Кыстыкпыт хойутаан, сүөһүнү идэһэҕэ туттуу хойутаан саҕаланна. Тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар эмиэ соҕотуопкалааһын былаанын толорууга туруннулар.
Өрөспүүбүлүкэ 1088 туонна эти тутуохтаах, ол иһигэр 815,5 туонна ынах этин, 272,5 туонна сылгы этин (убаһа). Билиҥҥи туругунан, 448 т ынах этин, 30 т сылгы этин туппуттар (сыыппара туттарыы хаамыытынан хамсыыр).
Эти тутуунан өрөспүүбүлүкэҕэ 18 соҕотуопкалыыр тэрилтэ дьарыктанар. Кинилэртэн “Түмэн” (30 т) уонна “Хоту”(20 т кэриҥин) кэпэрэтииптэр убаһа этин балачча элбэҕи тутуохтара. Ынах этигэр “Чурапчы” уонна “Амма” кэпэрэтииптэр үрдүк былааннаахтар.
Өрөспүүбүлүкэҕэ эти соҕотуопкалыыр хаһаайыстыбалартан саамай үгүөрүтүк тутааччынан “Чурапчы” ТХПК буолар. Быйылгы эти тутуу хайдах саҕаламмытый? Дьыл хойутаан саҕаланан, сорох дьон отторун харыстаан, сүөһүлэрин бэйэлэрэ эрдэ өлөрбүттэр. Хаһаайыстыба атырдьах-балаҕан ыйыттан саҕалаан эти туппут. Ол сыала-соруга биллэр – бүддьүөт тэрилтэлэрин – дьыссааты, оскуолалары, балыыһалары хааччыйыы. Быйылгы былааннара – 126 т ынах этин тутуу, онон 833 төбө сүөһүнү тутарга контрактация дуогабара түһэрсиллибит. 761 төбөнү буойунаҕа өлөрбүттэр. 102 сүөһүнү кэтэх дьоҥҥо өлөрөн биэрэн, иһин сууйан, ыраастаан, атыылыылларыгар “Меркурийдарын” оҥорон биэрбиттэр. Буойуна механизациялаах, 120-130 төбөнү өлөрөн астыыр кыахтаах. Ону кэпэрэтиип 2016 с. саҥардан биэрбит.
Билигин туппут эттэрин уопсай кээмэйэ – 86 т 47 киилэ. Үрдүк суортаах киилэ эти 450 солк. туттулар, орто суортааҕы – 420 солк. Ону тэҥэ 10 т сылгы этин, 10 т убаһа киэнин тутуохтара. Билигин итинтэн 6-7 т убаһа этин туттулар. Эти “Мындаҕаайы” ТХПК үчүгэйдик туттарбыт. Мырылаттан 170 төбө киирбит, “Петров” бааһынай хаһаайыстыба үчүгэй көрдөрүүлээх. Чурапчыттан “Комплекс” бааһынай хаһаайыстыбаны уо.д.а. ааттыахха сөп.
“Былырыыҥҥыга холоотоххо, эт туруга олох үчүгэй. Туох-баар ирдэнэр анаалыстары этэҥҥэ аастылар. Суол аһылыннаҕына, Дьокуускайга атыылыы киириэхпит. Сэтинньи 25 күнүгэр улууспутугар “Идэһэ-2022” атыы дьаарбаҥкатын тэрийиэхпит. Сүөһү туруга быйыл үчүгэй, кэнчээри от тахсан туруктара үчүгэй”, – диэтэ “Чурапчы” ТХПК салайааччыта Николай Афанасьевич Аржаков.
Нам улууһугар Никольскайга баар 15 төбөнү астыырга аналлаах убуойунай сыах балаҕан ыйыттан үлэлиир. “Эрэл” кэпэрэтиип 25 т ынах этин тутарга соруктанар. Онон кэпэрэтиип хаһаайыстыбалары кытта эрдэ дуогабардаспыт, эрдэ абаансалаабыт. Хамаҕаттаттан бааһынай хаһаайыстыбалаах Герасимов Геннадий Владимирович эти ботуччу туттарбытын холобурдуохха сөп.
Ону тэҥэ эмиэ чурапчылар курдук, нэһилиэнньэ сүөһүтүн өлөрөн, астаан-ыраастаан биэрэр өҥөнү оҥороллорун олохтоохтор биһирээбиттэр. Быйыл онон 140-ча ынах сүөһүнү астатан, бу өҥөнөн туһаммыттар.
Билигин ынах сүөһүнү тутан, астаан-үөллээн бүтэрбиттэр. Аны билигин биэлэри уонна убаһалары өлөрөн, астыахтара. “Эрэллэр” ынах этин 470-нуу, убаһаны –500 солк. туталлар.
“Үс дьоҕус маҕаһыыннаахпыт, туппут эппитин онно атыылыыбыт. Полуфабрикаттары бэлэмниир сыахпытыгар астааммыт эмиэ нэһилиэнньэҕэ атыылыыбыт, куоратынан батарабыт, бүддьүөт тэрилтэлэрин хааччыйабыт”, – диир “Эрэл” кэпэрэтиип бэрэссэдээтэлэ Ньургун Феофанович Гуляев.
Быйыл саҥа саҕалааччылар эмиэ бааллар. Ол курдук, “Горнай-Ас “ ТХПК быйыл бу хайысхаҕа саҥа ылсан эрэр. Билиҥҥитэ улахан хаһаайыстыбалар эт туттарбыттар. Былаан быһыытынан 24 т ынах этин, 12 т убаһа этин тутуохтаахтар. Билигин ынах сүөһүнү астыы сылдьаллар. Буойуналара Бэрдьигэстээх бөһүөлэгин таһыгар баар. Онно кэпэрэтиип эр дьоно үлэлииллэр, 4 дьахтары ис ыраастааһыныгар кытыннарбыттар.
– Аан бастаан дьарыктанар буолан, нэһилиэктэртэн аҕалыытын кыайбатыбыт дии санаатым. Тоҕо диэтэххэ, Горнайга нэһилиэктэрбит тэйиччи сыталлар. Туттарыан баҕалаахтарга массыынанан бэйэҕит тиэйэн аҕалаҕыт диэн усулуобуйа оҥорбуппут, ону ыарырҕаттылар быһыылаах. Дьиҥэ, бэйэбит тиэйэн аҕалар массыыналаахпыт буоллар бэрт буолуо эбит. Сайын уопут атастаһа Сунтаарга сылдьыбыппыт. Онно Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ көһө сылдьан сүөһүнү өлөрөр-астыыр буойуна пууна баарын туһунан хартыынанан көрдөрөн кэпсээбитэ. Сыаналаах эбит этэ. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ быйыл ынах, сылгы этигэр субсидия көрөн, өйөөтө. Бу олус үчүгэй дии саныыбыт. Бастакы саҕалыыр буоламмыт, үлэбит түмүктэннэҕинэ, дьэ эһиилги былааммытын, хайдах дьаһанар, хаһаайыстыбалары, кэтэх ыаллары кытта үлэлэһэбит диэн түмүк оҥостуохпут, алҕаспытын да көннөрүнүөхпүт”, – диир кэпэрэтиип бэрэссэдээтэлэ Николай Николаевич Ефремов.
“Горнай-Аска” Петр Данилов (Аһыма), Алексей Петров (Бэс Күөлэ), Анна Михайлова (Солоҕон), Яковлевтар (Аһыма), Күөрэлээх олохтоохторо уо.д.а. эти көхтөөхтүк туттарбыттар.
Тыа сирин, хоту дойду олохтоохторо эттэрин ханна батаралларын туһунан эмиэ сурастыбыт. Быйыл ууга улаханнык барбыт Дьааҥы Суордааҕын олохтоохторо идэһэлэрин туттубуттар. Суол аһылыннаҕына, сорохтор “Полюс холода” тэрилтэҕэ туттараары олороллор. Бэҕэһээ Баатаҕайга диэри массыынанан боруобалаан биир сырыы оҥоһуллубут. Онон суол үчүгэйдик арылларын кэтэһэллэр. Хата, икки нэдиэлэ анараа өттүгэр кэмиэрчэскэй рейс толоруллан, суордаахтар куоракка баар устудьуоннарыгар, аймахтарыгар, сорохтор атыыга да быһыылаах 800 киилэ эти, балыгы ыыппыттар. Быһата, тыа сиригэр ким хайдах сатанарынан дьаһанар. Оттон чугас улуустарга сайыҥҥы өттүгэр омуктар кэлэн сүөһүнү атыылаһан барааччылар диэн кэпсээн эмиэ баар. Чэпчэки сыанаҕа да тутталлар, тыа дьоно кирэдьиит, оҕону үөрэттэрии, тиэхиньикэни атыылаһыы эҥин кыһалҕатыттан туттарарга күһэллэр эбит.
Онон, эти тутууга үлэ барар. Тутааччы-соҕотуопкаһыт тэрилтэлэр сонун хайысхалары тобулаллар.
Ынах этин тутуу
2022 с. 11.09 күнүнээҕи туругунан атын хаһаайыстыбалар (туонна)
№-рэ | Хаһаайыстыба аата | 2022 с. былаан | Бу ыйга |
1. | “Амма” ТХППК (Амма) | 105 | 39,98 |
2. | “Бай-Тай” ТПК (Үөһээ Бүлүү) | 30 | 29,4 |
3. | “Полюс Холода” ТХПК | 16 | |
4. | “Сыа Бүлүү”(Бүлүү) | 30 | 8 |
5. | “Мастаах Агро” ТХППК (Бүлүү) | 15 | 8,4 |
6. | “Хоту” ТХППК | 50 | 44,2 |
7. | ”Бурнашев А.А.” ИП (Мэҥэ Хаҥалас) | 20 | |
8. | “Үрдэл” ТХП (Мэҥэ Хаҥалас) | 2 | |
9. | “Янда” ТХПК (Нам) | 18 | 12,25 |
10. | “Васильев А.И.” ИП (Ньурба) | 7,5 | |
11. | “Маалыкай” ТХПК (Ньурба) | 7,5 | |
12. | “Таатта” ТПК (Таатта) | 22 | 12,63 |
13. | “Баай Ас” ТПК (Таатта) | 30 | 7,46 |
14. | “Түмэн” ТХПК (Таатта) | 2 | 4,22 |
15. | “Мүрү-Ас” ТХППК (Уус Алдан) | 7,34 | 0,194 |
16. | “Бөртө-Ас” ТХПК(Хаҥалас) | 10 | |
17. | “Хаҥалас-Ас” ТХПК (Хаҥалас) | 10 |
Хаартыскалары ыытта: «Эрэл» ТХПК (Нам).
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…