Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 9 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр.
Үөһээ Бүлүү улууһугар 1967 сыллаах төрүөх киһини өлөрдүлэр, бу быһылааҥҥа уорбаланааччы ким буолара билиннэ. Эдьигээн оройуонугар күүһүлээһиҥҥэ сайабылыанньа киирбит.
Дьокуускай куоракка Космонавтар уулуссаларыгар суотабай төлөпүөнү күүстэринэн былдьаан ылбыттара бэлиэтэннэ. Маны таһынан өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар түөкүннээһиҥҥэ, массыынаны күрэтэн барыыга сайабылыанньалар киирдилэр.
Аллайыаха оройуонугар Чокуурдаахтан 6 км сиргэ, кыһыҥҥы суолга, 1989 сыллаах төрүөх киһи «Yamaha Professional-2» снегоходу ыытан иһэн түҥнэстибит. Суол быһылаанын түмүгэр эр киһи суорума суолламмыт.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…