Салгыы
Суолбут көнө, айаммыт аһаҕас буоллун

Суолбут көнө, айаммыт аһаҕас буоллун

Ааптар:
08.07.2023, 20:00
Хаартыска СӨ Автомобильнай суолларын управлениетын пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Үксүгэр киһи ыраахтан саҕалыырын сөбүлээбэт. Ол гынан баран, бу сырыыга атыннык «тыбыыран» киирэр ордук быһыылаах. Киһи олоҕор быыһанар, сайдар суолу ханна баҕарар, хаһан баҕарар хайаан да көрдүүр. Ол иһин, дэлэҕэ даҕаны, Сир сирэйэ барыта суол-иис. Билиҥҥи түргэн-тарҕан кэмҥэ айан, кэлии-барыы сытыырхайда. Ким эрэ таһан, тиэйэн, илдьэн харчы өлөрөр, ким айанныыра үлэтин сорҕото, ким эрэ дойдутугар айанныыр.

Индрайвертан — Drivee сыһыарыыга

Бэс ыйын 13 күнүттэн таксыыны сакаастыыр Drivee саҥа сыһыарыы Дьокуускай куоракка уонна улуустарга үлэтин саҕалаабыта.

Сыhыарыыны аан дойдутааҕы inDrive хампаанньа Арассыыйатааҕы салаата оҥорон таһаарбыта. Санатар буоллахха, Арассыыйатааҕы салаа аан дойдутааҕыттан былырыын бэc ыйыгар арахсыбыта, ол кэмтэн ыла туспа сайдар уонна үлэлиир.

Drivee үгэс буолбут быраабыланан үлэлиир. Сиэрдээх буолуу уонна сыыһа быһыыны, монополияны утары охсуһуу сүрүн тосхоллоро уларыйбатылар. Туһанааччылар урукку курдук сырыы бары усулуобуйатын быһаччы суоппары кытары быһаарсаллар: пассажир бэйэтин сыанатын этэр, толорооччу сөбүлэһэр эбэтэр атын сыананы туруорсар. Маныаха суоппардар маршруту барытын көрө олорор буолан, бэйэлэригэр сөптөөх сакааһы талар кыахтаахтар.

Өҥөнү оҥоруу усулуобуйалара уонна сыһыарыы үлэтин тутула уруккутунан хаалбыттар. Туһанааччылар Drivee сыһыарыыны хачайдаан баран, бастакыларын киирдэхтэринэ, туох баар иһитиннэрии (суоппар уонна пассажир киэннэрэ) тутатына саҥа сыhыарыыга көһүөҕэ.

ИТ-салааны салгыы сайыннарыы

Хампаанньа сүрүн сыала — таларга көҥүлү биэрии, дьон бэйэ-бэйэҕэ ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыытыгар, хардарыта барыстаах сөбүлэһиигэ усулуобуйаны тэрийии. Ону тэҥэ сиэрбис хамаандата эрэгийиэҥҥэ ИТ-салааны салгыы сайыннарар, саҥа үлэ миэстэтин тэрийэр, талааннаах исписэ-
лиистэри үүннэрэн таһаарар дьоһун соруктаах.

“Бүлүү” уонна “Халыма” суолларыгар өрөмүөн үлэтэ

Уопсайа «Бүлүү» уонна «Халыма» суолларыгар 83 эбийиэккэ өрөмүөн үлэтэ ыытылла турар. Бу сылга 46,589 килэмиэтирдээх уонна 678,88 миэтэрэлээх 43 эбийиэги үлэҕэ киллэрээри былаанныыллар. Ону таһынан: “Бүлүү” суолга 35,35 килэмиэтирдээх үс учаастак уонна икки учаастак (395 км — 405 км, 946 км — 956 км) уонна Р‑504 «Халыма» (792 км — 807 км) суол биир учаастага үлэҕэ киирэллэрэ былааннанар.

«Бүлүү” уонна “Халыма” суолларыгар 10 учаастакка хапытаалынай өрөмүөн бара турар. 11, 239 килэмиэтирдээх уопсай тардыылаах икки учаастак үлэҕэ киириэхтээх. Мииринэй оройуонугар 1170–1180 килэмиэтирдээх уонна 572–578 килэмиэтирдээх учаастактар үлэҕэ киириэхтэрэ.

Алтынньыга үлэ барыта бүтэр түгэнигэр, 6,2 килэмиэтирдээх Бүлүү куорат иһинэн ааһар учаастак оҥоһуллан үлэҕэ киириэҕэ. Мантан сиэттэрэн, дьон куттала суох айанныылларыгар бары усулуобуйа тэриллиэҕэ.

Ону таһынан, ускуустубаннай 68 тутууга хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар. 1 муоста үлэҕэ киириэхтээх (28, 1 погоннай миэтэрэ уһуннаах). Муоста 678, 88 погоннай миэтэрэ уһуннаах ууну аһардар турбалаах буолар.

«Халыма» суолугар уопсайа 47 килэмиэтир уһуннаах «Заячья петля» (662 км — 692 км) уонна «Нерский прижим» (1121 км — 1142 км) эбийиэктэргэ улахан массыыналар ааһар сирдэригэр кэҥэтии үлэлэрэ ыытыллар. Бу үлэ 2025 сылга түмүктэнэрэ былааннанар.

Оччоҕуна

“Бу үлэлэр түмүктэринэн учаастактар массыыналары аһарар кыахтара үрдүөҕэ. Суоллар эмискэ өҕүллүүлэрин туоратыы ыытыллар буолан, айан куттала суох буолуоҕа”, — диэн «Бүлүү» суолун управлениетын пресс-сулууспатын исписэлииһэ Гаврил Матвеев иһитиннэрэр.

Эльдар САДОВНИКОВ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 января
  • -40°C
  • Ощущается: -47°Влажность: 67% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: