«Суол приставтара» Дьокуускайга уулуссаларынан иэстээхтэри тохтотоллор
Киин куоракка хомунаалынай өҥө иһин иэстээхтэри суолга тохтотоллор.
Сыл бастакы аҥаарыгар «Суол приставтара» аахсыйа кыттыылаахтара киин куоракка 50-тан тахса рейдэни ыыттылар. Бу туһунан «Якутскэнергосбыт» хампаанньа информационнай бэлиитикэтин отдела иһитиннэрэр.
Иэстээх дьону буларга анал оборудование көмөлөһөр. Анал оборудованиеҕа холбоммут камера массыына нүөмэрдэрин түһэрэн, суут приставтарын баазатын кытта тэҥниир. Баазаҕа булуллубут иэстээх киһи дааннайын көмпүүтэргэ таһаарар. Оччотугар Госавтоинспекция үлэһитэ тырааныспары тохтотор. «Якутскэнергосбыт» иэстээхтэри кытта кытаанахтык сокуон чэрчитинэн үлэлиир. Дьыала суут уурааҕынан ааһар буоллаҕына, иэстэрин төлөөбөт дьону утары араас дьаһаллары туһаныахтарын сөп:үбү-харчыны хамнастан уонна атын дохуоттан туталлар, малы-салы, счету арестыыллар эбэтэр иэс ылааччыга хааччахтааһыннар киирэллэр», — диэн бэлиэтээтэ исполнительнай үлэҕэ уонна моҥкуруокка отдел начаалынньыга Спартак Дрмоян.
Кини этэринэн, Дьокуускайга хомунаалынай өҥө иһин иэстээхтэргэ 236 мөл. солк. тахса суумаҕа 3,8 тыһыынчаттан дьыала тэриллибит. Хампаанньаҕа сыл бастакы аҥарыгар 45 мөл. солк. тахса суумаҕа иэс харчы хомуллубут.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: