Суол тутааччылар «Умнас» трасса өрөмүөнүн салҕыахтара
2024 сылга Ленскэй, Өлүөхүмэ уонна Хаҥалас улуустарыгар, ону тэҥэ Дьокуускай куорат территориятыгар, уопсайа 38,25 км уһуннаах «Умнас» эрэгийиэннээҕи суол учаастактарын өрөмүөннүөхтэрэ.
Үлэлэр РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Куттала суох хаачыстыбалаах суол» национальнай бырайыак чэрчитинэн толоруллуохтара.
Үлэ-хамнас сакаасчыта, СӨ суол управлениета иһитиннэрбитинэн, суол тутуутун аныгыс сезонугар Өлүөхүмэ куорат киинигэр суол трассатын учаастагын хапытаалынай өрөмүөнэ түмүктэнэр. Өрөмүөн учаастагын уһуна 7,5 км. Былырыыҥҥыттан оробуочай кыраапыгы урутаан туран, 5 км икки хайысханан бетон кутулунна. Бэлэм эбийиэккэ тротуардар, уу ыытар лотоктар уонна турбалар баар буолуохтара. Ону сэргэ уулуссаны сырдатыы, саҥа оптуобусу тохтобуллара уонна суол бэлиэлэрэ көрүлүөхтэрэ. Судаарыстыбаннай сакааһы «Өлүөхүмэ суола» ХЭО толорор.
Дьокуускай куоракка быйыл «Дороги Саха» САО эрэгийэннээҕи суол учаастагын саҥардыытын кэнниттэн, 11-20 км уһуннаах суолу туттарыахтара. Эбийиэк түөрт балаһалаах суолугар оптуобус тохтобулларын, тротуардары, тыас-уустан харыстыыр хаххалары уонна элеменнэри куттала суох буолууга хааччыйар соруктаахтар.
Маны тэҥэ Хаҥалас улууһугар 147-169 км диэри уонна Ленскэй оройуонугар 980-тэн 1000 км диэри уһуннаах суол өрөмүөннэрин үлэлэрэ салҕанан барыахтара. Икки эбийиэги быйыл ирдэбилгэ эппиэттиири тиэрдиэхтэрэ.
Уопсайынан, национальнай бырайыагынан «Умнас» массыына суолун барыта 185 км усталаах учаастагын нормативтарга эппиэтиири ситиһиэхтэрэ.
Санатан эттэххэ, бу сылга Саха сиригэр 175 км, ол иһигэр эрэгийиэннээҕи 144,34 км уонна «Дьокуускай куорат» федеральнай агломерациятын 31 км массына суолларын үлэҕэ киллэриэхтэрэ. Онуоха федеральнай бүддьүөттэн аҕыс миллиард тахса солкуобай, ол иһигэр эрэгийиэннээҕи суолларга алта миллиардтан тахса уонна республика киин куоратын суолларыгар икки миллиард кэриҥэ үп көрүллүөҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: