Дьокуускайга суол быһылааныгар оҕо эчэйдэ

Дьокуускайга суол быһылааныгар оҕо эчэйдэ

07.04.2023, 17:14
Суолга куттал суох буолуутун иниспиэксийэтин пресс-сулууспатын хаартыската
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, муус устар 6 күнүгэр, Госавтоинспекция дьуһуурунай бөлөҕүгэр “суһал көмө” диспиэтчэриттэн Маҕан бөһүөлэгин Алымов уулуссатын 22 №-дээх дьиэтин аттыгар суол быһылаана тахсыбытын, эчэйбит дьон баарын туһунан иһитиннэрии киирбит.

Ол туһунан Суолга куттал суох буолуутун судаарыстыбаннай иниспиэксийэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

1967 сыллаах төрүөх суоппар Маҕан бөһүөлэгэр Алымов уулуссатынан маршрутнай оптуобуһунан бүтэһик тохтобул диэки баран иһэн, суолу көҥүллэммэт сиргэ туораан испит 10 саастаах кыыһы түҥнэри көттө.

Суол тырааныспарын быһылаанын түмүгэр, сааһын ситэ илик кыыс эт-сиин эчэйиитин ылла. 56 саастаах оптуобус суоппара, «В, С, Д, Э» категориялаах суоппардыыр дастабырыанньалаах, 30 сыл ыстаастаах. Суолга куттал суох буолуутун судаарыстыбаннай иниспиэксийэтин дааннайынан, административнай эппиэтинэскэ тардыллыбатах. Силиэстийэлиир үлэ барар.

Суолга куттал суох буолуутун кэтиир иниспиэксийэ үлэһиттэрэ саас кэлэн, халтараан буолбутунан, суолга болҕомтолоох уонна сэрэхтээх буоларга, суол быраабылатын тутуһарга ыҥыраллар. Манна даҕатан эттэххэ, сатыы дьон быраабыланы тутуспат буолуулара үксээн иһэрин бэлиэтиэххэ наада. Сатыы дьон массыына суолугар мээнэ тахсан хаамалларыттан үгүс быһылаан тахсар диэн бэлиэтииллэр.

Хас биирдии сатыы киһи тимир көлөнү ыллыҥ даҕаны тохтотор кыаллыбатын өйдүөхтээх, оттон суоппардар массыына күүһэ улаханын, кутталлааҕын  учуоттаан, сэрэнэн сылдьыахтаахтар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -23°Влажность: 77% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: