Салгыы
Суосун сарыаллаах Суолатыгар

Суосун сарыаллаах Суолатыгар

08.06.2023, 17:30
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 3 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас Суолатыгар ытыктыыр киһибит, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, бэйиэт, прозаик, кыраайы үөрэтээччи, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Майа, Моорук, Тараҕай, Уус Алдан улууһун Мүрү нэһилиэктэрин бочуоттаах гражданина Иннокентий Михайлович Сосин төрөөбүтэ 95 сылын көрсө Мэҥэ Хаҥаластааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимэ (дириэктэр —  СӨ култууратын туйгуна Марианна Никанорова) көҕүлээһининэн Моорук Суолатыгар «Суосун сарыаллаах Суолата» бастакы аһаҕас ырыа-хоһоон түһүлгэтэ буолан ааста.

Иннокентий Михайлович хоһуйбут  тапталлаах Суолата чыычаах күйгүөрүнэн, сибэккинэн симэммит күөх ньаассын хонуунан, хатыҥ намчы лабаатынан далбаатаан уруйдуу көрүстэ. Күн да күн чаҕылыйан!

«Биригэдьиир Марыына», «Үчүгэй Суолабыт», «Мүрү, Мүрү барахсан», «Табаҕа», «Аммаҕа», «Чурапчы чараҥа», «Тус хоту», «Татыйаана сэгэрбин»,  «Мэттэкэ-Тэттэкэ Миитэкэй», «Аадьыгыйык-ыыдьыгыйык», улууспут Гииминэ буолбут «Мэҥэлэр Өрөгөй ырыаларын» хайа саха билбэтэҕэй, ыллаабатаҕай? Иннокентий Сосин айымньыларын эдэриттэн эмэнигэр диэри сөбүлээн ааҕалларын бары билэбит. Чурапчыттан төрүттээх сүүс сааһын хаарын ууллара сылдьар ытык кырдьаҕас Габышева Анисья Гаврильевна норуот сөбүлүүр, ураты билинэр бэйиэтин ытыктаан хоһооннорун өйүгэр тута сылдьара сөхтөрдө. Кини «Биригэдьиир Марыынаны» иҥнибэккэ аахпытын уонна бэйиэт утумун салҕааччыларга бэйэтин аудио-алгыһын анаан аахпытын кыыһа видеоҕа устан аҕалан көрдөрдө. Бүтүн үйэ саастаах киһи умнубакка өйүгэр хатыы сылдьарыттан ураты суруйааччы айар үлэтин сыаналааһыны хантан булуоҥуй, истиэҥий?

Суруйааччы олорбут дьиэтэ хатыҥ чараҥҥа сууламмыт, сылгы ньургуһуна нуоҕайа үүммүт, аллараа күлүмүрдүүр үрэхтээх үчүгэйкээн тэлгэһэлээх эбит. Манна  мемориальнай дуоска арыйыытынан саҕаланна «Суосун сарыаллаах Суолата» тэрээһин.

Үөрүүлээх күҥҥэ тоҕуоруһа мустубут дьон Суола ыһыахтыыр түһүлгэтигэр алгысчыт Зиновий Игнатьевка алгыстаннылар. Мустубут ыалдьыттары тэрийээччилэр сахалыы тута астаммыт аһынан күндүлээтилэр – саламаат, алаадьы, кус миинэ, ис миинэ… Маны таһынан нэһилиэк бибилэтиэкэлэрэ түмсэн, хорчуоппа тэрийэн, мустубут дьону күн устата минньигэс аһынан хааччыйдылар.

Салгыы суруйааччы тэлгэһэтигэр ахтыы чааһыгар истиҥ кэпсэтии буолла. Иннокентий Михайлович кыргыттара Дария Захарова, Октябрина Сосина, ону таһынан Любовь Аргунова, Альбина Григорьева, Анна Исакова, Августина Владимирова-Хабарова, Уйбаан Ойуур, Борис Попов, Наталья Пахомова, Дмитрий Сосин сырдык өйдөбүлүнэн санаан, кини баар кэмин эргиттилэр.

Үтүө киһи ыалдьыттара Аргунова Любовь Семеновна, Апросимов Михаил Михайлович, Ермолаев Семен Никонович-Сиэн Өкөр, Осипов Иван Иванович-Ойуур Уйбаан, Санников Михаил Семенович, Егорова Светлана Георгиевна-Тулуйхаана, Винокурова Татьяна Ефремовна-Сабыйа, Владимирова-Хабарова Августина Семеновна, Адамова Саргылана Саввична, Софронеев Прокопий Леонидович, Ольга Демьяновна Халыева, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын солбуйааччы Григорьева Альбина Андреевна, улуус култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтатын начаалынньыга Исакова Анна Руслановна, өр сылларга Иннокентий Михайловичтыын алтыспыт култуура бэтэрээннэрэ түһүмэхтэргэ кыттан тыл этэн, санаа атастаһан, уйадыйа ахтан-санаан аастылар.

Эргиччи эриэккэс айдарыылаах Улахан Киһи Иннокентий Суосуну тула өттүттэн хайан, талба талаанын таһааран эгэлгэ күрэхтэр ыытылыннылар – оҕолорго анаан «Алаас ахтылҕаннаах ырыаһыта» айымньыларынан инсценировка, «Ырыаларым – саныыр санаам саҕахтара» ырыа буолбут хоһооннорунан, «Үтүө поэт Киэсэ Суосун» кэтэхтэн анабыл хоһоон күрэхтэрэ.

Ырыа күрэҕэр Кылаан бирииһи Уус Алдан Бороҕонуттан «Тойон Мүрү» ырыа ансаамбыла (салайааччы Елена Винокурова) ылан, кыайыы көтөллөннө. I-кы истиэпэннээх Үрдэл – Линда Захарова (Майа), II-с Үрдэл —  Татьяна Степанова (Хара), III-с Үрдэл – Марфа Сосина, Анна Билюкина дуэттара (Моорук), дипломаннар: I-кы истиэпэннээх – Дмитрий Егоров (Майа), II-с истиэпэннээх – Мария Романова (Хара), III-с истиэпэннээх – Ньургуйаана Прокопьева (Бүтэйдээх) ааттананнар кыайыы өрөгөйүн биллилэр. Маны таһынан анал ааттар олохтоннулар: «Дьиэрэй куолас» —  Роман Иванов (Ороссолуода), Аллараа Бэстээхтэн «Кэрэхсэбиллээх ырыаһыттар» трио (сал. В. Кузьмин), «Алаас куттаах ырыаһыттар» – Табаҕаттан «Алгыс» ырыа ансаамбыла, «Абылаҥнаах ырыаһыт» – Хаатылыматтан Гаврил Спиридонов, «Ымыылаах ырыаһыттар» («Дьүөгэлиилэр» квартет, Моорук, сал. Г. Сосина), «Кэрэхсэбиллээх куолас» – Николай Васильев (Хара).

«Үтүө поэт Киэсэ Суосун» кэтэхтэн анабыл хоһоон күрэҕэр уопсайа 24 хоһоон киирбитэ – Ньурбаттан, Дьокуускайтан, Мэҥэ Хаҥаластан. Дьүүллүүр сүбэни салайбыт суруйааччы Светлана Егорова-Тулуйхаана киирбит хоһооннору ырытта уонна кыайыылаахтары эҕэрдэлээтэ. Кылаан бирииһи Надежда Сидорова (Майа) «Өрүүтүн өйдүүбүт» хоһоонунан ылла уонна Култуура уонна духуобунай сайдыы салалтата туруорбут 5000 солкуобайдаах сэртипикээтинэн наҕараадаланна. I-кы истиэпэннээх Үрдэл – Ньурбаттан Альбина Аммосова-Күндээдинскэйэ («Үтүө бэйээт Киэсэ Суосун»), II-с Үрдэл – Наахараттан Елена Прокопьева («Үтүө поэт Киэсэ Суосун»), III-с Үрдэл – Хорообуттан Наталия Борисова-Атаскаан Кыыһа («Аргыс тыаллаах Киэсэ Суосун»), Биһирэбил бириискэ Тиэлигиттэн Иннокентий Кириллин («И.М. Сосиҥҥа») тиксэннэр бибилэтиэкэ, улуустааҕы «Эркээйи» хаһыат туруорбут сыл аҥардааҕы сурутуутунан биһирэннилэр.

«Алаас ахтылҕаннаах ырыаһыта» И. М. Сосин айымньыларынан инсценировканы туруорууга куонкуруска оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ уонна оскуола үөрэнээччилэрэ кыттыылаах уон театральнай кэлэктиип кыттыыны ылла. Куонкуруһу СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа театральнай деятеллэрин сойууһун чилиэнэ Саргылана Саввична Адамова, СӨ култууратын туйгуннара, Майатааҕы Д. Ф. Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтин маассабай тэрээһиннэргэ режиссера Галина Васильевна Эверстова, эдэр көлүөнэ театрын режиссера Александра Семеновна Скрябина сыаналаатылар. Куонкурус түмүгүнэн Кылаан бирииһи Төхтүр нэһилиэгин  оҕо ускуустубатын оскуолатын «Айар кут» образцовай театральнай кэлэктиибэ («Кутаама кыыһа», сал. : Екатерина Ивановна Вензель, Елизавета Васильевна Маркова) ылан И. М. Сосин ыччаттарын аатыттан 20000 солкуобай уу харчынан наҕараадаланнылар. l миэстэни Моорук орто оскуолатын үөрэнээччилэрин кэлэктиибэ («Билгэлэр», сал.: Вера Владимировна Брызгалова, Мария Андреевна Верховцева) ылан Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын 10000 солк. суумалаах сэртипикээтинэн, II  миэстэни  Майатааҕы «Сардаана» оҕону сайыннарар киин иитиллээччилэрин кэлэктиибэ («Сахсаахаан Сахаар кэпсээннэриттэн», сал.: Сергей Иванович Попов) ылан ИП М. Забровскай 5000 солк. суумалаах сэртипикээтинэн, III миэстэни Ходоро нэһилиэгин «Чэчир» оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрин кэлэктиибэ («Икки чабычах», сал.: Сардана Гаврильевна Нестерова) ылан Мэҥэ Хаҥаластааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин 3000 солк. суумалаах сэртипикээтиинэн  наҕараадаланнылар. «Айымньыны бастыҥ туруоруу» анал ааты Амматааҕы Л. В. Киренскэй аатынан лиссиэй үөрэнээччилэрин кэлэктиибэ  («Маннык эмиэ буолбуттаах», сал.: Мария Дмитриевна Ноговицына), эмиэ бу лиссиэйтэн «Бастыҥ уол оҕо оруола» анал ааты Өксөкүлээх Өлөксөй оруолун толорон Костя Марков, «Бастыҥ кыыс оҕо оруола» анал ааты Төхтүрдээҕи оҕо ускуустубатын оскуолатыттан Алико Митрофанова, «Бастыҥ сценическэй көстүүм» анал ааты Кеша Алексеев аатынан Хаптаҕай орто оскуолатын үөрэнээччилэрин кэлэктиибэ («Икки чабычах», сал.: Дмитриева Надежда Дмитриевна, Васильева Марина Дмитриевна), «Бастыҥ театральнай декорация» анал ааты Тиэлиги нэһилиэгин «Туллукчаана» оҕо уһуйаанын иитиллээчxилэрин коллектива («Эбээ үөрэҕэ», сал.: Татьяна Андреевна Кириллина), «Бастыҥ муусуканан киэргэтии» — Майатааҕы «Сардаана» оҕо уһуйаанын кэлэктиибэ, «Дебют» — Төҥүлү орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччилэрин кэлэктиибэ («Сахсаахаан Сахаар кэпсээннэриттэн», сал.: Марта Сталовна Слепцова, Лаана Алексеевна Петрова), «Дебют» – 2-c Наахара нэһилиэгин, Хочо сэлиэнньэтин орто оскуолатын үөрэнээччилэрин кэлэктиибэ («Кешик маҥнайгы остуоруйата». сал.: Наталья Дмитриевна Никанорова), «Эрэл» — С.З. Борисов аатынан Тыыллыма орто оскуолатын үөрэнээччилэрин кэлэктиибэ («Сахсаахаан Сахаар кэпсээннэрэ», сал.: Елена Васильевна Чичахова) анал ааттары ыланнар үөрүү өрөгөйүн биллилэр. Анал ааттары ылбыт кэлэктииптэргэ бириистэри Мэҥэ Хаҥаластааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимэ, Мэҥэ Хаҥалалас улууһун айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Саргылана Саввична Адамова, Дмитрий Тимофеевич Сосин дьиэ кэргэнэ, улуустааҕы » Эркээйи» хаһыат эрэдээксийэтэ туруордулар. Куонкурус түмүгүнэн Саргылана Адамова бэрэссэдээтэллээх дьүүллүүр сүбэ тэрээһини астыммытын бэлиэтээн туран салайааччыларга дириҥ ис хоһоонноох ырытыы оҥордулар, туһалаах сүбэлэри биэрдилэр, инники былааннары торумнастылар.

Тэрээһин «Биир сайын Суолаҕа» диэн киин бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ туруорбут мусукаалынай испэктээгинэн түмүктэннэ. Бу испэктээк – бибилэтиэкэ дириэктэрэ Марианна Никанорова хас да сыл иитиэхтээн таһаарбыт баҕа санаата олоххо киириитэ буолар. Сценарийын Надежда Сидорова суруйан, аан бастакытын көрөөччү дьүүлүгэр таҕыста. Оруолларга бибилэтиэкэ, култуура үлэһиттэрэ оонньоон көрөөччүлэр сэҥээриилэрин ыллылар. Манна даҕатан эттэххэ, бибилэтиэкэ бу иннинээҕи сылларга Култуура уонна успуорт эстэпиэтэтигэр испэктээҕи уус уран көрүүгэ иккитэ ситиһиилээхтик кыттан турар. Испэктээк бүппүтүн кэннэ дыраама тыйаатырын, киинэ артыыһа, СӨ үтүөлээх артыыһа, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Михаил Апросимов туруорууну астыммытын, «норуодунай тыйаатыр таһымыттан итэҕэһэ суох туруорууну көрдүм» диэн испэктээккэ  үлэлэспит дьону үөртэ.

Суола тыына сылаас, Суола салгына ыраас. Мустубут дьон бары сүргэбит көтөҕүллэн, үөрэн, астынан тарҕастыбыт. Бу истиҥ тэрээһиҥҥэ сылдьыбыт хас биирдии киһи Иннокентий Михайлович туһунан сырдык өйдөбүлү, кини сэмэй мичээрин кутугар иҥэрэн, сүрэҕэр суулаан илдьэ бардаҕа.

Сэргэх тэрээһини сырдатыыбын «Үтүө поэт Киэсэ Суосун…» күрэх Кылаан кыайыылааҕа Надежда Сидорова хоһоонун тылларынан түмүктүүм:

«Олус да кэрэтик олорон ааспытыҥ

Элбэх да кэрэни хаалларан барбытыҥ».

“Мэңэ Хаңалас улууһа” МО дьаһалтатыгар, Мэңэ Хаңалас улууһун култуура5а уонна духуобунай сайдыыга управлениетыгар, “Моорук нэһилиэгэ” МТ дьаһалтатыгар, улуустаа5ы “Эркээйи” хаһыат эрэдээксийэтигэр, судаарыстыба экология5а кэтэбилин Мэңэ Хаңаластаа5ы иниспиэксийэтигэр, урбаанньыт Забровскай Максим Дмитриевичкэ, И.М.Сосин о5олоругар уонна аймахтарыгар тэрээһини ыытарбытыгар күүс-көмө буолбуттарыгар махталбытын тиэрдэбит.

Мария ГАБЫШЕВА, Мэңэ Хаңаластааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин кылаабынай методиһа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: