Суол быһылааныгар сылгытын сүтэрбит биэнсийэлээх дьахтарга хоромньу төлөнүөҕэ

Share

Горнай оройуонунун борокуратууратын ирдэбилинэн, биэнсийэлээх дьахтар сылгытын тырааныспарынан түҥнэри көппүттэринэн материальнай хоромньу төлөнүөҕэ.

Ол курдук, Горнай оройуон борокуратуурата биэнсийэлээх дьахтар көрдөһүүтүнэн бэрэбиэркэ ыыппыт. Силиэстийэ быһаарыытынан, 2022 сыл олунньу ыйыгар «Бүлүү» айан суол трассатын 95 км.+700 м. учаастагар сылгыны түҥнэри көтүүлээх суол быһылаана тахсыбыт. Түмүгэр дьахтар сылгыта суох хаалбыт.

Биэнсийэлээх дьахтар 9 оҕолоох, 35 сиэннээх, 3 хос сиэннээх, «I истиэпэннээх Ийэ килбиэнэ» уордьан хаһаайката буолар. Бу иннинэ кини урут хаста да төгүл материальнай хоромньуну толуйарга сайабалыанньа суруйбут да, туох да көмө оҥоһуллубатах, быһаарыы ылыныллыбатах.

Борокуратуура хоромньу сууматын көрдүүр туһунан дьыаланы суут көрүүтүгэр ыыппыт.
Горнай уууһун суута борокуратуура ирдэбилин ылынан, сайабылыанньалаах дьахтарга 52 тыһ. солк. хоромньуну төлүүргэ быһаарыы ылыммыт. Суут быһаарыыта сокуоннай күүһүгэр киирэ илик. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.

What’s your Reaction?
+1
10
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
2
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

ТУСКУЛ: «Кулун тутар урукку сылларга тэҥнээтэххэ сымнаһыар»

«Кулун тутар үгүс улуустарга былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, балай да сылаас буолара сабаҕаланар» диэн үгэс быһыытынан кулун…

33 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээн улууһун Бэстээҕэр эдэр исписэлиистэргэ дьиэ тутуохтара

Эдьигээн улууһун Бэстээх сэлиэнньэтигэр «Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын чэрчитинэн эдэр исписэлиистэргэ олорор дьиэ…

45 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кулун тутар ый билгэтэ

Кулун тутар ый күнэ - Хотой кэлэн уйатын хаардыыр, көмнөх хаар түһэр. Ымыы көстөр. Кулун…

1 час ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар

Саха сирин бырайыактара эрэгийиэннээҕи бириэмийэ лауреаттарынан буоллулар

Хабаровскайга «Серебряный Лучник» – Уһук Илин  эрэгийиэннээҕи XIV бириэмийэ кыайыылаахтарын үөрүүлээх быһыыга-майгыга эҕэрдэлээтилэр. Куонкурус түмүгүнэн…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Алгыстаах саха үҥкүүтэ» кэнсиэртэн -– сааскылыы сандааран

Саха сирин төрүт култууратыгар, норуот үҥкүүтүгэр сүгүрүйээччилэргэ олунньу ый бүтэһик күнэ кэрэ-бэлиэ, умнуллубат түгэни бэлэхтээтэ.…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Унитаз уута тохтубутунан управляющай хампаанньа дьахтарга 600 тыһ. солк. тахса сууманы төлүөҕэ

Былырыын тохсунньу 10 күнүгэр Бэрдьигэстээххэ Березовая уулуссаҕа кыбаартыыра иһигэр унитаз иһиттэн канализация уута тоҕо баран,…

2 часа ago