Суол тутааччылар кэккэ эбийиэктэри болдьоҕун иннинэ туттарыахтара
Саха сиригэр «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн суол тутааччылара олоххо киирэр кэккэ эбийиэктэри болдьоҕун иннинэ үлэҕэ киллэриэхтэрэ. Бу туһунан Саха сиринээҕи массыына суолларын управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Анатолий Потапов бэлиэтээбитинэн, билигин Ил Дархан сорудаҕынан Амма уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар эрэгийиэннээҕи суол учаастактарыгар аспаал бетонун кутуу өрөмүөнүн үлэтэ барар. Суол уһуна — 17,2 км. Национальнай бырайыак эбийиэктэригэр үлэ хаалыыта суох ыытыллар.
Быйыл «Амма» айан суолун тутуутун «Мегинские автомагистрали» ХЭУо кыраапыгынан былааннаахтык эбэһээтэлистибэлэрин толороллор. «РИК Автодор» АУо бетон аспаалын собуотун туруоруутун бүтэрбит, билигин собуоту холбуур үлэлэр ыытыллаллар уонна сотору кэминэн аспаал бетонун оҥоруута саҕаланыаҕа. «МКАД» ХЭУо эмиэ эбийиэги болдьоҕун иннинэ туттарарын туһунан эрэннэрдэ. «ИП Кривошапкин» «Бөтүҥ» айан суол эбийиэгин болдьоҕун иннинэ туттарар былааннаах. Маны таһынан Мэҥэ Хаҥаласка национальнай бырайыак чэрчитинэн суолу саҥардыы үлэлэрэ саҕаланнылар, ол түмүгэр эһиил Майа сэлиэнньэтигэр «Мүрү»учаастагар (3 км) уонна Бөкө (0,7 км) суолу аспааллан туттарыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: