Улуу Кыайыы 79 сылынан Уус Алдан улууһун Суотту нэһилиэгэ ытык кырдьаҕастарыгар ас-үөл наборун туттарда. Ону сэргэ, икки кыра оҕоҕо бэлисипиэт бэлэхтээтилэр.
Ол курдук, нэһилиэк дьаһалтата, ОДьКХ тэрилтэтэ, Суотту, Хоноҕор оскуолалара, Уус Алданнааҕы тиэхиньикум, баһаарынай чаас, «Доҕордоһуу» түмэлэ, «Кустук» уһуйаан, амбулатория, «Лена» уонна «Туйма» ТХПК, култуура тэрилтэлэрэ тыыл бэтэрээннэрин уонна байыаннай дьайыыга сылдьар байыастар дьиэ кэргэттэрин эҕэрдэлээтилэр, ас-үөл наборун туттардылар. Тиэхиньикум остолобуойугар бырааһынньыктааҕы остуол тэриллиннэ.
Нэһилиэкпитигэр түөрт тыыл бэтэрээнэ, биир Афганистан сэриитин кыттыылааҕа уонна уон биир байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ олороллор. Кинилэргэ олохтоох дьаһалта, тэрилтэлэр уонна бүттүүн нэһилиэнньэ өйөбүлэ, көмөтө тиһигин быспакка оҥоһуллар.
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кырачааннарыгар, икки кыра оҕоҕо, олохтоох дьаһалта бэлэх оҥордо. Ол курдук, Р.Алексеев 6 саастаах оҕотугар Гарик Алексеевка уонна А.Алексеев оҕотугар, Суотту орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитигэр Сандал Алексеевка нэһилиэк баһылыга В.И.Иванов бэлисипиэт бэлэхтэри туттаран оҕолору улаханнык үөртэ.
Раиса Черкашина,
Суотту, Уус Алдан.
Хаартыскаҕа А.Алексеева түһэриитэ.
Бу күннэргэ киин куорат биир ыалыттан уопсайа 1,2 мөл.солкуобай суумалаах кыһыл көмүс киэргэллэри уорбуттара билиннэ.…
Бүгүн, сэтинньи 26 күнүгэр, куорат үрдүнэн быстах кэмҥэ өрөмүөн үлэтэ буоларынан сибээстээн, күн устата араас…
Бүгүн, сэтинньи 26 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-илин өттүттэн ураты, баһыйар үгүс оройуоннарга хаар түһүөҕэ. Анаабырга, Булуҥҥа…
Бүгүн "Саха сирин амтана" гастрономическай бэстибээл саха аһын ыалдьыттарга билиһиннэрэр "Махтал" эрэстэрээҥҥэ аһылынна. Тэрээһин Марий…
Хоту дойдуттан кэлэр сонуннар биһиэхэ олус күндүлэр. Ыраах Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Дьяконова…
Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр…