Суордаахха тутуу бөҕө ыытыллар
Ыраах Дьааҥы улууһун Суордаах нэһилиэгэр сайыҥҥы күннэри былдьаһа үлэ бөҕө ыытылла турар.
Ол курдук, ФАП тутулунна, билигин ис үлэтэ бүтэн эрэр. Уот боробуотун тардаллар. Манна 10-ча киһи үлэлээтэ. Сварщигы, электригы сэргэ олохтоох дьон кытыннылар. Саас муус устар ыйтан үлэлээн, бүтэрэн эрэллэр. Бастакы биригээдэ үлэлээн бүтэн барбыт, электрик ити силигин ситэрэр.
— Суордаахха кулууппут тутулла турар. Онно 8 киһи үлэлиир. Бэдэрээтчит – Ян Забороцкай, суббэдэрээтчит – Михаил Слепцов. Бастакы сылыгар 15 мөл үлэ ыытыллар. Кулууппут эһиил бүтүөҕэ диэн эрэнэбит. Билигин түннүгүн, ааннары туруордулар, хочуолунайын оҥордулар.
Өссө водопровод илииньийэтин оҥорууга 300 миэтэрэ курдук усталаах тирэхтэри туруордулар. Аны ону холботобут. Бу үлэни, чуолаан, үс үлэһити Дмитрий Горохов салайда, — диэн кэпсээтэ Суордаах баһылыга Владимир Стручков.
Биир үөрүүлээх сонунунан Суордаахха “Якутоптторг” тэрилтэ “күөх рейсэ” тиийбитэ буолар.
Хаартыска: В.Стручков ыытта
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: