Суола быһыта — нүөлсүтүү төрдө
Бэҕэһээ суруналыыстар уонна блогердар тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров көҕүлээһининэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьоҕус уонна тэриллиилээх хаһаайыстыбаларыгар миэстэтигэр тиийэн тыа сирин олоҕун, хаһаайыстыбалар үлэлэрин көрөн-истэн кэллибит.
Сырыыбыт биир тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах буолан, бааһыналары нүөлүстүүнү тиэмэтин тумнубатыбыт. Төрөлкөй сүөһүнү, сылгыны ылыаххын баҕарар буоллаххына, сиргин-уоккун оҥостуохтааххы. Оттон өлгөм үүнүүнүн, оту ыларга сири нүөлсүтүү саамай сүрүнэ. Мэҥэ Хаҥалас дьаһалтатын исписэлиистэрэ И.Г. Тимофеев аатынан Хорообут нүөлсүтэр ситимин анаан-минээн илдьэн көрдөрдүлэр. Суола үрэх үрдүнэн быһыт оҥорон бааһыналарын, ходуһаларын саас аайы нүөлсүтэллэр эбит. Кылгастык устуоруйатыттан аҕыннахха, маннык.
Мэҥэ Хаҥалас олохтоохторо ааспыт үйэ 30-с сылларыгар кэлэн олорбут инженер С.П. Шестаковы күн бүгүҥҥэ диэри үтүө тылларынан ахталлар. Кини быһаччы салалтатынан 1936 с. Калинин аатынан колхуоска Суола үрэххэ маһынан даамбаны туппуттара. Ол даама 1992 с. диэри дьоҥҥо эрэллээхтик сулууспалаабыт, сыллата 500-600 га мэччирэҥи, ходуһаны нүөлсүппүт. 1992 с. тутууну тимир бетонунан саҥардан оҥорбуттар.
1978 с. «Якутмелиоводстрой» трест көһө сылдьар колонната тэриллибит. Ити кэмтэн ыла сири нүөлүстүү үлэтэ күүһүрбүт. Бүгүҥҥү күҥҥэ «Упрмелиоводхоз» тэрилтэ икки нүөлсүтэр систиэмэни үлэлэтэр:
И.Г. Тимофеев аатынан Хорообут нүөлсүтээр ситимэ уопсайа 1604 га иэннээх сири нүөлсүтэр 6 тимир-бетон гидротехническай тутуунан буолар. Ааспыт 2024 сылга нүөлсүтүллүбүт сири туһанан ортотунан 12,8 ц/га үүнүүнү ылбыттар.
Систиэмэ сыл аайы эргэрэр, ону кэмигэр өрөмүөннээн-чөлүгэр түһэрэллэр. Ааспыт сылтан манна хапытаалынай өрөмүөн бара турар.
Өссө биир систиэмэнэн «Шестаков даамбата» буолар. Даамба 550 га иэннээх сири нүөлсүтэр 1 тимир-бетон гидротехническай тутуунан буолар. Ааспыт 2024 сылга нүөлсүтүллүбүт сиртэн ортотунан 15 ц/га үүнүүнү ылбыттар. Бүтэһигин манна 2019 с. улахан өрөмүөн уонна чөлүгэр түһэрии үлэтэ ыытыллыбыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: