Хаартыска: ЯСИА.
Дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин көҕүлээбит «Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак иитинэн «Суол ситимэ» эрэгийиэннээҕи бырайыагынан 299 км уһуннаах суол бүрүөһүнүн ууруу хааччылынна.
Массыына суолларын туруктарын тупсарыыга үбүлээһин уопсай кээмэйэ 10,2 млрд солкуобайга тэҥнэстэ, ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн 4,6 млрд (45 бырыһыан) тардылынна, ол 2022 сыл кээмэйиттэн 4,5 бырыһыан үрдүк.
2024 сылга «Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак иитинэн, Саха сиригэр 175 км уһуннаах массыына суолун саҥардан, өрөмүөннээн үлэҕэ киллэрии былааннанар. Бу 175 килэмиэтиртэн 31-рэ Дьокуускай куоракка. Санатан эттэххэ, киин куоракка Можайскай уулуссаны саҥардан оҥоруу үлэтэ түмүктэниэхтээх. Итиэннэ Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулусса хапытаалынай өрөмүөнэ саҕаланыахтаах.
Эһиил муус устар 1 күнүттэн социальнай биэнсийэлэри уонна судаарыстыбаттан бэриллэр биэнсийэлэри 6,8% үрдэтиэхтэрэ. Бу туһунан…
СӨ Дьокуускай куоратын борокуратуурата бэрэбиэркэ ыытан, 68 саастаах куорат олохтооҕо төлөпүөн нөҥүө үлэлиир түөкүннэр албыннарыгар…
«Почта России» Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктар иннилэринэ биэнсийэни уонна социальнай төлөбүрдэри тиэрдии бэрээдэгин туһунан иһитиннэрэр. Ахсынньы…
Саха сиригэр РФ Сэбилэниилээх Күүстэригэр хантараагынан байыаннай сулууспаҕа гражданнары сүүмэрдиир үлэ тохтоло суох барар. Бүгүҥҥү…
«Жатай» куорат уокуругун 1 №-дээх орто уопсай үөрэхтээһин оскуолатыгар Аҕа дойду Дьоруойдарын күнүн көрсө, Арассыыйа…
Арассыыйа сорох туһанааччылара Windows 11 операционнай система саҥардыытын туруоруммуттарын кэннэ, «күөх экран» (Blue Screen of…