«Суоппарбын быраҕан, хайдах атын үлэҕэ көһүөхпүнүй?»
Быйылгы Үлэ сылыгар улуус аайы удьуор суоппар идэлээх дьону анаан чиэстииллэр. Биир оннук тимир көлөнү доҕор оҥостубут ыалынан Уус Алдан улууһун олохтоохторо Алексеевтар дьиэ кэргэн династиялара буолар.
Санаата — массыына уруула
«Төһө да биэнсийэҕэ бардарбын, санаам ол эрэ — ыраах айан. Кыһын уолбуттан Гаврилтан хаалбатарбын диэн санаалаахпын. Суоппар оҕом «хааныҥ баттааһына үрдүгэ кутталлаах, онтон атын үөрүүнү кытта…» диир. Доруобуйам туругунан кэргэмминээн сүөһү көрөбүт да,
хаһаайыстыба көрүүтэ миэнэ буолбатах. Кэтэх хаһаа-
йыстыбабытыгар 20 төбө сүөһүлээхпит. Ыраах айаҥҥа сылдьа үөрэхтээх киһи дууһам массыына уруулугар тардыһар», — диэн кэпсээнин саҕалыыр быйыл 61 сааһын туолбут Гаврил Гаврильевич Алексеев.
Үс көлүөнэ суоппар
Уопуттаах суоппар туоххаһыйара оруннаах. Кини хаан-уруу аймахтара — бары суоппардар. Кэргэттэрэ, оҕолоро эмиэ «массыына…» диэн баран муннукка ытаабыт дьон, бары массыына ыытар бырааптаахтар.
— Биһиги үс көлүөнэ суоппардарбыт. Аҕабыт рационализатор-мэхээнньик этэ. Сэттэ оҕоттон түөрдэ — уол. Бары суоппардарбыт. Мин аармыйаттан 1984 сыллаахха
кэлээт, «Лена» сопхуоска суоппардаабытынан барбытым. Уопутурбутум кэннэ улахан «ЗИЛ» массыынаҕа уотурба таһыытыгар көһөрбүттэрэ. Убайым Тихон Гаврильевичтыын Нерюнгри Золотинкатыгар ыйга үстэ төттөрү-таары айанныыр этибит. Биир эриэйсэ — уон күн. Аны суол куһаҕанын эбэн кэбис. Аара, эгэ, остолобуой кэлиэ дуо? Бырысыаптаах «ЗИЛ» массыынабытынан айаннаан куугунатыы буоларбыт.
Дьиэ кэргэн биригээдэтэ
90‑с дьалхааннаах сылларга ыһыллыы-тоҕуллуу буолан, сопхуостара эстэн, үрүө-тараа барыы буолбутугар, Гаврил Алексеев таксыыга көспүт. 1997 сыллаахха «ЗИЛ» массыыналааҕын «КамАЗ» массыынаҕа атастаспыт.
— Бырааппын кытта бииргэ ыраах таһаҕас тиэйэр этибит. Кэлин биир дьиэ кэргэнтэн түөрт массыынанан биир биригээдэ буолан, тутуспутунан айанныыр буолбуппут. Бииргэ төрөөбүт быраатым Михаил Гаврильевичтыын өрөспүүбүлүкэ улуустарынан чох, бурдук, от тиэйэн аҕай биэрбиппит. Кини төрөппүт уола Сергей Алексеев Намнааҕы ОДьКх суоппарынан үлэлиир. «Хаар айан» күрэхтэһии чөмпүйүөнэ.
Хотунан-соҕуруунан быыстала суох айаннаабыт үлэ дьоно — биһиги дьиэ кэргэн. Ыраах айан суоппарынан үлэлээбит убайым
Николай Гаврильевич уола Андрейдыын Нерюнгриттан райпоҕа бурдук, Кангалаастан — Бороҕоҥҥо чох, Дьааҥы оройуонун Баатаҕай бөһүөлэгэр уонна Эбээн Бытантай улууһун ОДьКХ-ларын хочуолунайдарыгар турба, оһох тэриллэрин таспыппыт. Ити 2010‑с сылларга этэ. Ый аҥаарын быһа — кыһыҥҥы суол, адаар таас хайа. Онно эбии тибии тибэр, тарынныыр. Тоһуттар тымныыга уу-хаар ортотунан кэстэрии кытаанаҕа буолааччы. Саха сирин соҕуруу өттүгэр Нерюнгри суолун оҥоруу кэмигэр айаммыт сөп түбэспитэ. 2008–2010 сылларга бу диэки суолу аспааллааһын ыытылла турара. Сайыҥҥы өттүгэр Таатта, Чурапчы туһаайыытынан куһаҕан суолунан айаннааһын ураты тулууру ирдиирэ.
Онон Томпо «Нулевойугар» сырабыт-сылбабыт баранан тиийэрэ», — диэн кэпсиир сэһэргэһээччим.
Сөбүлүүр үлэтэ
Гаврил Гаврильевич, бука, тэрийэр дьоҕурун бэлиэтии көрөн, араас салайар үлэҕэ аныы, үөрэххэ ыыта сатаабыттарын, буолумматах.
— Ол курдук, ОДьКХ салайааччытынан аныы сатаабыттара. Салайар каадырдары бэлэмниир орто анал үөрэх кыһатыгар ыыппыттарын, аккаастаммытым. Санаам эрэ — сөбүлүүр үлэм. «Хайдах суоппарбын быраҕан, атын идэҕэ көһүөхпүнүй?» дии саныырым. Үлэм миэхэ элбэҕи биэрдэ. Сахам сирин үксүн көрдүм-иһиттим, дьон олоҕун-дьаһаҕын билистим.
Ыраах айан суоппара этэринэн, «именной» массыыната — «Volvo» дьиэтин аттыгар хаһан баҕарар айанныырга бэлэм турар. Онон эрэллээх көлөтүгэр олоро биэрээт, Гаврил Алексеев ыраах айанната турдаҕына да, көҥүлэ…
Евдокия ДЬЯЧКОВСКАЯ, ыраах айан суоппардарын эрэгийиэннээҕи уопсастыбаннай тэрилтэтин сүрүннээччи:
— Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 54 ыраах айан суоппардарын династията баар. Хас улуус аайы — биир дьиэ кэргэнтэн убайдыы бырааттыы үс-түөрт көлүөнэ суоппардар. Ол курдук, Уус Алдан улууһугар — 13, Тааттаҕа — 13, Чурапчы улууһугар 5 династия баар. Маны таһынан, хас да көлүөнэ суоппардар Үөһээ Бүлүү, Горнай, Сунтаар, Амма, Ньурба, Булуҥ улуустарыгар үгүстэр.
Ыраах айан суоппара — улахан сыраны, тулууру, эппиэтинэһи эрэйэр уустук үлэ. Өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кинилэр сүҥкэн суолталаах кылааттарын киллэрэллэр. Итиини-тымныыны аахсыбакка, уһун айаҥҥа сылдьар дьоммутугар — ыраах айан суоппардарыгар — күннээҕи олох тупсарын туһугар туһуламмыт кыһамньылаах үлэлэригэр ситиһиини, кинилэринэн киэн туттан туран, көнө суолу уонна алгыстаах айаны баҕарабын!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: