Суоттуга сэтинньи сэргэхтик саҕаланна
Суотту күүстээх аҥаардара мустан, өрүү да буоларын курдук, субуотунньукка көхтөөхтүк туруннулар.
Байыастар дьиэ кэргэннэригэр, тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии кэмин оҕолоругар, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоммутугар муус бэлэмнээн тэлгэһэлэригэр диэри тиэрдэн биэрдилэр. П.Н.Заровняев, Уо.Н.Черкашин бэйэлэрин тыраахтардара бу күн быыстала суох муус тастылар.
Субуотунньук дьонун эбиэттэтэргэ Суотту, Хоноҕор оскуолаларын, кулууп үлэһиттэрин, «Кустук» оҕо саадын, олохтоох дьаһалтатын кэлэктииптэрэ араас дойдулар ураты амтаннаах астарын бэлэмнээн аҕаллылар. Тымныыга үлэлии сылдьар дьоммутугар асчыттар биригээдэлэрэ анаан-минээн эт миинин буһарда, кулуупка толору астаах сандалыны тардан тото-хана, минньигэстик аһаттылар.
Онон Суотту нэһилиэгэр кыстыгы быһаарар олус туһалаах субуотунньук үгэс курдук көхтөөхтүк ыытылынна. Дьон-сэргэ сэргэхсийдэ, сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ.
Раиса Черкашина,
Суотту, Уус Алдан.
Марфа Прудецкая хаартыскаларга түһэриитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: