Суолга хаайтаран олорор оҕолору Күбүмэттэн вездеходунан илтилэр

Share

Хас да күнү быһа түспүт уһун ардах өрөспүүбүлүкэтээҕи «Өймөкөөн» айан суолун  суурайан, бу күннэргэ Томтор нэһилиэгин туһаайыытынан айаннаан иһэр дьон аара суолга хаайтарбыттара үһүс хонуга.

Айанньыттар сибээс баар сиригэр Күбүмэ учаастагар кэлэн мустан олороллор. Айылҕа иэдээниттэн айан суолугар хаайтарбыт дьон ортотугар Томтор нэһилиэгин баһылыгын  солбуйааччы Айаал Неустроев баар буолан, балаһыанньаны билиһиннэрэ олорор.

Бүгүн халлаан көнөн, уу түһэн эрэр. Дьон олоҕор куттал суоһаабат буолан, бөртөлүөт кэлбэтэ. Онон улуус, Томтор салалталара бэйэлэрин күүстэринэн балаһыанньаттан тахсар суолу тобуллулар. Бүгүҥҥү туругунан хаайтара сытааччылар 40-ча киһи буоллубут.

Сорох массыыналар суол хаһан оҥоһуллан сырыы олохтонуоҕа биллибэт буолан, Дьокуускайга төннүбүттэрэ. Кыра оҕолоохтору «Күбүмэ» сапыраапкалыыр пуун үлэһиттэрэ дьиэлэригэр  ыҥыран хоннордулар.  Улуус салалтатыгар, чуолаан, баһылык э.т. Саргылаана Можуковаҕа хаайтаран олорор дьоҥҥо бэҕэһээ гуманитарнай көмөнү ыытан, улахан өйөбүлү оҥорбутугар истиҥ махталбытын тиэрдэбит.

Бүгүн Күбүмэҕэ хаайтарбыт оҕолору вездеходунан илдьэ бардылар.

Тирэх суол диэки уу түһэн, сорох массыыналар туораан эрэллэр. Суол оҥорооччулар өрөмүөҥҥэ ылыстахтарына, айан суола олохтонуоҕа.  

Айаҥҥа биир кыһалҕалаах дьон түмсүүлээх буолаллар. Онон биир түөлбэ дьоно бэйэ-бэйэбитин оҕолоһон, бары бииргэ астанан,  сарсыардааҥҥыттан тото-хана аһыы сылдьабыт.  Барыта этэҥҥэ буолуоҕа, — диэн санаатын үллэһиннэ Айаал Неустроев.

Томтор нэһилиэгин баһылыга Алексей Винокуров иһитиннэрбитинэн, олохтоох дьаһалталар баһылыктара бэйэ-бэйэлэрин кытта ыкса сибээстээхтик үлэлэһэ олорллор.

Көмөҕө анаан «Урал» массыынаны ыыта сатыахпыт. Оҕолору Үчүгэйгэ диэри вездеходунан аҕалтаран баран, онтон ыллаттарыахпыт. Айан суола оҥоһуллуор диэри олохтоохтор ыраах айаннаабаттарыгар эттибит. Балаһыанньаны улуус салалтатын кытта нэһилиэктэр баһылыктара хонтуруолга ылан олоробут.

Уһун ардахтарга хайа үрүйэлэрэ тоҕо анньан киирэн, сыл аайы баччаларга суолбут алдьанар, хаайтарыы буолар. Онон айанныыр уопуттаах дьон ардах түһэрин-түспэтин, күн-дьыл туругун кэтии сылдьан айанныыллар. Төһөнөн үрүйэ айан суолунан барар да, күн көрдөҕүнэ оннук түргэнник уу түһэр. Онон суолу да оҥорооччулар маннык усулуобуйаҕа үлэлиир үөрүйэх буолан, сотору айан-сырыы олохтонуо диэн эрэллээхпит, — диэн бэлиэтээтэ Алексей Винокуров.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

2 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

3 часа ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

5 часов ago