Салгыы
Суоттуга самаан сайыны көрүстүлэр

Суоттуга самаан сайыны көрүстүлэр

24.05.2023, 11:30
Хаартыска: ааптар тиксэриилэрэ
Бөлөххө киир:

Саха дьоно аҕыс ыйдаах, бытарҕан тымныылаах кырыа кыһыны этэҥҥэ туораан, күөххэ үктэнэр сайын бастакы күнүгэр алаадьы астаан, сири-уоту аһатан, Айыылартан өҥ дьыл буоларын көрдөһөр, буруо таһааран ыраастанар күннэригэр Суотту нэһилиэгин ытык кырдьаҕастара, үлэ бэтэрээннэрэ, дьоно-сэргэтэ Сайылык күнүн өрө көтөҕүллэн үөрэн-көтөн, ыллаан-туойан көрүстүлэр.

Бу тэрээһин үгэскэ кубулуйан үһүс сылын бэлиэтэнэр. Былырыыҥҥыны «Сайылык үөрүүтэ, уу куттала» диэн төбөлөөн хаһыакка таһааран турабын. Кырдьык даҕаны, сайылык үөрүүтүн уу куттала күлүктүүр курдуга. Сатахха ол күн үрдүк ходуһа уута кэлэн, халаан дэриэбинэни эргийэн, сорох дьиэлэр, тиэргэннэр ууга бараннар бырааһынньыктыыр сатамньыта да суоҕа. Онно холоотоххо, быйыл Эбэбит этэҥҥэ ааһан, бүгүн күммүт чаҕылыйан, мутукча сыта дыргыйан, күөх сирэм чэлгийэн, кэҕэ этэн чоргуйан, чыычаах чыбыгырыы ыллаан, саха дьоно барахсаттар айылҕалыын биир ситимнээхпитин чахчы биллибит. Дьоруой ийэлэргэ анаммыт искибиэргэ кии түптэтэ унааран, буруотун сыта тунуйан, мустубут дьон бары ыраастанан, алгыстанан сайылык илэ-бодо билиннэ.

Хоноҕордооҕу «Түһүлгэ»  уонна Суоттутааҕы «Мичээр» кулууптар үлэһиттэрэ сүүрэн-көтөн тэрээһини үрдүк таһымҥа ыыппыттарыгар махтаныах эрэ тустаахпыт. Аҥардас Валентина Бубякина сахалыы сайбаччы таҥнан, иилээн-саҕалаан ыыппыта кэҕэ чоргуйарын санатта.  Сөптөөх түгэннэргэ көрүдьүөстүк саҥартаан, дьону күллэрэн, санааларын көтөхтө. Онтон сиэттэрэн буоллаҕа, тыл этээччилэр эгэлгэ тылларынан уустаан-ураннаан саҥаран көрү көҕүлүттэн туттулар.

Алаадьы күрэҕэр дьахталлар барахсаттар, алаадьы арааһын астаан аҕаланнар, алаадьы көрүҥэ элбэҕэ сөхтөрдө. Үлэ бэтэрээнэ Матрена Гуляева үс суол алаадьынан кыттан,  бастыан бастаата. Күөрчэх ытыйыыта биир туһунан болҕомтону тарта. Екатерина Гоголева уонна Анастасия Степанова күөрчэх ытыйан, ытыстарыгар ытыктара курулаан, биһилэхтэрэ күн уотугар күлүмэрдээн үрүҥ күүгэни үлүннэрэн дагданы дагдаттылар. Тэбис-тэҥҥэ ытыктарын күөрэччи тутан, кыайыыны үллэстэн үөрэн дьиэрэҥкэйдэстилэр. Ону тэҥэ сымыыт хассыһыннарыыта, быа эрийиитэ бэрт тыҥааһыннаахтык, өрө күүрүүлээхтик барда.

Саас аайы, дурда аайыттан үстүү куһу биэрии үтүө үгэскэ кубулуйда. Олохтоох дьаһалта ытык кырдьаҕастары куһунан күндүлээн, кырдьаҕастар сааһыттарга «Баай Байанайдара куруук өттүк харалаах, илии тутуурдаах сылдьалларыгар» алгыс аныыллара ама хайа сааһыты үөрдүбэт буолуой.

Күлүмүрдэс күндүл күммүт оройбутугар тыгыыта биир остуолга олорон, биир дьиэ кэргэҥҥэ кубулуйан сахалыы саламааттан саҕалаан, кус этин минньигэстик сиэн, миинин сырылаччы иһэн ким баҕалаах тыл этэн, күө-дьаа кэпсэтэн, сайыҥҥы салгынынан дуоһуйа тыынан,  тото-хана аһаатыбыт.

Маннык күргүөмнээх тэрээһиннэргэ дьон хараҕар көстүбэккэ, үлэ саамай ыараханыгар сылдьыбыт дьон, ааттара да ааттаммакка күлүккэ  хаалан хаалааччылар. Түгэнинэн туһанан, Суотту кырдьаҕастар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлинэн Екатерина Ивановна Свинобоева талыллыаҕыттан ыла аҕам саастаахтарга хамсааһын тахсыбытын бэлиэтиэм этэ. Екатерина Ивановна туруоруммут сыалын олоххо киллэрэринэн, кырдьыктааҕы таба көрөрүнэн, үлэни ыарахан-чэпчэки диэбэккэ ылсыһарынан, көнө майгытынан, тойоҥҥо-хотуҥҥа илэ-сала көппөтүнэн, бэрт буола сатаабатынан  — норуот киһитэ. Кэлэн-баран, сүүрэн-көтөн бу үлэҕэ ананан төрөөбүт курдук.  Социальнай үлэһиппитигэр Татьяна Тарасоваҕа  бүгүҥҥү дьоллоох дьоро күҥҥэ сылдьыбыт  үтүө-мааны дьоннорбут ааттарыттан дириҥ махталбытын этэбит. Куруук маннык үөрэ-көтө сылдьыҥ, үлэҕит-хамнаскыт  үтүө түмүктээх буоллун!

Сайын барахсан кэрэтин иҥэринэн, күүс-күдэх эбинэн,  өйдүүн-санаалыын сырдаан, күүстээх эрчим ылан астынан-дуоһуйан тарҕастыбыт.

Иннокентий ПОПОВ-ОҔУРУОТТААХ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 ноября
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: