Суордаах нэһилиэгэр — саха ынаҕа

Share

Дьааҥы улууһун уһук сытар Суордаах нэһилиэгэр сүөһү иитиитигэр улахан болҕомто уураллар. Ол курдук, быйыл саас СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ Дьааҥы улууһугар Сылгыһыттар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэрин тэрийбитэ. Онно өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин  миниистирэ А.Александров  кэлбитинэн сибээстээн, суордаахтар сүбэ мунньахха саха сүөһүтүн иитэр баҕалаахтарын туһунан туруорсубуттара.

Нэһилиэк олохтооҕо, пиэрмэр Дмитрий Горохов 2021 с. ынах сүөһү иитиинэн дьарыктанар.

Кини  олохтоох дьаhалтаны кытта үлэлэhэн, 25 саха сүөһүтүн  Эбээн-Бытантай улууһун Саккырыыр нэһилиэгиттэн атыылаһан  ииттэр буолла.

Бу үтүө саҕалааһын туhунан “Суордаах нэhилиэгэ” муниципальнай тэриллии баһылыга Владимир Стручков “Саха сирэ” саайтыгар маннык кэпсээтэ:

Бааhынай хаhаайыстыба салайааччыта Дмитрий Дмитриевич Горохов “Саха сүөһүтэ”   тэрилтэттэн  25 сүөhүнү — 10 ынаҕы уонна 15 торбоhу  ыларга 1 мөл.  суумалаах  дуогабар түhэристэ. Маныаха  50% ол эбэтэр  800 000  солкуобай үбүнэн-харчынан көмөлөспүт  “Дьааҥы улууhа” муниципальнай тэриллиигэ, чуолаан, баһылык Владислав Михайлович Ивановка уонна улуус тыатын хаhаайыстыбатын салайааччытыгар  Кэскил Степановна Ефимоваҕа нэһилиэк аатыттан истиҥ махталбытын тиэрдэбит.

Бу атыылаһыыга 200 тыhыынчаны пиэрмэр бэйэтэ уйунна.  Суордаах нэһилиэгин дьаhалтата муниципальнай тус сыаллаах   бырагырааманан хаалбыт 600 тыh. солкуобай харчыны төлүүрүгэр көмөлөһүөҕэ.

Онон, Дулҕалаах үрэҕин уҥуор, Суордаах нэhилэгиттэн аллараа 20 килэмиэтирдээх Хатыҥнаах учаастагар саха сүөһүлэрэ Эбээн-Бытантай улууhуттан  этэҥҥэ тиэллэн кэллилэр. Урбаанньыт “ИП Иванова С. П.” 350 тыh.  солк.  Саккырыыр курдук ыраах сиртэн Хатыҥнаахха диэри аҕалыытын хааччыйбыт, ынахтары суоппар Маман Николаевич Иванов бэрт үчүгэйдик  тиэйэн аҕалбыт.

Хаартыскалар: В.Стручков ыытта

Тиэллэн кэлбит ынахтар туруктара үчүгэй. Саха сүөһүлэрэ  Хатыҥнаах быйаҥнаах сиригэр  хороҕор муостаахтары үксэтиэхтэрэ.

Дмитрий Дмитриевич курдук  сүөhүнү иитээччилэр  нэhилиэнньэ ас-үөл өттүнэн куттала суох буолуутун хааччыйаллар.

“Саха ынаҕа” тэрилтэ тыа сиригэр саха ынаҕын тэнитэрэ кэскиллээх.

Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев  2024 сылга саха боруодатын ыанар ынаҕын ахсаанын 1000 тириэрдиэхтээхпит диэн туруорбут соруга олоххо тэтимнээхтик киирэригэр Суордаах пиэрмэрэ Д.Горохов эмиэ бэйэтин сэмэй кылаатын киллэриэҕэ.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

5 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

9 часов ago