Суолбутун харыстыаҕыҥ
Кэлиҥҥи сылларга Таатта улууһун суола алдьанан, массыыналар батыллан турар хаартыскалара социальнай ситимнэринэн тарҕанара элбээтэ. Уруккута “Тааттаавтодор” улууһун суолун тыа сирин холугар бэркэ көрөн-истэн олорбут тэрилтэ этэ. Онон тоҕо, туох биричиинэттэн кэлиҥҥи сылларга маннык балаһыанньа буолбутун иҥэн-тоҥон билистэххэ маннык эбит.
Бырамыысыланнас сайдан эрэр
Билигин “Халыма” суолунан массыына сырыытын тэҥэ таһаҕаһы таһыы улаханнык улаатан турар. Ол Нежданинскайдааҕы, Улахан Мэҥкэчэ үрэххэ хайа байытар кэмбинээттэр аһыллыыларын, Томпо, Өймөкөөн улуустарыгар көмүс хостуур бириискэлэр элбээбиттэрин уонна үлэлиир кыахтара улаатыытын кытта быһаччы сибээстээх эбит. Бу тэрилтэлэргэ Аллараа Бэстээхтэн тохтоло суох дизельнэй уматыгы таһаллар, аны кэмбинээттэр байыппыт рудаларын Аллараа Бэстээххэ, Алдан куоратыгар ыарахан уйуктаах массыыналарынан ыыталлар. Кэтээн көрүү түмүгүнэн, сууккаҕа тыһыынчаттан тахса массыына кэлэн ааһар, мантан чэпчэки массыыната 800-тэн тахса буоллаҕына, 200-тэн тахсата ыарахан ыйааһыннаах полуприцептаах уонна 40 туонна таһаҕаһы ылар карьернай омук массыыналара буолаллар. Ол эбэтэр сууккаҕа бу суолунан 8-9 тыһ. туонна таһаҕас кэлэн ааһар. Оттон суол уйуга сэбиэскэй кэмнээҕи 30-40 туоннаҕа ананан тутуллубут суол. Билиҥҥи 40 туонналаах омук самосвал массыыналарынан ыйааһыннара 25 туонна, ол үрдүгэр 40-тэн тахса туонна таһаҕаһы ууруналлар. Ол эбэтэр суол уйугуттан 20-25 туоннанан таһынан таһаҕаһы таһаллар. Санааҥ көрүҥ, төһөлөөх араастаһыыный? Бу үлүгэрдээх ноҕоруускаттан оннооҕор аҕыйах сыллааҕыта оҥоһуллубут аспаал бүрүөһүнэ кытта эмсэҕэлиир, буор, кумах бүрүөһүннээх суол туһунан этиллибэт даҕаны. Хоту сир килиимэтэ, суолун оҥоруута да ураты буоллаҕа. Маны бырамыысыланнас тэрилтэлэрэ эмиэ өйдүөхтэрин, нэһилиэнньэ кыһалҕатын кытта аахсыахтарын наада. Онтон тугу гынан бу үөскээбит балаһыанньаттан тахсабыт? Быһаччы үлэлэһэр дьон уматыгы, ыарахан таһаҕаһы сайынын уунан, кыһынын сир тоҥ эрдэҕинэ тастарар ордук дииллэрэ оруннаах.
Уу суолун туһанар ордук
Егор Егорович Харайданов, “Тааттаавтодор” сүрүннүүр инженерэ:
– Биһиги “Тааттаавтодор” тэрилтэбит “Халыма” суолугар Аллараа Бэстээхтэн 190 км — 365 км диэри барыта 175.2 км учаастак суолу көрөбүт-истэбит. Мантан 124.2 км усталаах суоллар бириэмэтигэр өрөмүөнэ суох, 50 км усталаах суол өрөмүөннэммит суоллар ахсааннарыгар киирэллэр.
Биһиги суолбут төрүт өрөмүөннэммэккэ, көрүү-истии суотугар турбута ыраатта. Ол курдук суолбут сорох учаастактара 36-25 сыл өрөмүөн диэни билбэккэ турар буоланнар, уйуктара лаппа кыччаан турар.
Ытык Күөлтэн – Чурапчы, Томпо диэки тутарбытыгар оччолорго өрөмүөн икки ардыларынааҕы болдьох 8 сыл буолар этэ, бу кэлин 12 сыл диэн буолла. Ол эбэтэр суол учаастага ПГС бүрүөһүннээх өрөмүөннэннэҕинэ, ити учаастакка 12 сыл өрөмүөн буолбатыгар, аспаал ууруллубатыгар тиийэр. Маны учуоттаан эрдэтээҥҥи Чурапчы, Томпо улуустарын икки ардыгар аспаал суол Ытык Күөлгэ 2025 сыллаахха, Томпо улууһугар Алдан өрүскэ диэри 2030 сыллаахха тиийэрэ былааннаммыта. Ити былаан олоххо киирбитэ буоллар биһиги улууспут суола үрдэтиллэн, аспаалынан бүрүллэн хаалыахтаах этэ. Оччотугар суол алдьаныыта бу билиҥҥи курдук күүскэ тахсыа суох этэ.
Билигин биһиги суолбутунан күннэтэ таксыы өҥөтүнэн, чааһынай чэпчэки массыыналаахтарынан 3000-4000 араас наадалаах, кыһалҕалаах дьон айанныыр. Бу туох да сыһыана, буруйа суох дьон уйуга кыччаабыт суолу улахан уйуктаах тиэхиньикэ үлтү тэпсибитин түмүгэр эрэйи көрөллөр, олор дьөлө түһэн, батыллан суолу бүөлүүллэрин түмүгэр сырыылара-айаннара хаайтарар.
Дьон кыһалҕатын өйдөөн, хайа-байытар кэмбинээттэр рудаларын, бириискэлэр, улахан бырамыысыланнай тэрилтэлэр дизельнэй уматыктарын сир тоҥ, халлаан тымныыта мүлүйбүт кэмигэр, олунньу ортотуттан муус устар ортотугар диэри суолунан, сайынын Алдан өрүһүнэн Хаандыга нефтебаазатыгар, Аллараа Бэстээххэ, Алдаҥҥа тимир суолга таһаллара буоллар, айан кыттыылаахтарыгар, барыбытыгар ордук буолуох этэ. Суол эмиэ элбэх үбү-харчыны ирдиир хайысха буолар, баар суолбутун харыстыаҕыҥ. Норуокка таптаан “сороконожка” диэн ааттанар карьернай самосвал массыыналары сир ириэнэх кэмигэр таһаҕас таһыытыгар туттары тохтотуоҕуҥ. Таһаҕаһы таһыыга, сүрүннээн, полуприцеп массыыналары туһаныаҕыҥ.
Хаандыгаҕа уунан тиэйиини үөрэтэбит
Семен Коркин, СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы:
– Бастакы былаан быһыытынан Таатта суолун аспааллааһын 2025 сылга диэри барыахтаах этэ. Ону РФ Тырааныспарын министиэристибэтин уонна Росавтодор саҥа оҥорбут былааннарынан 2028 сылга диэри уһаан биэрдэ. Кэлиҥҥи былаанынан Алдан өрүһү туоруур муоста тутуллуохтаах, аспаал суол Магадан быыһыгар диэри тиийиэхтээх. Бу 2028 сылга диэри тутуллуохтаах аспаал суолга уонна муостаны тутууга икки федеральнай структураны – Росавтодору уонна Росжелдору кытта үлэлэһэ олоробут. СӨ Тырааныспарга министиэристибэтэ, бастакы уочарат, Росавтодор көрүүтүн үөрэтэ сылдьар.
Оттон онуоха диэри суолу урут оҥоро сылдьыбыттарын курдук оҥоро сылдьаллар – сир болотунатын чөлүгэр түһэрэн, буору кутан, кытыытын гравийдаан.
Сүрүн кыһалҕабыт, ити этэллэрин курдук, суол оҥоһулла турар кэмигэр улахан уйуктаах массыыналар ааһаллара буолар. Урут 2018 сыллар эргин ыам ыйыгар-бэс ыйыгар маннык массыыналар сылдьалларыгар хааччахтааһыннары киллэрээччибит. Онон бу саас ГАИ-лары уонна массыына надзорын Ространснадзоры кытта үлэлэһэн, суол ириэнэх кэмигэр улахан уйуктаах массыыналар баралларын тохтоппуппут.
Билигин сир баайын хостооччулары кытта кэпсэтии ыыта сылдьабыт, уматыктаргытын, ыарахан таһаҕастаргытын сайын уунан ыытыҥ, кыһынын сир тоҥ эрдэҕинэ таһыҥ диэн. Сорохтор сөбүлэһэллэр, сорохтор үөрэтэ сылдьаллар. Төһө да үчүгэй суолу оҥор, 60-80 туонналаах массыыналар сырыттахтарынан, хайа да бэйэлээх суолтан суол хаалбат. Эһиил Аллараа Бэстээххэ таһаҕаһы сүөкүүр терминал, уматыгы сүөкүүр причал үлэҕэ киирдэхтэринэ, бу кыһалҕа быһаарыллар.
Ол курдук Аллараа Бэстээххэ тимир суолунан кэлбит уматыгы быһа сүөкүүр причалга киллэрэн, устар аалларга кутан, уунан Хаандыгаҕа ыытар логистиканы үөрэтэбит. Оччоҕо суолунан кыра уйуктаах массыыналар сылдьыа этилэр буоллаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: