Олохтоох дьаһалта тиксэрдэ
Дьааҥы улууһун Суордаах нэһилиэгэр быйыл сайыҥҥыттан биэрэги бөҕөргөтөр үлэ ыытыллар.
Бу үлэҕэ олохтоох урбаанньыт Д.Д.Горохов үтүө суобастаахтык үлэлиир. Кини өссө бэйэтин үбүнэн кытылы бөҕөргөтөөрү улахан кыамталаах тыраахтары – погрузчигы атыыласпыт. Онон олохтоох дьаһалта улахан кыамталаах тиэхиньикэҕэ сөптөөх үлэнэн хааччыйарга кыһанар. Урбаанньыт кытылы бөҕөргөтүүнү кыһыҥҥа диэри ыытар соруктаах.
— Биллэрин крудук, Суордаахха үрэх сүнньэ уларыйан, эрэйи көрдөрбүтэ. Ол түмүгэр биэрэк сиҥнэр. Маныаха үрэх үрдүгэр олорор сэттэ ыал төлөбүр ылбыттара. Уопсайа 21,5 мөл солк. көрүллүбүтэ. Итилэртэн билигин төлөбүр ылбыт үс ыал дьиэтэ биэрэк быстан, устан барбыта. Ылбыт үптэринэн бу ыаллар Дьокуускайга, Баатаҕайга дьиэ ылаллар, сорохтор бөһүөлэккэ сир ылан дьиэ туттар баҕалаахтар. Билигин аны маннык төлөбүргэ иккис түһүмэх ыытыллар. Онно 13 дьиэттэн быйыл 4 ыалга харчыта көрүҥ диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы М.В.Никифоров дьаһал биэрбитэ, ону эрэнэ кэтэһэбит, — диир нэһилиэк баһылыга Владимир Стручков.
Онон Суордаахха биэрэги бөҕөргөтөр үлэ барара олус үчүгэй.
Хаартысканы: олохтоох дьаһалта тиксэрдэ
От ыйын 4 күнүгэр, бээтинсэҕэ, күн-дьыл туруга мөлтүүрэ күүтүллэр, диэн Саха сиринээҕи УГМС саайта сэрэтэр.…
Тимир болгуону уһаарар түһүлгэлэригэр дьахталлары киллэрбэттэр эбит. Онон саха тимир уустара тимир болгуону уһааран таһаарар…
Бу чааска Ил Дархан Айсен Николаев Нерюнгригэ ыытылла турар Олоҥхо ыһыаҕар саха уустарын кытта тимир…
От ыйын 1 күнүгэр Бүлүү оройуоннааҕы суута кафе-бар үлэтин 30 хонукка тохтотор туһунан уурааҕы таһаарда. …
Бу эбийиэктэр “Үтүө дьыала хамсааһын” уонна “СӨ култуураны сайыннарыы” судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчилэринэн киириэхтэрэ. Дьааҥы улууһун…
Бу күннэргэ социальнай ситимҥэ Дьокуускай куоракка Можайскай уулуссаҕа биир эр киһи массыыналаах киһини охсуталыыр видеота…