дьэ, кырдьык дьикти түгэн Кэбээйигэ Ороһооспо күн буолла. Тохсунньу тоһуттар тымныытыгар иһийэн турар тыаны оҕолор…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Сарсыҥҥыттан “Инникигэ хардыы” кэмпириэнсийэ саҕаланар

Сарсыҥҥыттан  академик В.П. Ларионов аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи “Инникигэ хардыы” билим кэмпириэнсийэ-эдэр чинчийээччилэр куонкурустара саҕаланар.  Барыта 1600-тэн…

56 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Национальнай бырайыагынан өссө икки Култуура дьиэтэ тутуллар

Дойду баһылыга Владимир Путин көҕүлээбит "Култуура"  национальнай бырайыагынан  Сунтаар улууһун Кириэстээҕэр  Култуура дьиэтэ уонна Мэҥэ…

2 часа ago
  • Сонуннар

2024 сылга 25 пиэрмэр грант ылан туһанна

Дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин көҕүлээбит  «Дьоҕус уонна орто урбаан» национальнай бырайыак иһинэн үлэлиир «Акселерация…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уус Алдан таксиһыгар махтаналлар

Байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар, госпиталларга сытар байыастарга көмөнү ыытыы бырааһынньык да күннэргэ тохтообот. -…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тарбах уонна майгы

Уһуктаах тарбахтаах киһи, сүнньүнэн, сайдыбыт куттаах-сүрдээх, айар дьоҕурдаах. Төгүрүк тарбахтаах киһи – дьыалабыай, эргиэмсик, практик.…

4 часа ago