Суоруна тааһыгар бурдугу тардыбыттыы

Суоруна тааһыгар бурдугу тардыбыттыы

11.11.2022, 10:45
Бөлөххө киир:

Арассыыйа уонна Украина бурдугунан, мас арыытынан, тыа хаһаайыстыбатыгар туттуллар араас уоҕурдуунан Хара муоранан тас дойдулары үгүстэрин хааччыйа олорбута. Олунньуга Арассыыйа анал байыаннай эпэрээссийэ биллэриэҕиттэн, аан дойду бу табаардарга кырыымчыгыран, манна улахан боппуруос турбута. Бэс ыйыгар Арассыыйа, Украина, Турция уонна Холбоһуктаах Нациялар Тэрилтэлэрэ Стамбулга көрсөн, бу табаардар Хара муоранан мэһэйэ суох барыахтаахтарын туһунан кэпсэппиттэрэ, түөрт өрүттээх дуогабар баттаспыттара.

 

Эйэлэһиигэ бастакы хардыы этэ

Арассыыйа уонна Украина бурдугу, мас арыытын, араас уоҕурдууну тас дойду ырыынагын аҥаарын хааччыйан олороллор. Иллэрээ сыл, былырыын аан дойдуга мас арыытын – 55 %, сэлиэһинэйи –  30 %, кукурузаны – 20 % таспыттара. Итини таһынан Арассыыйа аан дойдуга уоҕурдууну тириэрдиигэ инники күөҥҥэ сылдьыбыта. Олунньуга анал ба­­йыаннай эпэрээссийэ биллэрил­лиэҕиттэн Арассыыйа бородууксуйатыгар хааччах киирбитэ, Европа дойдуларыгар биһиги дойдубут бурдуга, уоҕурдуута киирэрэ тохтообута. Бу ордук дьадаҥы дойдуларга биллэн барбыта. Кулун тутартан саҕалаан Турция, Египет, Иран, Саудовскай Аравия, Израиль, о.д.а. дойдулар этиилэринэн кыра-кыралаан бурдугу таһыы кэтэҕинэн саҕаламмыта. Ыам ыйыгар Холбоһуктаах Нациялар Тэрилтэлэрэ бу боппуруоһу хайаатар да быһаарыахха наада, Арассыыйаҕа киирбит хааччахтары сымнатыахха диэн этиилээх тахсыбыттара. Онон бэс ыйыгар ХНТ Арассыыйаны, Украинаны уонна Турцияны (Европаны, Азияны холбуур дойду быһыытынан) кытары “бурдук көрүдүөрүн” дуогабарын түһэрсибитэ.

Бу бэс ыйыгар түһэрсиллибит дуогабары эспиэртэр эйэлэһии хонуутугар бастакы хардыы быһыытынан сыаналаабыттара. Бу дуогабарынан Хара муоранан суудуналар мэһэйэ суох тас дойдуларга бурдугу, мас арыытын, араас уоҕурдууну таһыахтаахтар этэ. Дуогабар сэтинньи 19 күнүгэр диэри болдьохтонон оҥоһуллубута уонна салгыы да уһатыллан иһиэхтээҕэ. Маны таһынан Стамбуллааҕы кэпсэтиигэ бастакы уочарат дьадаҥытык олорор дойдуларга табаар тиийиэхтээҕэ болҕомто киинигэр турбута.

Ол эрээри бу дуогабары хара маҥнайгыттан Украина да, ар­­ҕааҥҥы дойдулар да атыннык ылыммыттара. Кэлиҥҥи чахчыларынан, Африка, чугас сытар илиҥҥи дойдулар бу табаардар түгэхтэрин эрэ көрөн хаалбыттара биллибитэ. ХНТ аска-үөлгэ туһуламмыт бырагырааматынан, кыра дохуоттаах дойдуларга бу табаардары таһар 400 суудунаттан баара-суоҕа биэһэ эрэ тиийбит. Хара муоранан таһыллыбыт бурдуктан, кукурузаттан бу дойдулар үс эрэ бырыһыанын тутан хаалбыттар, баһыйар үгүс өттө Испания, Италия, Нидерланды, Германия, Израиль курдук баай, бэйэлэрин хааччынан олорор дойдуларга барбыт. Арҕааҥҥы дойдулар биир тылларынан төһө да Арассыыйаттан тугу да ылбаппыт диэтэллэр, биһиги дойдубут бырагырааматынан син-­биир туһана, хаһаастарын хаҥата олороллор, хайыахтарай, аһыыр-таҥнар кыһалҕа ханна барытыгар баар.

Аны иккис өттүнэн Украина бу дуогабары туһанан, тас дойдулартан сэриигэ туһаныллар сэби-сэбиргэли, сааны-саадаҕы таһына олорбута биллибитэ.

ХНТ-гэр Арассыыйа бэрэстэбиитэлэ Василий Небензя иһитиннэрбитинэн, “бурдук көрүдүөрэ” үлэ­лиэҕиттэн сэрии сэбин кистээн таһыыга барыта 70 суудуна тутуллубут.

Үсүһүнэн, дуогабар быһыытынан Арассыыйа суудуналара аан дойду ырыынагар мэһэйэ суох тахсыахтаах этилэр. Бу чааһыгар Стамбулга Арассыыйа Холбоһуктаах Нациялар Тэрил­тэлэрин кытары туспа меморандум түһэрсэн турар. Ол эрээри билиҥҥитэ Хара муораттан саҕалаан тас дойду пуортарыгар тиийэ суудуналарбыт араас харгыһы көрсөллөр. Бу соторутааҕыта алтынньы 29 күнүгэр Арассыыйа суудуналарын Украина дэлби тэптэрэ сыһан, биһиги дойдубут “бурдук көрүдүөрүттэн” тахсабын диэн биллэрбитэ. Дьадаҥытык олорор дойдуларга Европа пуор­тарыгар тиийэн хаайтарбыт бородууксуйалартан тиксэриэҕин туһунан иһитиннэрбитэ.

Бурдук уонна Турция

Арассыыйа “бурдук көрү­дүөрүттэн” тахсыбытын кэннэ Турция бэрэсидьиэнэ Реджеп Тайип Эрдоган РФ бэрэсидьиэнин Владимир Путины кытары кэпсэппитэ. Турция Өрөспүүбүлүкэтигэр “бурдук көрүдүөрэ” туох барыс­тааҕый? Бастатан туран, Турция бурдугу, уоҕурдууну Украинаттан, Арассыыйаттан ыла олорорун этэн аһарар тоҕоостоох. Быйыл Украинаттан 1,3 мөлүйүөн туон­на туораахтаах бурдугу ылбыта биллэр. Иккиһинэн, Турцияҕа Босфорынан, Дарданелланан атыы-эргиэн ааһара хайа да өттүнэн барыстаах даҕаны, табыгастаах даҕаны. Уонна хайа, Турция бу икки ыаллыы олорор дойдуларын кытары үгүс быра­йыакка бииргэ үлэлэһэ олордоҕо. Билигин Арассыыйа уонна Украина сыһыаннаһыытыгар кэпсэтии былаһаакката буолан, статуһа өссө үрдээн турар. Онон бу бырагыраамаҕа кини интэ­риэһэ улахан.

РФ Оборуонатын минис­тиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, ааспыт нэдиэлэҕэ Украина Хара муоранан тэриллибит “бурдук көрүдүөрүн” туһааннаах сыалга эрэ туһаныаҕын туһунан мэктиэ тылын биэрэн, Арассыыйа бу дуогабары хат сөргүттэ. Манна улахан оруолу Украина тылын Турция уонна ХНТ бигэргэтэн бэйэлэрин өттүлэриттэн күүстээх хонтуруолу ыытыахтарын туһунан иһитиннэрбиттэрэ ылла. Онон билигин Арассыыйа “бурдук көрүдүөрүн” дуогабарын бары өттүнэн тутуһууну кыраҕытык кэтиэҕэ.

Түмүк оннугар

Турция “Анадолу” саайта иһитиннэрбитинэн, бэҕэһээ НАТО уонна АХШ “бурдук көрүдүөрэ” салҕанан барарыгар Турция оруо­ла улаханын бэлиэтээтилэр. «Ааспыт нэдиэлэҕэ Стамбулга бара сылдьан Босфорынан бурдугу тиэммит суудуналары илэ харахпынан көрөн кэллим. Турция бу дуогабары олоххо киллэриигэ үлэлэһиитин тус бэйэм үрдүктүк сыаналыыбын. Аан дойду ырыыныгар кырыымчыгырыы тахсыа суоҕа этэ», – диэн иһитиннэрэр НАТО генеральнай сэкирэтээрэ Йенс Столтенберг.

Ол эрээри билиҥҥитэ Европа дойдулара хааччахтары устарга ыксаабаттар. РФ Тас дойдуларга дьыалаларыгар минис­тиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, Арассыыйа суудуналара билигин да араас мэһэйдэри көрсө олороллор, бурдук, уоҕурдуу тас дойду ырыынагар тахса илик.

Бу дуогабар эйэлэһии хонуутугар, дьиҥэр, сүрдээх улахан ­оруоллаах эбээт. Рим епис­коба (Папа Римский) Франциск: “Арҕааҥҥы дойдулар бэйэлэрин эрэ интэриэстэрин тутаннар аан дойдуга кутталы үөскэттилэр”, – диэн арҕааҥҥы дойдулары, НАТО-ны улаханнык сэ­­мэлээн турар уонна эйэлэһиигэ хас биирдии хардыы олус наада­лааҕын бэлиэтээбитэ. Онон суоруна тааһыгар тардыллыбыт бурдук кэлин туһалаах буолуоҕар эрэнэбит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 87% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: