Уус Алдан улууһугар Суоттуга «Сыл түмүктэрэ» үгэс курдук сыллата ыытыллар тэрээһиммит «Мичээр» сынньалаҥ киинигэр үрдүк тэрээһиннээхтик буолан ааста.
Күүтүүлээх тэрээһин нэһилиэк баһылыгын э.т. Ксенофонтов С.И. эҕэрдэ тылынан саҕаланна. Кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээбит ытык-мааны дьиэ кэргэттэр Октябрина, Егор Донскойдар, Елена, Степан Ефимовтар, Клавдия, Михаил Абрамовтар, Варвара, Иннокентий Стрекаловскайдар эҕэрдэлэри туттулар. «Ымыылаах биһик» сыл бастакы уонна сылы түмүктүү күн сирин көрбүт оҕолоох ыалларга Айыына, Егор Сотрудниковтарга, Наталья, Николай Местниковтарга тэлэбиисэр бэлэхтэр туттарылыннылар.
Бу тэрээһиҥҥэ элбэх киһи өрөспүүбүлүкэ, улуус, нэһилиэк наҕараадаларын туттулар, олохтоох дьаһалта анал ааттарынан бастыҥтан бастыҥнар бэлиэтэннилэр. Ол курдук, “Дьиэ кэргэн –олох төрдө” анал ааты элбэх оҕолоох Надежда, Иннокентий Алексеевтар, “Тыа хаһаайыстыбата – төрүт дьарыкпыт” Изабелла, Антон Портнягиннар, “Оҕо саас бастыҥ түмсүүтэ” «Элиэнэ кытыла» Суотту оскуолатын үҥкүү бөлөҕөр (сал. М.П. Яковлева) ыллылар. «Сыл бастыҥ спортсмена» 85 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа мас тардыһыытыгар Аан дойду чөмпүйэнээтин үһүс призера К.В. Бубякин буолла. “Эрэллээх эркиммит – эр дьоммут” анал ааты В.П.Мухин, В.В. Шестаков, В.В. Татаринов салайар Суотту нэһилиэгин эр дьонун түмсүүтэ ыллылар. «Төрүт», «Чагда», «Туйма», » Үрдэл» түөлбэлэр (сал.А.Е. Алексеева, Н.Н. Бубякина, В.С. Бубякина, И.А. Осипова) «Түмсүүлээх түөлбэ» аатын сүктүлэр. “Өйөбүл үтүөҕэ кынаттыыр” анал аат хаһаайынынан “Лена” ТХПК кэлэктиибэ (сал. М. А. Черкашин), “Кэрэни үксэтэр кэрэхсэбиллээх дьарык” тус дьарыктаах Д. С. Белолюбская, “Идэлээх бастыҥа” Уус Алданнааҕы тиэхиньикум үлэһитэ Н.Н. Ноговицына буоллулар.
Сыл түмүктэрин таһаарар нэһилиэкпит биир бэлиэ уонна күүтүүлээх тэрээһинин «Үрдэл» национальнай музыкальнай бириэмийэ быйылгы кыайыылааҕа Аман Анхаров ырыанан киэргэттэ . Нэһилиэкпит талааннаах дьоно бииртэн биир кэрэхсэбиллээх музыкальнай нүөмэрдэринэн эҕэрдэлээтилэр.
Раиса Черкашина
Хаартыскаларга Лариса Ордахова түһэриилэрэ
Хой Өрөгөй нэдиэлэтэ үүммүт. Үлэҕэр саҥа кыах аһыллыа. Салайааччыҥ болҕомтотун ылыаҥ. Нэдиэлэ устата харчы оҥорорго…
«Якутия, вперед!» биэриигэ Айсен Николаев тохсунньу ый түмүктэрин таһаарда уонна Бырабыыталыстыба отчуоттарын сирэй көрсөн тоҕо…
“Якутия, вперед!” биэриигэ тохсунньу түмүктэрин таһаарар быһа эпииргэ Ил Дархан “Сулустаах” түөлбэҕэ сыл саҕаланаатын кытта…
“СӨ судаарыстыбаннай ыччат бэлиитикэтин туһунан” сокуон 1998 сыллаахха ылыныллыбыта. Ол гынан баран, бу сокуоҥҥа “патриотическай…
Ил Дархан Айсен Николаев үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы сүбэ мунньаҕар этиллибит сүҥкэн суолталаах боппуруоһунан тус үөрэхтээһини…
Мииринэй улууһугар полицейскайдар биэнсийэлээх дьахтартан баан каартатыттан харчы уоруутун дьыалатын арыйдылар. Харчыны уорбут уорбаланааччынан дьахтар…