Суоһурҕаныы, эйэргэһии уонна кистэлэҥ кэпсэтиилэр туһунан санаалар

Суоһурҕаныы, эйэргэһии уонна кистэлэҥ кэпсэтиилэр туһунан санаалар

Ааптар:
29.09.2022, 12:12
Бөлөххө киир:

Хааччахтаах хомуур улахан сэриини уодьуганныыр 

Арассыыйаҕа уонна аан дойдуга буола турар кэлиҥҥи быһыыттан-майгыттан  сэдиптээн, бүрүүкээн турар глобальнай кризис түгэҕэ көстөн эрэр. Аан дойду олоҕун тускулун быһаарар саҥа укулаат олохтонон, Арассыыйа күүс өттүнэн бэйэтин оннун булуута түмүктэнэн эрэр диэн толкуйга кэлэбин.

Саудиттар оруоллара

Бастатан туран, ааспыт нэдиэ­лэҕэ буолбут Украина уонна Арассыыйа икки өттүттэн билиэҥ­ҥэ түбэспит дьону хардарыта атастаһыы туһунан ырытыахха. Биир өттүттэн көрөр буол­лахха, Саудовскай Аравия курдук саамай баай дойду нэһи­лиэнньик принцэ бен Салман (билигин премьер-миниис­тир буолла), билиэҥҥэ сылдьар дьону хардарыта атастаһыыга кыттыһыыта мээнэҕэ буолбатах курдук. Ити аата Саудовскай Аравия Украинаны уонна Арассыыйаны эйэлэһиннэрэ сатааччы, нууччалыыта, посредник, быһыытынан киирсиигэ сөбүлэниитин туоһута. Оччотугар икки дойду икки ардыгар буола турар байыаннай киирсиини тохтотор туһунан туох эрэ кистэлэҥ сөбүлэсиһии үөскээбит буолуон сөп, диэн сабаҕалааһын оруннаах. Итинник, билиэҥ­ҥэ сылдьар дьону атастаһыыга хардарыта сөбүлэһии суоҕа буол­лар, саудиттар хоруолларын нэһилиэнньигэ уонна Турция бэрэ­сидьиэнэ курдук үрдүкү соло­лоох дьоҥҥо сыһыаран публичнай хамсаныылар тахсыа суох этилэр.

Айдааннаах икки дойду икки ардыгар кыбыллан, сэрии тохтууругар бэйэ кылаатын киллэрии саудиттарга эмиэ олус улахан суолталаах. Хас да сыллаа­ҕыта биллиилээх оппозиционнай суруналыыһы Саудовскай Аравия Турциятааҕы посольствотыгар тугунан эрэ кучуйан, албыннаан ыҥыран ылан баран өлөрүү тү­­бэлтэтэ тахсыбыта. Бу быһылаан аан дойду үрдүнэн киэҥ араллааны таһаарбыта. Сиэргэ баппат бу буруйу оҥорууга быһаччы кыттыгастаах диэн бен Салманы буруйдаан тураллар. Онтон сылтаан бен Салманы кытта араас дойдулар салайааччылара тус сыһыаннарын тохтоппуттара. АХШ Бэрэсидьиэнэ суруналыыс­тары кытта көрсүһүүтүгэр кинини «өлөрүөхсүт» диэн аһаҕастык буруйдаабыта уонна өссө «кини эппиэккэ тардыллыахтаах» диэбитэ.

Быйыл сайын саҕаланыыта Джо Байден аан дойдуга барытыгар бүрүүкээбит ньиэп сыаната аһары үрдээһиниттэн тахсыбыт кризиһи уодьуганнаары, саудиттары Арассыыйаны утары санкцияларга кыттыһыннараары Саудовскай Аравияҕа баран кэпсэтиилэри ыыта сылдьыбыта. Ити сырыытын кэмигэр кини бен Салманы кытта көрсөн илии тутуһарга күһэллибитэ. Ол гынан баран, көрсүһүү кэнниттэн наследнай принци «өлөрүөхсүт» диэн буруйдуурун хаты­лаан бигэргэппитэ. Онтон сыл­таан АХШ уонна Саудовскай Аравия сыһыаннара өссө сытыырхайбыта. Байден кэпсэтиилэрэ туох да түмүгэ суох халтайга хаалбыта.

Американы уонна Арҕааҥҥы дойдулары кытта иирсибит Саудовскай Аравияны ШОС диэн Арассыыйа уонна Кытай тэрийбит дойдулар түмсүүлэригэр кыттыһарга бэлэмин туһунан биллэрбитэ. Аан дойду биир саамай бөдөҥ ньиэби хостуур уонна онон эргинэр дойдута маннык политическай суолталаах быһаарыныыта АХШ уонна кини союзниктарын ортотугар улахан кутталы үөскэппитэ саарбаҕа суох.

Америка сыыһа хамнаныылара

Инньэ гынан, бу үөскээбит быһыы-майгы Украина уонна Арассыыйа икки ардыгар буола турар атааннаһыы быһаарыллыытыгар кистэлэҥ кыахтары үөскэппитэ.

Биир курдук, Америка геополитикаҕа сыыһа хамнаныылара Арассыыйа, Кытай уонна Саудовскай Аравия политическай интэриэстэрэ ыкса чугасаһыыларыгар тириэртэ. Бу бен Салман, Владимир Путин уонна Син Цзиньпин өйдөһүүлэрэ уонна итэҕэйсиилэрэ кэҥииригэр аҕалла. Путин тэҥнээҕин курдук көрөн кэпсэтэр итэҕэллээх аан дойду лидердэрэ суоҕун кэриэтэ курдук буолла. Маннык усу­луобуйаҕа Украинаны кытта кэпсэтиилэри саҕалыырга кини итэҕэйиэн сөптөөх киһитэ бен Салман буолан таҕыста.

Иккис өттүттэн, АХШ уонна кини союзниктара саудиттар принцтэрин төһө да сөбүлээбэтэллэр, буруйдааталлар, кинини кытта сыһыаннарыттан төрдүттэн аккаастанар, ньиэп ырыынагын тэбэр тымырын бэйэтин илиитигэр тутан олорор киһини билиммэт буолар кыахтара эмиэ  суох. Кинини кытта сыһыаны хат олохтоон, кэпсэтиилэри ыытан, тирээн турар кыстыгы туоруур, салайан олорор норуоттарын уордайыытыттан төлөрүйүү, былаастан сааттаахтык үүрүллүү куттала бүрүүкээһинин кыһалҕата Арҕааҥҥы дойдулар лидердэригэр билигин туохтааҕар да ордук сытыытык турар кэмэ. Бу лидердэр бэйэлэрэ бэйэлэрин хаайбыт муннуктарыттан сирэйдэрэ кытарбакка тахсалларыгар, саудиттары кытта кэпсэти­һиилэри ыыталларыгар, сыһыаннарын көннөрөллөрүгэр, бен Салман «украинатааҕы кризискэ» эйэни түстээччи, посредник буолуута кинилэргэ бэйэтэ тосхойбут табыгастаах төрүөтүнэн буолар.

Хааччахтаах хомуур туһунан

Бу күннэргэ буола турар хааччахтаах хомуур (частичная мобилизация) Арассыыйа Украинаны уонна НАТО дойдуларын кытта улахан сэриигэ бэлэмнэниитэ буолбатах. Бу хамнаныы биһиги дойдубут Арассыыйа уонна Украина икки ардыгар буола турар хаан тохтуулаах конфлигы тохтотор сорунуулааҕын туоһулуур.

Арассыыйа Украинаны кытта уонна конфликт салгыы дириҥээн, кэҥээн, улаатан барар түбэлтэтигэр НАТО дойдуларын кытта сэриилэһэргэ баҕалааҕа эбитэ буоллар, дойдуга ыытылла турар хомууру хааччахтыа суох­таах этэ. История кэрэһи­лииринэн ханнык баҕарар байыаннай конфликт кэмигэр мобилизация (хааччахтаммыт да буоллаҕына) син уһун кэми эрэйэр.

ЛНР-га, ДНР-га уонна Украина соҕуруу уонна илин өттүнээҕи уобаластарга (Херсон уонна Запорожье уобаластарыгар) Арассыыйаҕа холбоһуу туһунан референдумнар икки дойду икки ардыгар буола турар ба­­йыаннай конфликт тутатына тохтууругар тириэрдибэттэрэ биллэр. Оччотугар ыытылла турар анал байыаннай операция улаатан бу икки дойду икки ардыгар улахан сэриигэ кубулуйар куттала улахан.

Маннык түгэҥҥэ Украинаны өйүүр, үбүлүүр, сэрии сэбинэн хааччыйар НАТО дойдулара бу сэриигэ быһаччы кыттыһан барыыларын куттала, сэрии өссө улаатан, сириэдийэн күүһүрэн, Үһүс аан дойду сэриитигэр кубулуйар куттала суоһуур. Бу туох даҕаны мэлдьэҕэ суох.

Маннык түгэҥҥэ Арассыыйа хааччахтаах хомууру ыытыыта, тус бэйэтин сиригэр-уотугар биир ньыгыл туругун сүтэрэр куттала үөскээтэҕинэ баар кыаҕы (ол иһигэр ядернай сэрии сэбин) толору туһанарга бэлэмин туһунан аһаҕастык иһитиннэриитэ, бу киирсиигэ атын дойдулар кыттыһар баҕаларын уодьуганныырга туһаайыллар. Оттон Арассыыйа маныаха атын сыалы-соругу туруо­рунара буоллар, мобилизацияны толору ыытыа, хомууру ыытыыны өссө ордук сорунуу­лаахтык уонна турунуу­лаахтык оҥоруо, хомуурга түбэ­һиэн сөптөөх дьон дойду тас өттүгэр маассабайдык күрээһинин маҥнайгыттан хааччахтыа этэ.

Ити барыта Арҕааҥы дойдулар конфликка кыттыһар баҕаларын төрдүттэн туоратарга ананар диэн сыаналыыбын.

Карта уларыйыыта

Аны Украина уонна Арас­сыыйа икки ардыгар байыаннай конфликт түмүгэр Украина билиҥҥи картата уларыйыытын туһунан этэр буоллахха маннык:

Биллэн турар, хайа баҕарар сэрии, байыаннай уонна политическэй конфликт хаһан эрэ туох эрэ сүүйүүлээх/сүүйтэриилээх түмүктэнэр. Крым Арассыыйаҕа туһунан регион быһыытынан холбонуутун чиҥэтэр, Крым сиригэр-уотугар материковой территорияттан куттал суоһааһынын төрдүттэн суох оҥорор туһугар Украина соҕуруулуу-илин сытар Херсон уонна Запорожье уобаластарын Арассыыйаҕа хол­бооһун тыын суолталаах.

Кырдьык, Крымнааҕы полуостров Арассыыйа састаабыгар киирбитин кэннэ, кини материгы кытта силбэһэр сирэ Украина территориятын эрэ кытта быысаһыыта, Крым кэнэҕэски дьылҕатыгар өрүү суоһуур кутталы үөскэтэрэ. Маннык быһыы-майгы Арассыыйаҕа кэлэр өттүгэр кыайан быһаарыллыбат геополитическай проблемаҕа тириэрдэр. Бу проблеманы Арассыыйа уһун кэмҥэ тулуйан олорбото өйдөнөр этэ. Итинтэн сиэттэрэн Арассыыйаҕа бу проблематтан төлөрүйэр туһугар туох эрэ геополитическай хамнаныылары оҥоруохтааҕа – кэтэһиллэр балаһыанньа этэ. Манна эбэн этэр буоллахха, Владимир Путин бу ситуацияны дойдуну бэйэтэ салайан олорор кэмигэр быһаарарга дьулуһуута эмиэ өйдөнөр суол.

Украина ЕС уонна НАТО курдук Арассыыйаны утары туһаа­йыылаах политическай түмсүүлэргэ киирэргэ дьулуһуутун, мантан салгыы ЕС уонна НАТО кыраныыссалара Арассыыйа сиригэр-уотугар быһаччы чугаһаа­һынын туһунан элбэхтэ этиллибитэ, дьүүллэһиллибитэ. Онон ити боппуруоска уһуннук тохтоомуох­ха сөп.

Итинник баһыыны-майгыны учуоттаан көрөр буоллахха, Арассыыйа бу буола турар «украинатааҕы» конфликка туох сыалы-соругу ситиһэргэ дьулуһара өйдөнөр:

– Украина соҕуруу уонна илин өттүгэр түптээн олорор нууччалары өйөөн, кыһалҕаларын бы­­һаарыы, кинилэр дьылҕаларыгар суоһуур кутталы туоратыы;

– Крымтан сылтаан Арас­сыыйа үрдүгэр ыйанан турар «Дамокл батаһын» политическай уонна байыаннай кыһалҕатын суох оҥоруу;

– Азовскай муораны Арас­сыыйа ис муоратыгар кубулутуу, Хара муора бу эҥэринээҕи региоҥ­ҥа Арассыыйа позициятын күүһүрдүү уонна бигэ туруктаах оҥоруу;

– Билиҥҥи геополитическэй площадка биир сүрүн быһаарар кыахтаах оонньооччутун быһыытынан Арассыыйа балаһыанньатын күүһүрдүү;

– Иккис Аан дойду сэриитин кэнниттэн үөскээбит аан дойду олоҕун тускулун быһаа­рар бэрээдэк (порядок миро­устройства) үрэллиитин учуот­таан, Арассыыйа, Кытай уо.д.а. дойдулар кыахтарын учуоттуур уонна билинэр саҥа бэрээдэги олохтооһун.

Күүлэкээн.

Хаартыска Виктор Антонюк, РИА НОВОСТИ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -44°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: