Хаартысканы олохтоох дьаһалта ыытта
Бэҕэһээ өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев быһа эпиирэ буолбута. Онно халааҥҥа бэлэмнэниигэ эмиэ санаатын эппитэ.
— Дьааҥы улууһун Суордаах нэһилиэгэр былырыын уу содулуттан эмсэҕэлээбитэ. Онон болҕомтоҕо тутабыт. Былырыыҥҥы халаан түмүгэр биэрэк 30-50 м тиийэ быстан, дьиэлэргэ чугаһаабыта. Былырыын 8 ыал көһүүгэ харчы ылбыта. Уопсайа 21 мөл. солк. көрүллүбүтэ. Быйылгы иккис түһүмэххэ 14 дьиэ баар. Онно 33 мөл. солк. биэрэргэ былаанныыллар, — диэтэ Суордаах баһылыга Владимир Стручков.
Аҕыйах хонуктааҕыта «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр халаан уутун содулларын туоратыыга, чөлүгэр түһэрэр үлэни тэрийиигэ ситэриилээх дириэксийэ» дириэктэрин солбуйааччы Виталий Петров, улуус баһылыгын солбуйааччы Сергей Котельников кэлэн балаһыанньаны билсэн бардылар.
Бу киэһэ Ньурбаҕа ардах курулаччы түһэ турарын туһунан видео социальнай ситимнэринэн тарҕана турар. "Ньурбаҕа ардах…
Булуҥ оройуонун суута 37 саастаах Эдьигээн оройуонун олохтооҕор бириигибэрин таһаарда. Эр киһи соруйан доруобуйаҕа ыарахан…
Улан-Удэ куоракка ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы гиирэ успуордун турнирыгар Нам улууһун "Олимпик"…
Дьаҥ-дьаһах сатыылыыр. Хайа эрэ оскуолаҕа харантыын тохтоон, оҕолор үөрэнэ тахсалар. Оттон Хаҥалас улууһун П.С.Скрябин аатынан …
Бу күннэргэ Хаҥалас улууһун 2-с Малдьаҕар бочуоттаах олохтооҕо, байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, «Саха Боотур» диэн уол…
Ааспыт нэдиэлэҕэ Саха сиригэр Татарстан Өрөспүүбүлүкэтиттэн дэлэгээссийэ оробучай сырыытынан кэлэн барда. Сырыы сүрүн сыала Саха…