Салгыы
Суордаахха Култуура киинэ тутуллар

Суордаахха Култуура киинэ тутуллар

13.07.2023, 15:30
Хаартыска: олохтоох дьаһалта тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Дьааҥы улууһун Суордаах нэһилиэгэр (баһылык В.Стручков) саҥа элбэх көрүҥнээх Култуура киинин былырыыҥҥыттан тутуутун саҕалаабыттара.

Тутууну бэдэрээтчит Заборовскай Ян Петрович салайан ыытар. Былырыын 10 мөл. суумалаах үлэни түмүктээбиттэрэ. Быйыл 15 мөл. суумалаах үлэ күөстуоргуйа турар. Эһиил онон 100 миэстэлээх кулууп үлэҕэ киириэхтээх. Ыраах уһук нэһилиэк буолан, тутуу матырыйаалын тиэллиитэ уустук, ыарахан сыаналаах.  Тыа сиригэр тутуу маһа дэлэй буолан, олохтоох үлэһиттэргэ үп-харчы киирдин диэн буруус маһынан тутарга быһаарбыттар. Сотору кэминэн култуура киинин кырыыһата уонна хочуолунайа оҥоһуллуохтаах.

Онон кытыы дойду олохтоохторо саҥа кулууптара тутуллан бүттэҕинэ, сэргэхсиийэ этилэр.

Хаартыска: олохтоох дьаһалта ыытта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: