Салгыы
Саха сиригэр быйыл суол тутуутугар 10,2 млрд солк. көрүллүбүт

Саха сиригэр быйыл суол тутуутугар 10,2 млрд солк. көрүллүбүт

02.03.2024, 11:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Тырааныспар уонна суол инфраструктуратын сайыннарыы дьон олоҕо уонна экэниэмикэ сайдарыгар улахан оруоллаах. Аныгы кэмҥэ тырааныспар, суол-иис сайдыыта экэниэмикэни хамсатар сүрүн өрүтүнэн буолар. Били, эппиккэ дылы, «суола суох – олох суох». Кэнники сылларга Саха сирэ тырааныспар ситимин сайыннарыыга Уһук Илиҥҥэ бастыҥ көрдөрүүлээҕэ бэлиэтэнэр.

Ааспыт сылга өрөспүү­бүлүкэ тырааныспарын ситимин сайыннарыыга 21 млрд солк. үп көрүллүбүтэ, ол иһигэр 15,5 млрд солк. – өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн, оттон 4,5 млрд солк. федеральнай бүддьүөттэн үбүлэммитэ. Итини таһынан ис суолу тутууга олохтоох бүддьүөт үбэ туһаныллан, 2023 сылга уопсайа 432 км массыына суола, ол иһигэр: 47 км – федеральнай, 270 км – эрэги­йиэннээҕи уонна 115 км олохтоох суол оҥоһуллубута.

Куттала суох, хаачыстыбалаах суол

Тупсаҕай уонна табыгас­таах эйгэни тэрийии киэлитинэн, кэнники сылларга «Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак үлэлиир. Ааспыт, 2023 сылга «Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар» национальнай быра­йыагынан 299,63 км массыына суола оҥоһуллубута, ол иһигэр 270,13 км эрэгийиэннээҕи уонна 29,50 км олохтоох суолталаах суоллар.

Быйыл бу бырайыагынан суол тутуутугар көрүллүбүт үп кээмэйэ 10,2 млрд солк., итинтэн 4,7 млрд солк. федеральнай бүддьүөттэн кэлэр. Дьокуускай куоракка бу быра­йыагынан үлэ күүскэ барарын бэлиэтиир тоҕоостоох. Кэнники сылларга киин куораппыт уулуссаларын суола-ииһэ олус алдьаммытын бары көрө-билэ сылдьабыт. Былырыыны быһа өрөмүөннэммит «Нам» айан суолун, аэропорт оройуонугар баар Можайскай уулуссатыттан Марха бөһүөлэгин киириитигэр диэри уонна «Умнас» айан суолун Хатас кыраныыссатыттан Владимировкаҕа диэри суолу оҥордулар, быйыл салгыы оҥоруохтара.

Икки сылы быһа Дькуускай куорат киин уулуссатын – Ленин проспегын, итини таһынан эмиэ биир улахан ууслусса – Поярков суолун-ииһин ситимин өрөмүөнэ дьэ бүттэ бадахтаах. Ааспыт сылга социаль­най суолталаах эбийиэк­тэр – Покровскайдыыр суол 8-с км баар Оҕо сэллигин санаторийыгар, Петр Алексеев аатынан суолга турар Хаан кутар ыстаансыйаҕа  тиийэр суол оҥоһуллан, аспаалланан үлэҕэ киирдэ. Ону сэргэ ааспыт сылга куорат кытыыты­нааҕы нэһилиэнньэлээх пууннарга ураты болҕомто уурулунна – ол курдук Табаҕа, Мархаҕа, Сыырдаахха уулуссалар хапытаалынай өрөмүөннэрэ түмүктэннэ.

Күргэлэри  тутуу

Улахан болҕомто хаарбах туруктаах күргэлэри саҥардан оҥорууга уонна тутууга ууруллар. Ол курдук ааспыт сылга үс күргэ – Томпо улууһугар от ыйыгар «Дьааҥы» айан суолугар Мөҥкүлэ уонна Томпорук үрэхтэри туоруур күргэ уонна Ленскэй улууһугар сэтинньигэ «Мухтуйа» айан суолугар Ньүүйэ үрэҕи туоруур күргэ тутуллан үлэҕэ киирбиттэрэ. Бу күргэлэр сиртэн хостонор баайдаах сирдэри туһаҕа таһаарыы уонна өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-илиҥҥи өттүнээҕи нэһилиэнньэлээх пууннар тыраа­ныспарынан сырыыларын хааччыйыы бырайыагын чэрчитинэн тутулуннулар.

Быйыл 178 км айан суолун, ол иһигэр 147 км эрэгийиэннээҕи уонна 31,5 олохтоох суолу оҥоруу былааннанар. Дьокуускай куоракка түөрт балаһалаах Можайскай уулуссатын саҥардыы үлэтэ түмүктэниэ, ол кэннэ Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулусса өрөмүөнэ саҕаланыа. Быйыл күһүн «Умнас» уонна «Нам» айан суолларын уларытан оҥоруу үлэтэ түмүктэнэрэ былааннанар.

Итини таһынан, быйыл түөрт улахан күргэ: Томпо улууһугар Ольчан өрүһү, Мии­ринэй улууһугар Чуоналыыр үрэҕи, Кэбээйи улууһугар Хатыҥ Үрэҕи, Сунтаар улууһугар Улахан Харыйалааҕы туоруур күргэлэр тутуллан үлэҕэ киириэхтэрэ.

Ааспыт сыл балаҕан ыйыгар дойду Бэрэсидьиэнэ Уһук Илин сайдыытын мунньаҕар Өлүөнэ күргэтин тутууну 2024 сылтан саҕалыырга сорудахтаа­быта. Онон быйыл сыл саҥатыттан Өлүөнэ өрүс хаҥас кытылыгар үлэ саҕаланна. Табаҕа боротуокатын учаастагар технологичес­кай былаһаак­ка, онно тиийэр суол-иис уонна туоруур технологичес­кай күргэ тутуута баран эрэр. Инньэ гынан, тыын суолталаммыт күргэбит 2028 сылга тутуллан бүтүөхтээх.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи суоллар

Саха сиригэр олохтоох суолталаах бөһүөлэктэр икки ардыларынааҕы суоллары тутууга уонна өрөмүөннээһиҥҥэ 57,15 км айан суолун нормативнай-тиэхиньиичэскэй турукка киллэриигэ Суол пуондатын үбүттэн 2023 сылга уонна 2024-2025 сс. былааннаах кэмҥэ 355,5 мөл. солк. үп көрүллүбүтэ.

Ааспыт сылга өрөспүү­бүлүкэтээҕи суолу тутуу пуон­датынан үбүлэнэн Горнай улууһугар «Бэрдьигэстээх – Өрт» (5,1 мөл. солк.), Ленскэй улууһугар «Ленскэй – «Ленскэй» сопхуос киин уһаай­бата» (36,1 мөл. солк.), Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр баар паром тохтуур сиригэр диэри (11,4 мөл. солк.) муниципальнай суол­лар оҥоһуллубуттара. Ол иһигэр 2023-2025 сс. муниципальнай оро­йуоннар айанныыр суолларын бырайыактааһыҥҥа уонна саҥардыыга 237,49 мөл. солк., оттон муниципальнай суоллары хапытаалынай өрөмүөннээһиҥҥэ ити үс сылга 118,01 мөл. солк. көрүллүбүтэ.

Тырааныспар уонна суол сайдыытын министиэрис­тибэтин дааннайынан улуус­тарынан эбийиэктэри ылан көрөр буоллахха, ааспыт сылтан: Үөһээ Бүлүү улууһугар Көтөрдөөх – Баҕадьа айан суолун саҥардыыга уонна Дүллүкү – Бүтэйдээх – Кырыкый суол­ларын өрөмүөннээһиҥҥэ – 50,2 мөл. солк., Горнай улууһугар «Орто Сурт – Кэптин» айан суолун тутууга (бастакы түһүмэх) – 49,7 мөл. солк., Мэҥэ Хаҥалас улууһун «Амма – Хочо – Тиэлиги – Даркылаах» 69-с км суол өрөмүөнүгэр – 26,7 мөл. солк., Ньурба улууһун «Быһыттаах – Маалыкай» суолун өрөмүөнүгэр – 32,9 мөл. солк., Өлүөхүмэ улууһун «Нөөрүктээйи – Токко» уонна «Даппарай – Токко» туһаайыыларынан суол учаастагын тутууга – 59,4 мөл. солк., Уус Алдан улууһун «Бороҕон – Төҥүлү – Окоемовка – Уус-Күөл» суол 38-с км уонна «Бороҕон – Танда» суол өрөмүөннэригэр – 19,6 мөл. солк. көрүллүбүт.

Ханнык улуустарга быйыл үлэ барыай?

Муниципальнай суолталаах Үөһээ Бүлүү улууһун Боотулуу – Харбала айан суолун Тыалыччыма үрэҕиттэн Чоҥороҕо диэри учаастагар 36,25 мөл. солк., Көтөрдөөх – Баҕадьа суолун саҥардыыга – 64,15 мөл. солк., Бүлүү улууһун «Бүлүү» айан суолун 403 км Лөкөчөөн сэлиэнньэтигэр киирии суолга  диэри – 19,12 мөл. солк. Мэҥэ Хаҥалас улууһун «Майа – Төҥүлү – Бороҕон – Сыымах» айан суолун өрөмүөнүгэр – 31,75 мөл. солк., Өлүөхүмэ улууһугар Даппарайтан Заречнай сэлиэнньэтигэр диэри суолу тутууга – 35,33 мөл. солк., Уус Алдан улууһун «Бороҕон – Тулуна – Эһэлээх – Остуойка – Дүпсүн – Балыктаах – Дыгдал» суолларынан 65 км суолу өрөмүөннээһиҥҥэ – 23,14 мөл. солк. үлэ ыытыллыа.

Тупсаҕай суол – сайдыы олуга

Валерий Николаев, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга:

– Саха сиригэр «Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагынан айан суолун өрөмүөннээһиҥҥэ уонна тутууга үлэ күүскэ ыытыллар. Улуус нэһилиэктэрин кытта сырыыны хааччыйарга Тырааныспар уонна суол хаһаа­йыстыбатын министиэристибэтин суолу чөлүгэр түһэриигэ ороскуоту толуйууга биэрэр субсидиятынан Боотулуу нэһилиэ­гиттэн чугас сытар Көтөрдөөх учаастагар диэри суол оҥоһуллар. Салгыы саамай ыраах хоту сытар Сургуулук нэһилиэгэр диэри сылы эргиччи сылдьар суол оҥоһуллуоҕа. Онтон  урут сайыҥҥы өттүгэр олох суола суох Маҥаас нэһилиэгэр диэри саамай кыһалҕалаах учаастактар оҥоһуллуохтара.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: