Суол быраабылатын кэһии ыстарааба үрдээри турар

Share

2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн суол быраабылатын кэһии ыстараабын үрдэтэр былааннаахтар диэн “Ведомости” хаһыат иһитиннэрэр.

РФ бырабыыталыстыбата КоАП-ка көннөрүүлэри киллэрэр бырайыагы оҥорбут.

Бырайыак быһыытынан, куру иилиммэтэххинэ ыстарааба 1000-тан 1500 солк. диэри.

Итирик туруктаах массыынаны ыыта сылдьан тутулуннахха – 30000 солкуобайтан 45000 солк. диэри.

Ускуораһы улаатыннардахха уонна суол бэлиэлэрин ирдэбиллэрин тутуспатахха: төһө улаатыннарбыккынан көрөн, 500-5000 солкуобайтан 750-7500 солк. диэри.

Маны таһынан, ыстараабы төһөнөн түргэнник төлүүгүн да, соччонон чэпчэтиллэр кээмэйигэр эмиэ уларыйыы киирбит. Билигин 20 күн иһигэр ыстараап сууматыттан 50 бырыһыаны төлүүллэрин оннугар, тохсунньу 1 күнүттэн суоппардар 30 күн иһигэр 75 бырыһыанын  төлүөхтэрин сөп.

Алтынньыга бэрэсидьиэн Владимир Путин массыына нүөмэрин кистээтэххэ балтараа сыл устатыгар  быраабыҥ былдьанарын туһунан сокуоҥҥа илии баттаабыта.  Билигин маннык кэһии иһин ыстарааба 5 тыһ. солк. эбэтэр 1-3 ыйга быраабыҥ былдьанар.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Дьокуускайга бастакы тифло-бэстибээл ыытылынна

Дойду үрдүнэн харахтарынан көрбөт дьоҥҥо туһуламмыт «Үрүҥ торуоска» аахсыйа сылын ахсын алтынньы ый 15 күнүттэн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл үгэскэ кубулуйда

Быйыл үгэс быһыытынан "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ  бэрт  кэрэхсэбиллээх түгэннэри бэлэхтиэҕэ. Ол…

2 часа ago
  • Сонуннар

Урбаанньыт дьахталлар сонун сүүрээннэри торумнаатылар

Бу күннэргэ Дьокуускайга урбаанньыт дьахталлар “Биисинэс эйгэтэ дьахтар көрүүтүнэн” бырайыак олоххо киириитин 10 сыллаах үбүлүөйүн…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үөһээ бүлүүлэр байыастарга баһыылка ыыттылар

Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо байыастарга анаан баһыылкалары бэлэмнээн, икки массыынанан Дьокуускайга ыыттылар. Бу туһунан улуус…

3 часа ago
  • Сонуннар

Таатта улууһун баһылыктарын сэбиэтэ сүбэ мунньаҕы ыытта

Бу күннэргэ баһылыктар сэбиэттэрин уочараттаах мунньаҕар Таатта улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын уонна тэрилтэлэри кытта бииргэ үлэлээһин…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүөхүмэҕэ ойуур кыылларын аһаталлар

Кыһыҥҥы кэмҥэ кыыл-сүөл ордук эбии аһылыкка наадыйар. Эбии аһылыгы, тууһу уонна сэбирдэхтээх талахтары дьиикэй кыыллар…

4 часа ago