Суоттуга үлэһит үөрэнээччилэри чиэстээтилэр

Share

Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр тиийэ биллэр.

Оҕолор сүөһүнү-сылгыны көрүүгэ-харайыыга, от үлэтигэр, оҕуруот аһын үүннэриигэ, хомуйууга, тыа сирин үлэтин бары хайысхаларыгар хаьаайыстыбаларга көмө буолан сайыннарын туһалаахтык атаараллар.

Хаартыскаҕа Феодосия Сыроватская түһэрдэ.
Хаартыскаҕа Феодосия Сыроватская түһэрдэ.
Хаартыскаҕа Феодосия Сыроватская түһэрдэ.

Сэтинньи 22 күнүгэр оскуолаҕа үтүө үгэс быһыытынан үлэҕэ үрдүк көрдөрүүлээх оҕолору бэлиэтиир «Үлэ киһини киэргэтэр» тэрээһин, «Дьиэ кэргэн — байылыат олох төрдө» оҕолор уонна төрөппүттэр ас-үөл быыстапкалара кэрэхсэбиллээхтик  ыытылынна.

Оҕо үлэтин үтүө түмүктэрин бэлиэтиир үөрүүлээх күҥҥэ «Туйма», «Чагда» түөлбэлэри сайыҥҥы уунан хааччыйар үлэҕэ көмөтүн иһин Татаринов Герман (10 кылаас), Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө «Батас» пааматынньык саҥардыллан оҥоруутугар көмөтүн иһин Донской Валентин (8 кылаас), Москва к. ыытыллыбыт «Көмүс күһүн» агробыыстапка кыттыылааҕа Попова Алена (10 кылаас) нэһилиэк дьаһалтатын Бочуотунай Грамотатынан наҕараадаланнылар.

Сайыҥҥы лааҕырдарга, араас үлэ көрүҥнэригэр бастыҥнары оскуола салалтата бэлиэтээтэ: «Азия оҕолоро» VIII норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт күрэҕин волонтердара 11 кылаас үөрэнээччилэрэ Егорова Эмма, Ноговицына Виолетта, Макаров Валентин, Черкашин Кэскил Махтал суруктары туттулар.

«Эрчимэн» лааҕырга хаппыыста олордуутугар туйгун үлэлээх Бурцев Ваня (6 кыл.), Шелковников Алгыс (7кыл.), Музофаров Хасан (9 кыл.), «Кэскил» лааҕырга туйгун үлэлээх Герасимова Диана (4 кыл.), Черкашина Уруйдаана (5 кыл.), Жиркова Айыына (6 «а» кыл.), «Сайылык оҕолоро» лааҕырга сүөһү көрүүтүгэр туйгун үлэлээх Охлопкова Алина (9 «б» кыл.) оскуола салалтатын Махтал суруктарын туттулар.

Нэһилиэккэ ыытыллар волонтерскай хамсааһын көхтөөх кыттааччылара 10 кылаас үөрэнээччилэрэ Голиков Ваня, Сергеев Андрей, оскуола уопсастыбаннай олоҕун бастыҥа Ноговицын Айтал (9 «а» кыл), Варламовтар сүөһү көрүүтүгэр улахан хаһаайыстыбаларын тутаах көмөлөһөөччүтэ Варламов Саша (5 кыл.), «Лена» ТХПК отчуттар биригээдэлэрин көмөлөһөөччүтэ Черкашин Степан (5 кыл.), оскуола үлэҕэ практикатын бастыҥнара Протопопов Арылхан (8 кыл.), Аммосов Айаал (10 кыл.), нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕун көхтөөх кыттааччыта Алексеева Инна (8 кыл) Махтал суруктарынан бэлиэтэннилэр.

«Үлэҕэ бастыҥтан бастыҥ» анал ааттары Попова Аленаҕа (10 кыл.), Донской Валентиҥҥа (8 кыл.), Ноговицына Виолеттаҕа (11 кыл.), Баишев Айаалга (9 “а” кыл.), Бурцев Аяҥҥа (8 кыл.), Петров Сандалга (10 кыл.), Сокольников Айсеҥҥа (9 «б» кыл.), Прудецкай Ярославка (7 кыл.) оскуола директора Петухова И.М. туттарда.

Сайыҥҥы лааҕырдар үлэлэрин көрдөрөр видеоклип, талааннаах оҕолор толорууларыгар музыкальнай нүөмэрдэр үлэ үөрүүлээх түмүктэрин көрдөрөр, биллэрэр тэрээһини ситэрэн-хоторон биэрдилэр.

Раиса Черкашина.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

«Саха сирин амтана» бэстибээли Марий Эл асчыттара астылар

Бүгүн "Саха сирин амтана" гастрономическай бэстибээл саха аһын ыалдьыттарга билиһиннэрэр "Махтал" эрэстэрээҥҥэ аһылынна. Тэрээһин Марий…

44 минуты ago
  • Хаартыска/Видео

ХААРТЫСКА: Аллайыахалар хараҥаҕа мэһэйдэппэттэр

Хоту дойдуттан кэлэр сонуннар биһиэхэ олус күндүлэр. Ыраах Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Дьяконова…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тимофей Сметанин стелатыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Мас олортум, уол оҕону улаатыннардым, дьиэ туттум…»

 Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Арктика» айан суола аһылынна

Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Мэхээлискэ Батаахап. Булчут Мэхээлискэ.

Булчут Мэхээлискэ туһунан суруйарга сананным. Дьиҥинэн, бука  соччо улаатан баран алтыспатах буоламмын, суруйа да сананыам…

3 часа ago