Суолу туораан иһэр киһини түҥнэри көттүлэр
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 10 суол быһылаана тахсыбытыттан, биэһэ киин куоракка бэлиэтэммит. Бу туһунан куорат Госавтоиниспиэксийэтэ иһитиннэрэр.
Нам оройуонугар массыына түҥнэстэн, 4 киһи араас эчэйиини ылбыт, биир киһи суорума суолламмыт.
Дьокуускайга куоракка 16 чаас саҕана Лермонтов — Каландаришвили уулуссалар быһа охсуһууларыгар Тойота Королла массыына суоппара хаҥас өттүгэр эргииргэ утары иһэр Тойота Хайс массыынаны аһардыбатах.
Саахал түмүгэр Тойота Королла массыына 9 саастаах пассажира эчэйиини ылбыт.
Киэһэ 20 чаас саҕана Лермонтов — Короленко уулуссаҕа суолу туорааһыҥҥа 20 саастаах Тойота Витц суоппара Курашов уул. өттүттэн айаннаан иһэн, 60 саастаах киһини түҥнэри көппүт (светофор кыһыл уота тыган турдаҕына туораан испит).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: