Суол быһылааныгар оҕо эмсэҕэлээтэ
19.04.2023, 11:38
Хаартыска: t.me/gibdd14
Бөлөххө киир:
Бэҕэһээ, муус устар 18 күнүгэр, Госавтоинспекция дьуһуурунай бөлөҕөр, күнүс 13 чаас саҕана, ПАЗ оптуобус суоппарыттан суол быһылаана тахсыбытын туһунан иһитиннэрии киирбит. Ол курдук, быһылаан Дьокуускайга Ильменскай уулуссаҕа тахсыбыт.
Бэрэбиэркэ кэмигэр биллибитэ, 1975 сыллаах төрүөх суоппар «Тойота Краун» массыынаны ыытан иһэн, ПАЗ оптуобуһу кытары харсыспыт.
Суол быһылаанын кэнниттэн 16 чаас саҕана, ПАЗ оптуобуска олорсон испит 12 саастаах кыыс уонна 1974 сыллаах төрүөх пассажир эчэйиини ыланнар Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 нүөмэрдээх балыыһаҕа кэлэн көрдөрбүттэр.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: