Суол уонна муоста тутуута — тыын суолталаахтар
Саха сиригэр суолу оҥоруу — тыын суолталаах соруктартан биирдэстэрэ. Аныгы үйэҕэ суола суох — олох суох. Кэлиҥҥи сылларга национальнай бырайыагынан элбэх муоста, суол тутуллар, өр кэмҥэ өрөмүөннэммэтэх учаастактар саҥардыллан тутуллар буоллулар, уопсайынан, суол хаачыстыбатын тупсарыы тэтимирэн иһэр.
Национальнай бырайыак
Аныгы, табыгастаах уонна эрэллээх тырааныспар инфраструктуратын оҥоруу биһиги Бэрэсидьиэммит Владимир Путин суол үлэһиттэригэр туруорбут сүрүн соруктарыттан биирдэстэрэ. Бу кэскиллээх сыалы ситиһэргэ сүрүн хамсатааччынан 2019 сылтан саҕаламмыт «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах массыына суоллара» национальнай бырайыак буолар. Аан бастаан бу национальнай бырайыак кэскиллээх бырайыак быһыытынан дойду 36 эрэгийиэнигэр 2017–2018 сылларга саҕаламмыта. Онтон 2019 сылтан национальнай бырайыак быһыытынан олоххо киирэн, кэҥээн Арассыыйа 83 эрэгийиэнэ кыттыбыта.
Биһиги суолларбытын, муосталарбытын тутууга, саҥардыыга иккис тыыны биэрбит, Владимир Путин көҕүлээбит «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак буолар. Ил Дархан этэринэн, национальнай бырайыак суол хаһаайыстыбатын салаатыгар сүрүн суолталаах.
2021 сылтан «Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак саҥардыллыбыт пааспара бигэргэммитэ. Пааспар саҥа таһаарыытыгар национальнай бырайыак тутула 4‑тэн 6‑ҕа диэри кэҥэтиллибитэ: «Эрэгийиэннээҕи уонна олохтоох суол ситимэ», «Суолга куттал суох буолуута», «Куорат агломерациятыгар пассажирдары таһыыны саҥардыы», «Суол хаһаайыстыбатын сайыннарыы уопсай дьаһаллара», «Арассыыйа оборуонатын министиэристибэтин айанын суола» уонна «Федеральнай сүрүн ситим сайдыыта».
Саха сиригэр
2018–2022 сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ 2,5 тыһыынча килэмиэтир уһуннаах суол уонна 47 муоста тутуллубута, итинтэн 11 Арктика улуустарыгар. 2019–2023 сылларга 2,5 тыһыынча килэмиэтир уһунннаах федеральнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи, олохтоох суоллары өрөмүөннээтилэр. Бу кэм иһигэр суолу тутуу кэриҥэ икки төгүл улааппыта. 2023 сылга киэҥ хабааннаах үлэ барбыта. Саха сиригэр 277,76 килэмиэтир саҥа суол тутуллубута. Манна федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи бүддьүөттэн 8 миллиардтан тахса солкуобай көрүллүбүтэ. Чуолаан, 4,9 млрд солк. эрэгийиэннээҕи суоллары үлэҕэ киллэриигэ, 2,3 млрд солк. Дьокуускай куорат суолларын тутууга, 1 млрд солк. муосталары саҥардыыга.
Саха сиригэр тырааныспар тохтоло суох айанныырын хааччыйыыга ураты болҕомто ууруллар. Тоҕо диэтэххэ, суол-иис алдьаннаҕына, мөлтөөтөҕүнэ, сырыы тохтоотоҕуна, ыраах сытар уонна хотугу улуустар улаханнык эрэйдэнэллэр. Ол курдук, Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан, 2030 сылга диэри эрэгийиэҥҥэ Арассыыйа айанын суолларын уонна тимир суолларын сүрүн ситимигэр төгүрүк сылы быһа эргиччи айанныыр кыаҕын түөрт төгүл улаатыннарар сорук турар.
Быйыл суолу оҥоруу сүрүн үлэлэрэ «Амма», «Умнас», «Нам», «Мухтуйа» уонна «Дьааҥы» өрөспүүбүлүкэтээҕи айан суолларыгар ыытыллаллар. Сыл бүтүөр диэри уопсайа 150 км тахса уһуннаах учаастактар үлэҕэ киириэхтээхтэр. Сыл бүтүүтэ уопсайа 150 килэмиэтиртэн тахса уһуннаах учаастак үлэҕэ киириэҕэ.
Суолу тутууга быйыл олоххо киирэн эрэр икки улахан хапытаалынай бырайыагы ылан көрүөххэ сөп. «Нам» айан суолун 7‑н 11 килэмиэтиргэ диэри уонна «Умнас» айан суолун Дьокуускай куорат иһинээҕи учаастагар күүстээх үлэ бара турар. Бу икки учаастакка түөрт балаһалаах айан суола, оптуобус тохтобула, тротуардар уонна уотунан сырдатыы баар буолуоҕа.
Алтынньы 1 күнүнээҕи туругунан суолу оҥорооччулар биэс эбийиэги өрөмүөннээтилэр. Ол кэмҥэ хаалбыт 14 эбийиэккэ сүрүн быһаарыылаах үлэ оҥоһуллубута. Былаан быһыытынан өрөмүөннэнэ сылдьар учаастактар үксүлэрэ уонна саҥаттан тутуллар массыына суоллара алтынньы бүтүүтэ үлэҕэ киириэхтээхтэр.
Туспа бэлиэтээн аастахха, быйыл сайын «Амма» айан суолун өрөмүөннээһин тэтимнээхтик барда. Ол курдук, суол үлэһиттэрэ Мэҥэ Хаҥалас уонна Амма улуустарыгар 17,2 км усталаах аспаалы тэлгэтэллэр.
Муосталар
Суоллары өрөмүөннээһини уонна саҥардыыны сэргэ, үрэхтэри, өрүстэри туоруур муосталары тутуу уонна өрөмүөннээһин эмиэ улахан суолталаахтар. Саха сирин суолларын салалтатын дааннайынан быйыл өрөмүөн уонна саҥаттан тутуу кэннэ өрүһү уонна үрэҕи туоруур 7 муоста
— Кэбээйи, Томпо, Сунтаар, Өймөкөөн уонна Мииринэй улуустарыгар туттарыллыахтаахтар. Быйыл алтынньы 1 күнүгэр диэри Хатыҥ Үрэх, Уолчаан, Орто Харыйалаах уонна Куччугуй Харыйалаах үрэхтэрин туоруур муосталар үлэҕэ киирбиттэрэ. Итини таһынан, муоста тутааччылар Куйдуһун өрүһү туоруур муостаны өрөмүөннээтилэр. Аны уочаракка Бүлүү эбэни уонна Чуоналыыр өрүһү туоруур саҥа муосталары тутуу хаалла.
Бэлиэтээн эттэххэ, массыына суолларын уонна муосталары тутууну, саҥардыыны, өрөмүөннээһини барытын тустаах тэрилтэлэр хонтуруоллууллар, кэтииллэр.
Суол федеральнай ааҕыныстыбатыгар
Соторутааҕыта Ил Дархан Айсен Николаев Москваҕа оробуочай сырыытын кэмигэр «Бүлүү» уонна «Халыма» федеральнай суоллары салгыы туһаныы тула Суол федеральнай ааҕыныстыбатын салайааччыта Роман Новиковы кытта көрсөн кэпсэттэ. Кэлиҥҥи кэмҥэ федеральнай таһымнаах суоллар туруктара мөлтөөбүтүн туһунан элбэхтик иһиллэр буолла.
Ол төрүөтүнэн айан-сырыы элбээн итиэннэ ыарахан уйуктаах массыыналар сырыылара үксээн, суол алдьаныыта, кээһэниитэ тахсара үгүс. Онуоха ураты тыйыс усулуобуйаҕа олорорбут, айылҕабыт содула эбиискэ буолар.
Онон, кыһалҕаны быһаарар туһуттан, салайааччылар суолу көрүүгэ-истиигэ үбүлээһин кээмэйин улаатыннарарга, маны таһынан, сыыйа түһүмэҕинэн ыйааһын хонтуруолун киллэриини, матырыйаал саппааһын улаатыннарарга кэпсэттилэр.
Түмүккэ
Уопсайынан, «Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагы ылан көрдөххө, кэнники сылларга суоллары да, муостаны да тутуу тэтимирбит. Саха сирэ суол федеральнай ааҕыныстыбатын кытта 2024 сыл бүтүөр диэри 1100 км эрэгийиэннээҕи суолу нуормаҕа сөп түбэһэр гына оҥорор туһунан докумуоҥҥа илии баттаабыта. Сөбүлэһии чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ «Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагы 2019 сылтан олоххо киллэрэн саҕалаабыта. Онтон ыла тэтимнээх үлэ баран, быйыл 150 килэмиэтиртэн тахса уһуннаах айан суола туттарыллар, ол курдук национальнай бырайыак көрдөрүүтэ 100‑н тахса килэмиэтири куоһарыаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: