Салгыы
Суоллааҕы бэлиэтээһиннэр: Кыһыҥҥы  Грузияҕа

Суоллааҕы бэлиэтээһиннэр: Кыһыҥҥы  Грузияҕа

04.02.2024, 17:00
Женни Стрюкова хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Грузияны көрүөхпүн баҕарбытым ыраатта. Онон Саҥа дьыллааҕы уһун өрөбүллэргэ Грузияҕа Владикавказтан таксыынан аргыстарбын кытта айаннаатым.

Биэс чаас кэриҥэ Байыаннай-Грузинскай суолунан айаннаан, Тбилиси авто-ыстаансыйатын буллубут. Хата, мин дьолбор, үтүө санаалаах суоппар түбэһэн, хонук сирбин буларбын сүбэлээн, метроҕа диэри атаарда. Дьэ, онтон “Площадь Свободы” тохтобулга тиийэн түстүм, тахсаап­пын кытта Саҥа дьыл­лааҕы киэһээҥҥи Грузия эҕэрдэлии тоһуйда. Уулусса барыта чап-чаҕылыҥнас, сып-сыр­дык. Метроттан тахсаат, өрө диэки баран, сотору хараҕым хостел диэн сурукка хатанна. Хойутаабыт айанньыт атаҕым сири билбэт буола үөрэн киирдим. Миэстэ баар эбит. Онон баара-суоҕа болуос­саттан 4 мүнүүтэлээх сиргэ түстүм, хонугум иһин 20 ларины төлөөтүм (1 лари = 34 солкуобай).

Күн аайы сатыы куораты кэрийэбин. Ол аайы бииртэн биир кэрэ миэстэ аһыллан иһэр курдук. Эргэ уонна Саҥа Тбилиси уратылар. Эргэ оройуон кыараҕас уулуссаларынан, 13-19-с үйэтээҕи дьиэлэринэн, кафедральнай собуордарынан баай. Саҥа Тбилисигэ Рике паарка ураты тутууларын көрбөтөххүнэ, Эйэ муос­татыгар таарыйбатаххына, канатнай суолунан айаннаа­батаххына, эмиэ бу дойдуга сылдьыбатах курдук буолуох­ха сөп. Бырааһынньык күннэрэ буолан, турист эрэ толору, кэ­­лии-барыы бөҕөтө. Хас хардыы аайы рестораннар ааннара киириҥ диэн угуйа турар курдуктар. Ас-үөл дэлэй дойдута буолла. Ураты куукуна­лаах Грузия хас биирдии ыалдьыты туох эрэ сонун бүлүүдэнэн күндүлүүр. Ханна да аһыы киирдэххинэ, хинкалита, хачапурита уо.д.а.  суох табыллыбаккын.

Марионеткалар тыйаатырдарын таһыгар күнүс киһи бөҕө тоҕуоруйар. Манна үөһээ болкуоҥҥа 1 чааска ангел кыыс тахсан эргийдэҕинэ чаһы лыҥкыныыра эмиэ дьикти. Грибоедов аатынан тыйаатыр (испэктээк – 25 лари) эргиэн киинигэр баара табыгастаах эбит.

Сунтаар, Мииринэй – манна

Сэбиэскэй Сойуус саҕана үөрэммит грузиннар бары нууччалыы билэллэр, онон кэпсэтэргэ үчүгэй.  Биир күн “Сухой мост” диэн ааттаах сиргэ баар борохуолкаларыгар сырыттым. Бу муоста анныгар уу суох буолан, норуот итинник ааттаабыт. Дьэ, манна киһи кэрэхсии көрөрө үгүс. Кэллиэксийэһиттэр толорулар. Арай туран, харахпар Саха сирин значоктара хатаннылар. Сунтаар, Мииринэй, Сангаар, кыталыктаах  уо.д.а. значоктар бааллар. Кэллиэксийэһит Мииринэйгэ алмаас хостонорун, кыталык диэн сэдэх көтөр баарын туһунан кэп­сээн соһутта. Дойдум значоктара буолалларын истэн, олус сэргээтэ. Хомсомуол, октябренок, тутар этэрээт  значоктарын  араас көрүҥнэрэ бааллар. Тыыл бэтэрээннэригэр олус күндү Сталин төбөлөөх мэ­­тээл бөҕөтө.  Грузиннар маастардара оҥорбут араас тэриллэрэ сөхтөрдө. Олус элбэх хартыына ыйанан турарын, таҥара мэтириэттэрин киһи эрэ сэргии көрүөх курдук. Дулево фарфор иһитин  көмүс дуйа күн уотугар килэбэчийэр. Онон муостаттан Саха сирин аатын ааттатар значоктар баалларыттан астынан төнүннүм.

Оттон сиэрэлээх ­уулаах­­ баанньыкка суумматаххына, Грузияҕа сылдьыбатах тэҥэ буолуох курдуккун. Онон биир күн 5 №-дээх баанньыктарыгар сырыттым. Сир анныгар киирэн суунар эбиккин, таһыттан көрдөххө, баанньык куупала ыраахтан көстөр уонна ол куупалтан буруо тахсар. Кырдьык, ураһа курдук үөһээ өттө дьөлөҕөстөөх эбит, өссө үөһээ истиэнэтигэр түннүк курдук хайаҕастаах. Сиэрэлээх уу киһи этин сымнатар, туһа­лаах дииллэр. Баанньыкка суунуу – 6 лари, туспа хос ылар буол­лаххына, сыана 70 лариттан саҕаланар.

Эмтээх уулаах Боржоми

Бачча ыраах кэлэн баран, Грузия куораттарын көрбөккө барар соччото суох буолуоҕа. Онон эмтээх уулаах Боржомига авто-ыстаансыйаттан айан­наатым. Куруорт буолан, сыаналара ыарахан. Аатырар пааркаларын таһыгар ыалга түстүм. Манна дьиэлэрин куортамҥа биэрээччилэр хайаан даҕаны дьиэлэрэ сылааһын  чорботон бэлиэтииллэр. Тоҕо эбитэ буол­лар, сорох ыалларга дьиэлэрэ ититиитэ суох эбит. Пааркаҕа киирии төлөбүрдээх (5 лари). Паарка иһигэр Боржоми сы­­лаас уутун иһиэххэ сөп. Оттон тымныы уута паарка тас өттүгэр баар. Дьон үксэ пааркаҕа киириини төлөөмөөрү, тымныы ууну ылан иһэр. Мин санаабар, тымныы уута ордук күүстээх курдук. Киһи ис уорганыгар олус туһалаах уу буолан, манна элбэх киһи уу иһэ анаан-минээн кэлэр эбит. Собуот бэйэтин маҕаһыыныгар 1,5 лиитирэлээх Боржомины 2 ларига атыылыыллар.

Иккис күммэр үс килэмиэ­тир курдук тэйиччи баар сиэ­­рэлээх  уулаах бассейҥ­ҥа сөтүөлүү барарга сананным. Эмиэ суолум паарка иһинэн ааһар. Бассейҥҥа тии­йэр суол соҕотох, ханна да му­­нуоҥ суоҕа диэбиттэрин иһин, сөтүөлүүр сыаллаах-сорук­таах киһи быһыытынан түһүнэн кэбистим. Хайаттан түһэр үрэх кылыгырас  тыаһын истэ-истэ хааман иһэбин. Үрэҕи туоратар муосталара бөҕө-таҕа оҥоһуулааҕыттан сөҕөҕүн эрэ. Дьэ, доҕоор, биир үрдүк сыыр­га кэлэн моһуогу көрүстүм. Хаар ирэ-ирэ тоҥон хап-халтараан буолбут. Ыксаан, икки илиибэр мас тайахтанным. Син оннук муҥнанан сыырым оройугар тахсарым бу кэлбитин кэннэ кыа­йан иннибинэн да, кэннибинэн да барар кыаҕа суох буол­лум. Сыыллан тахсыахха дуу дии са­­наан баран, ол да абырыа суох курдук. Үрэҕим дириҥ баҕа­йыга сытарын көрөн, бэл, мэ­­йиим эргийиэх курдук буолан ылла. Онтон тайахтарбынан тоҥсуйа-тоҥсуйа хара буор та­­һааран, онно саппыкыбынан араастаан үктэнэн, син таҕыс­тым эбээт. Түһэрим эмиэ бэрт эрэйдээх буолла. Оннук сордонон сөтүөлүүр сирбэр тиийдим. “Хата , кэллиҥ дии”, – дэстилэр мин иннибэр барбыт дьон.  Манна 10 ларины төлөөн киирэҕин. Биир улахан, икки кыра бассейннаах. Кыраанынан түһэр уу сылаас эрээри, хайдаҕын да иһин, тымныы буоллаҕа дии, бассейҥҥа уу сөрүүн соҕус. Ол да буоллар, ууга киирбит киһи тахсыан баҕарбат. Арыый тэйиччи соҕус таҥнар сир баар. Сотторгун бүрүнэн баран онно сүүрэҕин. Дьон үс саастаах оҕолорун кытта манна аҕалан сөтүөлэтэллэр эбит. Олус үчүгэй ууга сөтүөлээн, бары да сэргэхсийбиппит. Сарсыныгар эмиэ баран кэ­­лиэххэ дуу дии санаабытым даҕаны, ардах түһэн, барбатаҕым.  Романовтар уһаайбалара баара өрөмүөҥҥэ турар диэтилэр. Хайыһардьыттарга, сноубордистарга Боржомиттан чугас Бакуриани үчүгэй дииллэр. Онно барыта хаар дойду үһү.

Грузияттан – Арменияҕа, Турцияҕа

Грузия аан бастакы киин куоратыгар Мцхетаҕа сылдьыбатахха, астыга суох курдук. Кутаисига дьон олус аламаҕайа сөхтөрдө. Онно эмиэ күүстээх ардахха баттаттым, хата, кафе хаһаа­йына сүүрэн тахсан микро-оптуобуһу тохтотон, автовокзалга сытыйбакка тиийбитим.

Оттон И.В.Сталин төрөөбүт дойдутугар Горига баар түмэл эмиэ олус интэриэһинэй. Сталин сэрии кэмигэр айаннаабыт богуона оччотооҕу кэм тыынын иҥэрэн турар. Бэл, купеларын ааннара барыта сиэркилэ. Кремльгэ бастакы кэбиниэтэ, ки­­ниэхэ анаммыт бэлэхтэр киһи болҕомтотун тардаллар. Холобура, Москватааҕы иистэнэр баабырыка тикпит андаатар саҥыйаҕа баар. Түмэл таһыгар төрөөбүт дьиэтэ турар, эмэҕирэн бүтээхтээбит.

Бу дойдуга ыттара наһаа элбэҕин олус бэркиһээтим. Рестораннартан эҥин ас тобоҕо элбэх тахсар быһыылаах, кулгаахтарыгар чииптээх, аһары уойан хаалбыт ыттар нэһиилэ дөөдөҥнөһөн хаамаллар. Тот буолан, киһиэхэ кыһамматтар.

Дьэ, ити курдук, 18 хонук олох биллибэккэ ааһан хаалла. Тбилиситтэн Арменияҕа барыахха сөп (50 лари), оттон Батумиттан Турция олох чугас дииллэр.

Хайалардаах кыһыҥҥы (8 кыраадыс) уонна ыалдьытымсах Грузияттан астынан-дуоһуйан, төрөөбүт дойдубар төнүннүм.

№-

рэ

Аата Сыаната (лари)
(1 лари = 34 солк.)
1. Мцхета, Джвари 50
2. Гори, Уплисцихе 80
3. Гудаури, Казбеги 80
4. Дашбаши каньон 100
5. Боржоми, Бакуриани 100
6. Боржоми, Вардзия, Рабат 120
7. Кахети 80
8. Прометей хаспаҕа 130
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: