Суотту училищетыгар үөрэммиттэрэ

Share

Суоттуга сэттэ сыл балай да таһаарыылаахтык үлэлээбит училищем аата тиэхиньикумҥа уларыйан тигинэччи үлэлии турар уонна быйыл тэриллибитэ үйэ аҥаарын бэлиэтиир кэрэ үбүлүөйдээх сылынан ситимнээн, санаан ааһар тоҕоостоох.

1979 сыллаахха училище орто анал үөрэх кыһата буолбутунан ахсыс кылаас кэнниттэн киирээччи оҕолор үс сыл үөрэнэн орто үөрэхтээх дьупулуомнаах дьон буолан тахсар кыахтаммыттара. 1979-1980 үөрэх дьылыгар Орто Халыма Лобуйатааҕы профессиональнай тиэхиньиичэскэй училищетыттан килиэккэлээх кыылы иитэр салааны олоччу Суоттуга көһөрөн аҕалбыттара. ССРС профтехүөрэхтээһинин туйгуна Прохоров Данил Михайлович Халымаҕа үөрэтэ сылдьар оҕолорун, балачча элбэх төбө күндү түүлээх кыылларын – саһылы, кырсаны аҕалбыта. Онон бэртээхэй баазалаах салаа баар буолбута, үөрэтэр пиэрмэ, тиэхиньиичэскэй да, быыстапка даҕаны өттүнэн тэрээһиннээх кэбиниэт оҥоһуллубута. Үлэ күөстүү оргуйар сыллара этилэр.

Производственнай үөрэхтээһин маастара, преподаватель да быһыытынан үөрэтэн-такайан таһаарбыт, күндү түүлээх кыылы иитэр салаа үлэтин суолун туттарбыт оҕолорбуттан сорохторо тута үрдүк үөрэххэ киирбиттэрэ, үгүстэрэ норуот хаһаайыстыбатыгар ылбыт идэлэригэр үлэлээбиттэрэ. Сойуус ыһыллан, элбэх хаһаайыстыба суох буолар туруктаммыта, онон оҕолор атын үлэлэргэ көһөн үлэлээбиттэрэ. Билигин чопчу биллибитинэн, үс үөрэнээччим харыс да хамсаабакка, үлэлэрин саҕалаабыт кыылы иитэр пиэрмэҕэ үлэлии сылдьаллар. Покровскайдааҕы хаһааҥҥыта эрэ аарыма улахан хаһаайыстыбаҕа сэттэ эрэ кыыл көрөөччү хаалбытыттан иккитэ биһиги выпускницаларбыт Мордовская Христина уонна Саввина Мария. Горнай улууһугар Маҕараска Кривошапкина Клара үлэлии сылдьар. Бэрт соторутааҕыта Покровскай хаһаайыстыбатыгар кыргыттарбын баран көрсөн, үлэлэрин-хамнастарын билсэн кэллим. Кыргыттар тиийээт да олохсуйбут кыбартыыраларыгар быр курдук олороллор, үлэлэрэ уруккутун курдук өрөбүлэ суох, кыыл төрүүр-ууһуур кэмигэр түүннэри-күнүстэри сылдьаллар эбит. Хаһааҥҥыта эрэ дэлэй иэннээх бүтүн Сойууска биллибит, киэҥ сурахтаах хаһаайыстыба балачча кураанахсыйан турар, быраҕыллыбыт булуустар, гараастар, куукуналар… Кыл-мүччү кыылы таҥаска дьаһайыы (забой) иннинэ тиийэммин син олорон кэпсэттибит, үөрэммит кэмнэрин, училищены бүтэрбиттэртэн эрдэ элбэх буолан үлэлээбиттэрин. Ол быыһыгар үөрэппит тиэмэлэрбиттэн туһаммыттарын, хаһан туох диэбиппин этэннэр күлүстүбүт. Кэлин кииһи аҕалан иитэр буолбуттар, онон кырымахтаах хара саһылы, күөх кырсаны тэҥэ мааны, сыаналаах кииһи аһатан, иитэн-ууһатан, тириилэрин таҥастаан сүрдээх бириинчик, чэпчэкитэ суох үлэҕэ эриллэ сылдьаахтыыллар эбит. Бэйэбин кытта тэҥҥэ кэриэтэ биэнсийэҕэ бардаллар да илиилэрин араарбакка, өрөбүл, бырааһынньык диэни аахсыбакка, харыс да халбарыйбакка үлэ үөһүгэр сылдьар кыргыттарбын көрсөн, кэпсэтэн астынан кэллим. Хас да кыыс чугаһынан Покровскайга, Мохсоҕоллооххо ыал буолан олороллор эбит. Христина Мордовская СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, элбэх бырабыыталыстыбаннай кырааматалардаах, Мария Саввина “Бастыҥ кыылы иитээччи-2013” бэлиэ хаһаайката, элбэх кырааматалардаах, махтал суруктардаах.

Оттон Кривошапкина Клара Одуну нэһилиэгэр Маҕараска баар кыыл пиэрмэтигэр эмиэ үөрэҕи бүтэриэҕиттэн 42 сыл харыс да халбарыйбакка кэргэнинээн үлэлии сылдьаллар. Клара 1999-2000 сс. ситиһиитинэн улууска “ХХ үйэ рекордсмена” анал бэлиэлээх, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, СӨ Арктика дьыалаларыгар судаарыстыбаннай кэмитиэтиттэн бочуотунай кырааматалардаах. Кинилэр түбүктээх, бэриниилээх үлэлэрин туһунан былырыын кыһын Саха НКИХ “Үлэ дьоно” диэн анал биэриилэригэр киэҥник сырдаппыттара, туох да мэхэнисээссийэтэ суох, былыргылыы эттэрин сүгэнэн эттээн, хааһыларын оллооҥҥо буһаран бэрт сыралаахтык түбүгүрэ сылдьалларын көрөн сонньуйбутум, хайҕаабытым, аһына да санаабытым. Тохтоон хаалыахтарын, эдэрдэр итинник ыарахан үлэҕэ, онно тэҥэ-дьүөрэтэ суох хамнаска кэлбэттэрин иһин ыал эһээтэ, эбээтэ буолбут патриот дьон кыыллары хайдах быраҕыахпытый диэн санааттан үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Кинилэр эмиэ сынньанары билбэккэ, өрөбүл, бырааһынньык хайдаҕын көрбөккө былыргылыы үлэлии олороллор. Эмиэ киис курдук сыаналаах кыылламмыттара хас да сыл буолбут, эппиэтинэс улахан. Чахчыта да эр санааларынан кыайа тутан, сылайары, ыалдьары, тоҥору-хатары аахсыбакка, улахаҥҥа уурбакка сылдьалларын сөҕүөххэ эрэ сөп. Уопсайынан, күндү түүлээх кыылы иитии тыа хаһаайыстыбатын бары салааларын курдук бэрт уустук.
1990-с сыллардааҕы ыһыллыыны туораан, өрөспүүбүлүкэҕэ тарбахха баттанар хаһаайыстыба тыыннаах хаалан, “Саха булт” тэрилтэ бас билиитигэр киирэн “оттон-мастан” тардыһан үлэлии турдаҕа, онно мин үөрэппит кыргыттарым 40-ча сыл устата илиилэрин араарбакка дьаныһан, талбыт идэлэригэр бэриниилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьалларыттан астынан суруйдум. Атын кыргыттарым норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар үлэлээн сорохторо сынньалаҥҥа барбыттар, сорохторо үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Куйаар ситиминэн билсэ, сэһэргэһэ олоробут уонна бу күннэргэ училищебыт улахан үбүлүөйүгэр Суоттуга көрсөөрү кынаппытын куурда сылдьабыт. Үс сыл саастарын ситэ илик кыргыттары учуутал, маастар, “ийэ-аҕа” быһыытынан үөрэппит-такайбыт буоллаҕым. Кинилэр кэннилэриттэн эмиэ үс сыл илдьэ сылдьан үлэҕэ-олоххо атаарбыт кыргыттарбын булаттаабатым. Арай, Маша Сибирякова-Мария Бурнашева диэн буолан СӨ култууратын туйгуна ыллыы, ыччаты үөрэтэ сылдьарын билэр этим. Кинилэри Суоттуга үбүлүөйдээх күн күүтэбит.

Наталья МОРДОВСКАЯ, СӨ култууратын туйгуна, үөрэхтээһин бэтэрээнэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев дьоҕус уонна орто биисинэһи тупсарыыга тыл эттэ

Айсен Николаев урбаан координационнай сэбиэтин бу сыллааҕы бүтэһик мунньаҕар дьоҕус уонна орто биисинэс интэриэһин көмүскүүр…

33 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Мэҥэ Хаҥаласка сыл бастыҥнарын чиэстээтилэр

Майа сэлиэнньэтигэр Д.Ф. Ходулов аатынан Култуура киинигэр 2024 сыл түмүгүнэн улуус култуураҕа, спортка уонна социальнай…

52 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Билиэҥҥэ түбэспит уонна сураҕа суох сүппүт дьон оҕолоругар төлөбүр көрүллүөҕэ

Байыаннай сулууспалаахтар атын категориялаах оҕолоругар социальнай өйөбүл эбии миэрэтэ көрүллэр буолла. Туһааннаах ыйаахха дойду Бэрэсидьиэнэ…

1 час ago
  • Сонуннар

Буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Ол курдук Нерюнгри…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Маймаҕаҕа түөрт кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирдэ

Нам улууһун Маймаҕа нэһилиэгэр «Хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагырааманан 4 кыбартыыралаах дьиэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Саҥа дьыл кэлэн иһэрин һунтаардар абытайдык биллэрдибит быһыылаах…»

Сунтаарга быйылгы хаар оҥоһуктарбыт уран ууһа бэрт ураты буочардаах, дьээбэ урамньылаах буолла... Бу умсугутуулаах урамньыны…

3 часа ago