Суотту ийэлэрэ талааннарынан сөхтөрдүлэр
Быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сылларыгар анаммыт тэрээһиннэр тиһигин быспакка ыытылла тураллар.
Бу күннэргэ Уус Алдан улууһун Суоттутааҕы “Мичээр” сынньалаҥ киинигэр бу суолталаах сыллар чэрчилэринэн уонна улууска Аҕа сылын, Саха сиригэр Ийэ күнүнүн иитинэн “Мин — ийэбинээн” куонкурус буолан ааста. Тэрээһин туһунан Суоттутааҕы «Мичээр» сынньалаҥ киинин уус-уран салайааччыта Устинья Борисова маннык кэпсээтэ:
— “Куонкурус, күрэхтэһии” диэни истээт, киһи эрэ барыта долгуйара чахчы. Кыттыан баҕарар эрээри, туохтан эрэ тардыстан, баҕалаах тэрээһинигэр кыттыбыкка хаалбыт төһөлөөх элбэх киһи баара буолуой! Ол эрээри итинник санааны киэр илгэн, Суотту нэһилиэгин биэс өрүү көхтөөх, талааннаах ийэлэрэ оҕолорунаан кыттан, биир дойдулаахтарыгар Ийэ күнүгэр бэрт сэргэх дьоро киэһэни бэлэхтээтилэр.
Алта түһүмэхтээх куонкурус олус тыҥааһыннаахтык ааста. Хас биирдии кыттааччы бииртэн-биир ураты буолан, дьүүллүүр сүбэҕэ сөптөөх быһаарыыны ыларыгар уустук түгэн тосхойдо. Куйаар ситиминэн “Көрөөччү биһирэбилэ” анал аакка 340 куолаһы ылан, дьахтар-аймахха сэдэх үлэлээх, Уус Алдан улууһун Ис дьыала уорганын учаскуобайа Татьяна Харайбатова уолунаан Денистыын тигистилэр. Харайбатовтар дьиэ кэргэн бэйэлэрин билиһиннэриилэрин сонуннук араапарынан саҕалаан, талааны көрдөрүүгэ ыллаан, аска минньигэс “меренговай рулеттарын” кэпсээн, ыал ийэтэ иис абылаҥар куустаран тикпит көстүүмнэрин биһирээн, Татьяна Николаевнаны Суотту олохтоохторо кэрэхсии, астына ылыннылар.
Үһүс үктэл хаһаайыттарынан дэгиттэр талааннаах, икки уол оҕо күн күбэй ийэтэ Роза Бубякина-Алексеева улахан уолунаан Арсенныын буоллулар. Бубякиннар дьиэ кэргэн өрүү араас таһымнаах куонкурустарга, бэстибээллэргэ кыттар буолан, кинилэртэн туох эрэ сонуну күүппүт көрөөччү ытыһын тыаһа биир кэм хабыллан олордо. “Лайфхак” диэн саҥа тиэрмининэн эттэххэ, бэйэлэрин албастарынан, дьоҕурдарынан туттуллубут А-4 кумааҕынан эйэ холуубун оҥорон сыанаҕа уоттаан-күөстээн көтүппүттэрэ бэрт сонуннук көһүннэ. Улуу Кытай омук таҥаһын таҥнан, кытайдыы эҕэрдэлээн, кинилэр бүлүүдэлэрин билиһиннэрбиттэрэ эмиэ биһириннэ.
Иккис үктэл хаһаайыннарынан түөрт оҕо күн күбэй ийэтэ, сатабыллаах хаһаайка Надежда Алексеева кыра кыыһынаан Инналыын буоллулар. Алексеевтар дьиэ кэргэн Суоттубут нэһилиэгин биир тарбахха баттанар бастыҥ дьиэ кэргэнэ. Биир да тэрээһин кинилэрэ суох буолбат. Ыллаан-туойан, үҥкүүлээн тэйэн бардахтарына, көрөөччү тэҥҥэ ыллаһар, үҥкүүлэһэр.
Бастакы үктэлгэ хас түһүмэх аайы көрөөччү ытыс тыаһын ылан, Елизавета Портнягина кыра уолунаан Айхаллыын таҕыстылар. Портнягиннар барыга-бары көхтөөх ыал. Оҕону уһуйар киһи бүгүҥҥү куонкурус түһүмэхтэрин аайы уратытык, сонуннук киирбитэ астыннарда. Виталий Очиров “Араҥаччылааҥ” ырыатын олус истиҥник ыллаатылар. Сахалыы куттаах, кылыһахтаах тойуктаах, түөрт оҕо күн күбэй ийэтэ Саргылана Заровняева кыра уолунаан Костялыын кыттан, көрөөччү кутун эмиэ туттулар. Суоттулар аныгы саха дьахтарын уобараһын Саргылаанаҕа көрдүлэр – эчи холкутун, истиҥин, талаанын! Оҕолоругар төрөөбүт дойдуга тапталы, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны иитэрэ сыанаттан тиийэ арылхайдык арылынна, көһүннэ.
Бу хаһан да умнуллубат, хатыламмат, олус истиҥ, астык тэрээһин туоһулара — бука бары кыттааччыларбыт, дьүүллүүр сүбэ, сааланы истиҥ мичээринэн уонна ытыс доҕуһуолунан киэргэппит көрөөччү. Биир дойдулаахтарбытыгар чөл туругу, чэгиэн доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥитигэр ил-эйэ эҥэрдэстин, дьоллоох уйаҕыт — дьиэҕит өрүү оҕо чуопчаарар саҥатынан туоллун!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: