23 саастаах уол төлөпүөн уоран көҥүлэ быһыллыбыт
27.11.2024, 15:00
Мария Васильева хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:
СӨ борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, ааспыт сайын 23 cаастаах эдэр киһи Дьокуускайга баар «Шашлыкоф» кафеҕа арыгы иһэн баран, администратор ресепшеҥҥэ суоҕун туһанан 112 тыһыынча солкуобайдаах суотабай төлөпүөнү уорбут.
Онон РФ холуобунай кодексатын 158 ыст. 2 ч. «в» пуунунан холуобунай дьыала тэриллибит. Эдэр киһи эрдэ сууттана сылдьыбыт болдьоҕо ааһа илик буолан, төлөпүөн уоруутун иһин үс сыл, тоҕус ый көҥүлэ сарбыллыбыт. Бириигэбэр сокуон күүһүгэр киирэ илик.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: