Салгыы
Суол алдьанар кэмигэр “Халыма” трассаҕа улахан массыыналар сырыылара хааччахтаныа

Суол алдьанар кэмигэр “Халыма” трассаҕа улахан массыыналар сырыылара хааччахтаныа

25.12.2024, 19:50
Хаартыска: ааптар түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын сылы түмүктүүр кэллиэгийэтигэр өрөспүүбүлүкэҕэ суол-иис өттүгэр туох үлэ барбытын ырыттылар, түмүктэри таһаардылар.

“2019 сылтан “Куттала суох хаачыстыбалаах суоллары тутуу” национальнай бырайыагынан үлэлээн кэллибит, — диэн иһитиннэрдэ миниистир I солбуйааччыта Анатолий Потапов. – Бу 6 сыл түмүгүнэн туох үлэ барда диэтэххэ, 1235 км суолу нуормаҕа эппиэттиир гына оҥордубут. Онно 45 млрд 300 мөл. солк. курдук үп-харчы барда. Ол иһигэр Дьокуускай к. агломерациятын суолларын нуормаҕа эппиэттиир гына оҥордубут”.

Биир улахан үлэ муосталары тутууга ыытыллыбыт. 6 сыл түмүгүнэн 55 муоста нуормаҕа эппиэттиир гына оҥоһуллубут, 55-с үбүлүөйдээх Чуоналыыр муостаны Мииринэй оройуонугар үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарбыттар. 2024 сылга 5 муоста эмиэ нуормаҕа эппиэттиир буолла –“Дьааҥы” суолугар Ольчан, “Өймөкөөн” суолугар Куйдуһун уонна Күбэмэ, ону тэҥэ “Кэбээйи” суолугар Хатыҥ Үрэх уонна “Анаабыр” суолугар Чуоналыыр муосталара.

Национальнай бырайыак чэрчитинэн Дьокуускайга элбэх үлэ ыытыллыбыт, холобур Объездной шоссе 4 балаһаламмыт, быйыл Можайскай уулуссата эмиэ 4 балаһалаах гына оҥоһуллан туттарылынна. Эрэгийиэннээҕи улахан суолларга эмиэ үлэ барбыт, ол курдук “Нам” суолга 18 км тахса усталаах учаастагы оҥорон туттарбыттар, “Умнас” суола ортотунан барьернай хаххалаах 4 балаһалаах суолламмыт. Итиннэ суол эрэ оҥоһуллубат, оптуобус тохтобулларын туталлар, уот ситимин тардаллар, суол бэлиэлэрин туруораллар. Транзитнай суолларга киһи өлүүлээх массыына саахала тахса турар буолан, итини суох гынарга уот ситимин тардар наадалааҕа көстүбүт. Ол түмүгэр “Умнас”, “Нам”, “Амма” суолларыгар уот ситимин тардыы бара турар. Быйыл Ил Дархан сорудаҕынан “Амма” суолун аспааллааһыны саҕалаабыттар, 17 км аспаал бүрүөһүннэммит.

“Биһиги национальнай бырайыак чэрчитинэн эрэ үлэлээбэппит, олохтоох суолларбытыгар болҕомтобутун эмиэ уурабыт”, — диир Анатолий Константинович. – Арктическай улуустарга үлэбитин саҕалаатыбыт. Белай Гораҕа суол өрөмүөнэ саҕаланна. Салгыы “Инфраструктура для жизни” национальнай бырайыак чэрчитинэн үлэлиэхпит, эрэгийиэннээҕи, олохтоох суоллары, Дьокуускайы кытта түөрт куорат уулуссаларын чөлүгэр түһэрии барыаҕа”.

Эһиил Таатта улууһугар Манчаары оонньуулара ыытыллаары тураллар. Тырааныспар министиэристибэтэ былырыыҥҥы быһыы-майгы хатыламматын туһугар бэлэмнэнии үлэлэри ыыта олорор.

“Ааспыт күннэргэ бэйэм тахсан, “Вилюй” ФКУ — бу суолу көрөр-истэр сакаасчыты кытта тахсан үлэлэстибит, билигин сүрүннээн икки учаастакка өрөмүөн үлэтэ саҕаланна. Үбэ-харчыта кыра, онон эһиил сүрүн кыахпытын суолу тутан олорууга, өрөмүөҥҥэ туһаайыахпыт. Улахан габариттаах массыыналар таһаҕастарын уунан ыытыыны үөрэтэн көрбүппүт, итиннэ биир эрэ суол баар – саас суол алдьанар кэмигэр ыам уонна бэс ыйдарыгар Теплай Ключ уонна Аллараа Бэстээх өттүлэриттэн улахан кыамталаах массыыналарга хаарчах оҥоруохпут. Ону тутустахпытына, бу кыһалҕаны быһаарыахпыт”, — диэн түмүктээтэ миниистир I солбуйааччы.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: