Таксыы суоппара Өлүөнэ эбэ мууһунан туораары ыстаараптаныа
13.11.2024, 19:20
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:
Бүгүн, сэтинньи 13 күнүгэр, Аллараа Бэстээххэ ГАИ үлэһиттэрэ Тойота Ипсум мааркалаах массыыналаах 28 саастаах суоппары тохтоттулар.
Эдэр суоппар Дьокуускай — Амма хайысханан 5 пассажиры тиэйэн иһэн Өлүөнэ эбэни сокуоннайа суох туоруурга санаммыт. Госавтоинспекцияҕа чуолкайдаабыттарынан, суоппар хас биирдии пассажирын 2000 солк. суумаҕа тиэйэн испит. Киһи олоҕор уонна доруобуйатыгар кутталы үөскэтилээх өҥөнү оҥоруу иһин матырыйаалларынан силиэстийэ ыытыахтара. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Санатан эттэххэ, Холуобунай кодексынан ыстараап 300 000 солк. диэри тиийэр, эбэтэр 360 чааска диэри болдьоххо булгуччулаах үлэнэн буруйданар, эбэтэр 3 сылга диэри көҥүлэ хааччахтанар.
+1
5
+1
8
+1
3
+1
2
+1
28
+1
4
+1
5
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: