Суолаҕа саҥа фельдшерскэй-акушерскай пуун тутулунна

Share

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Суола сэлиэнньэтигэр саҥа фельдшерскэй-акушерскай пуун дьиэтин тутуута түмүктэннэ.

Доруобуйа харыстабылын саҥа эбийиэгин иэнэ 75 квадратнай миэтэрэ. Тэрилтэ симиэнэҕэ уон ыарыһаҕы көрүөн сөп. Бу туһунан Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин пресс-сулууспата суруйар. Суола сэлиэнньэтин нэһилиэнньэтин ахсаана 339 киһи, ол иһигэр 17 сааһыгар диэри 122 оҕо.

«Билигин пуун дьиэтин лицензиялааһынын үлэтэ барар. Тэрилтэ мэдиссиинэ үлэһиттэринэн толору хааччыллыылаах уонна аныгы ирдэбилинэн нэһилиэнньэҕэ хаачыстыбалаах мэдиссиинэ көмөтүн оҥоруоҕа. Доруобуйа харыстабылын бастакы звеноларын саҥардыы бырагырааматын көмөтүнэн тыа сирин олохтоохторо хаачыстыбалаах мэдиссиинэ өҥөтүнэн толору туһаныахтара», — диэн Мэҥэ Хаҥалас киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Алексей Павлов кэпсээтэ.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Алмазэргиэнбаан активын кээмэйинэн Арассыыйаҕа топ-100 баан иһигэр киирдэ

2025 сыл түмүгүнэн Алмазэргиэнбаан дойду үп ырыынагар бигэ тирэхтэннэ уонна Арассыыйа топ-100 баанын иһигэр киирдэ.…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

ИЛ ДАРХАН СУДААРЫСТЫБАННАЙ НАҔАРААДАЛАРЫ ТУТТАРДА

Саҥа сылы көрсө бүгүн, ахсынньы 19 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев  РФ уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин…

20 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Уопсастыба

Дьон казиноттан уонна да атын оонньуулартан бэйэлэрин бобор кыахтаныахтара

Бэйэлэрин кыайан туттуммат дьоҥҥо Госдума маннык сокуону ылынна. Азартаах оонньуулартан босхолонуон баҕарар киһи бэйэтигэр бобууну…

27 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саха сирин оскуолаларыгар мэдиссиинэ 96 хоһо үлэлиир

Быйыл Саха сирин оскуолаларыгар мэдиссиинэ хосторун үлэлэрин сөргүттүлэр. Маннык үлэни саҕалыырга Ил Дархан Анал этиитэ…

30 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Кытыйа, хамыйах арааһа

Кытыйа, хамыйах арааһын билэҕин дуо? Маны көр. Кытыйа арааһа Кытыйа - миискэ курдук дьоҕус мас…

50 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Нэдиэлэ иһигэр икки сүүстэн тахса психологическай көмө оҥоһулунна

Ааспыт нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэҕэ уонна Донааҕы Ростовка госпиталларга байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр, уопсайа 180…

1 час ago