Суоллары оҥорууга национальнай бырайыагынан салгыы үлэ ыытыллар

Суоллары оҥорууга национальнай бырайыагынан салгыы үлэ ыытыллар

Ааптар:
06.02.2024, 10:25
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

Дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин көҕүлээбит «Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак  иитинэн  «Суол ситимэ» эрэгийиэннээҕи бырайыагынан 299 км уһуннаах суол бүрүөһүнүн ууруу хааччылынна.

Массыына суолларын туруктарын тупсарыыга үбүлээһин уопсай кээмэйэ 10,2 млрд солкуобайга тэҥнэстэ, ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн 4,6 млрд (45 бырыһыан) тардылынна, ол 2022 сыл кээмэйиттэн 4,5 бырыһыан үрдүк.

2024 сылга «Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак иитинэн,  Саха сиригэр  175 км  уһуннаах  массыына суолун саҥардан, өрөмүөннээн үлэҕэ киллэрии былааннанар.  Бу  175 килэмиэтиртэн 31-рэ Дьокуускай куоракка. Санатан эттэххэ, киин куоракка Можайскай уулуссаны саҥардан оҥоруу үлэтэ түмүктэниэхтээх. Итиэннэ  Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулусса хапытаалынай өрөмүөнэ саҕаланыахтаах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: