Суол үлэһиттэрэ Кангалаас микро-оройуонугар диэри учаастагы аспааллаан эрэллэр
Суол оҥорооччулар Дьокуускайтан Кангалааска тиийэр саҥа суолу аспааллаан эрэллэр.
“12,6 км эбийиэккэ бара турар хапытаалынай өрөмүөн “Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар” нацбырайыагынан олоххо киирэ турар, хантараах чэрчитинэн суолу кэлин да көрө-истэ сылдьыахтара”, — диир тырааныспар, суол хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Анатолий Потапов.
Кини этэринэн, аспаал үлэтэ быйыл көрүллүбэтэҕин да үрдүнэн, бэдэрээтчит “Дороги Саха” САУо күүскэ үлэлээн, бу сылга 6 км усталаах аспаал аллараа араҥатын уурарга быһаарыммыт.
Суолу тутар сезон саҕаланыаҕыттан эбийиэккэ 12 ууну ыытар турбаны түһэрбиттэр. Былаан быһыытынан эбийиэк 2026 сылга түмүктэниэхтээх, эһиилгиттэн саҕалаан икки балаһалаах 6-лыы килимиэтирдээх учаастактары киллэрэн иһиэхтэрэ, диэн иһитиннэрэр «Управтодор РС(Я)» ГКУ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: