Суоттулар БАМ тутуутугар

Share

Сэбиэскэй Сойуус саҕана үйэ тутуутунан ааттаммыт Байкал-Амур тимир суол магистралын тутуу саҕаламмыта быйыл 50 сылын туолла.

Бу улуукан тутууга Уус Алдан улууһуттан Суотту нэһилиэгиттэн кыттыыны ылбыт дьону сырдатарга сананным. Кинилэр: Охлопков Иннокентий Иннокентьевич уонна Заровняев Лука Дмитриевич диэннэр.

Охлопков Иннокентий Иннокентьевич Уус Алдан оройуонун Суотту нэһилиэгин Саһылыкаан сэлиэнньэтигэр муус устар 2 кунугэр 1964 с. сэттэ оҕолоох ыалга бэһис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Иннокентий 1981 с. Суотту орто оскуолатын бүтэрэн оччотооҕу кэм ыччатын курдук «Оскуола -производство — үрдүк үөрэх» диэн девиһинэн салайтаран төрөөбүт Саһылыкааныгар үлэлии сылдьан военкомат ыҥырыытынан Чита уобалаһын Урульга ыстаансыйатыгар ДОСААФ авто оскуолатыгар үөрэнэн кэлэр. Ол кэлэн «Лена» сопхуоска уу баһар массыынаҕа суопардыыр. 1982 сыл күһүнүгэр аармыйаҕа ыҥырыллан Тында куоракка тимир суолу тутар чааска түбэһэн сулууспатын саҕалыыр. Манна автокрановщик идэтин баһылаан БАМ илиҥҥи учаастагар тимир суол муостатын тутар чааска (в/ч 59302) ананан 2 сыл устата автокрановщигынан үлэлээбитэ. Командование саллаат туйгун сулууспатын бэлиэтээн ийэтигэр Евдокия Ивановнаҕа «Ийэҕэ махтал суругу» ыыппыта. Иннокентий аармыйаттан «Сэбиэскэй Аармыйа туйгуна» диэн бэлиэлэринэн, хары чаһыытынан, оччотооҕу үрдүкү салалта аатыттан «За стыковку «разъезд Мирошниченко» бэлиэнэн уонна 1984 с. алтынньы 15 күнүгэр «БАМы тутуу иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. 4-с разрядтаах автокрановщик идэтин баһылаан 1984 с. кыһыныгар дойдутугар эргиллибитэ.

Дойдутугар кэлэн “Лена” сопхуоска Большой Невертэн, Агроснаб «Холбос» баазаларыттан таһаҕаһы таһыыга, сопхуостаахтарга кэлэр тиэхиньикэлэри перегоннааһыҥҥа үтүө суобастаахтык үлэлээн салалта уонна бар дьонун махталын ылбыта.

Билигин Иннокентий «Анаабыр алмаастара» тэрилтэ баахтабай үлэһитэ, КАМАЗ — вахта массыына суоппара. Баахтаҕа үлэлиир үлэһиттэри учаастактарыгар таһыы кини күннээҕи түбүгэ. Бу тэрилтэҕэ үлэлиирин Иннокентий астынан туран кэпсиир. Чопчу кыраапык, бэрээдэк, барыта үлэ туһугар, үлэһит киһи туһугар тэриллэр усулуобуйаларынан астынар. Хоту сир тыйыс эргимтэтигэр үлэ сөпкө төлөнөрө үлэһит киһиэхэ эмиэ астык. Саха сирин дьонугар маннык тэрилтэлэр элбээн, бэйэбит дойдубут баайа-дуола дьоҥҥо туһалыы тураллара буоллар диир кини.

Кини суоппар уруулун ыһыктыбакка туппута номнуо 35 сыла буолбут. 2014 сыллаахха СӨ тырааныспарга министиэристибэтэ БАМ тутуллубута 40 сылынан уонна тырааныспар эйгэтигэр уһун кэмҥэ бэриниилээх үлэтин иһин Бочуотунай Грамотанан наҕараадалаабыта.

Кэргэнинээн Охлопкова Тамара Васильевналыын икки уол икки кыыс оҕоломмуттара. Тамара Васильевна ыарахан ыарыыттан олохтон эрдэ барбыта. Иннокентий оҕолорун атахтарыгар туруоран билигин оҕолоро бары олоххо бигэтик үктэнэн дьоллоох аҕа, тапталлаах эһээ.

Лука Заровняев ийэтин кытта

Заровняев Лука Дмитриевич Уус Алдан оройуонун Суотту нэһилиэгэр 1955 с. 5 оҕолоох ыалга үһүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Ийэлэрэ Марина Дмитриевна – тыыл, үлэ, аҕалара Дмитрий Лукич Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрэ. Лука Суотту орто оскуолатын бүтэрэн 19 №дээх СПТУга үөрэнэн тырахтарыыс идэтин баһылаабыта. “Лена” сопхуоска үлэлии сылдьан 1974 с. аармыйаҕа ыҥырыллан барбыта.

Хабаровскай кыраайга “Ургал” (в/ч 28066) тимир суол тутуутун ыстаансыйатыгар тимир суол тутуутугар “монтер путей” идэтинэн үлэлээбит. Кыһыннары-сайыннары тайҕаҕа балааккаҕа олорон сүрдээх ыарахан усулуобуйаҕа үлэлээбиттэр. Ол эрээри, Саха сириттэн Луканы кытта бииргэ сулууспалаабыт 8 уол бары ыарахаттары туораан таһаарыылаахтык үлэлээн командование махталын ылбыттар. Уус Алдантан 6 уол сылдьыбыта. Найахыттан Мухин Юрий диэн уол 1976 с. дьиэтигэр эргиллэн кэлэн баран өлбүтэ. Чэриктэйтэн Горохов Коля, Бороҕонтон Гоголев Захар, Тулунаттан Габышев Иннокентий, Баатаҕайтан Ушницкай Николай уонна Тандаттан Васильев Петр буолан тимир суол тутуутугар сулууспалаабыттара. Лука Дмитриевич 1976 с. дойдутугар эргиллэн кэлбитэ.

Аармыйаттан кэлэн баран Өлүөхүмэтээҕи тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикумугар үөрэммитэ. “Лена” сопхуоска тырахтарыыһынан, “Сахателеком” монтерунан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.

Кэргэнинээн Лариса Гарильевналыын түөрт оҕоҕо күн сирин көрдөрөн улаатыннардылар. Олох киэҥ аартыгар үктэннэрэн эһээ, эбээ аатын сүктүлэр.

Сэбиэскэй Сойуус салалтата Тыындаттан Комсомольск на Амуре куоракка диэри куталаах, таас буордаах, тайҕа сирдэри солоон бастакы тимир суол пууннарын оҥорууну сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр сулууспалыы сылдьар саллааттарга сүктэрбитэ биллэр. Ол сүрдээх эппиэтинэстээх, киһиттэн тулууру, дьулууру ирдиир кытаанах үлэҕэ Суотту уолаттара ситиһиилээхтик сулууспалаабыттарын, кэлин даҕаны дойдуларыгар эргиллэн баран төрөөбүт нэһилиэктэригэр таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрин быйыл БАМ үйэ аҥаардаах үбүлүөйдээх сылыгар бэлиэтиир тоҕоостоох.

Раиса Черкашина,

Суотту модельнай бибилэтиэкэтин үлэһитэ.

Уус Алдан.

Хаартыскалар Иннокентий Охлопков, Лука Заровняев альбомнарыттан

What’s your Reaction?
+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Саамай көхтөөх кыттааччы — Вова Степанов

Бүлүүгэ ыытылла турар "Бүлүүлүү оһуохай дуорайдын" күрэскэ Бүлүү, Ньурба улууһуттан оскуола үөрэнээччилэрэ кытта сылдьаллар. Кинилэр…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олоҕу ылынабын махталынан

Бу күннэргэ Ньурба улууһун киин бибилэтиэкэтэ "Үрүҥ торуоска" ыйын чэрчитинэн Ньурбатааҕы көрбөттөр уопсастыбаларыгар "Олоҕу ылынабын…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Финквиз» оонньууга хамаандалар күрэхтэстилэр

Уус Алдаҥ улууһугар С.Васильев – Борогонскай аатынан киин бибилэтиэкэ уонна улуустааҕы үп управлениетын тэрийиилэринэн "Финквиз" оонньуу…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

“Тигиилээх сирэйдэр”

Сэбиэскэй иитиилээх дьон “татуировка” түһэриини олох сөбүлээбэттэр. Кинилэр санааларыгар эти-сиини ойууланыы аҥаардас хаайыыга олорбут дьон…

8 часов ago
  • Интервью
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Эдэр педагогтары өйүөххэ, өйдүөххэ”

Идэҕэ урутаан бэлэмниир киин сүрүн исписэлииһэ, Ыччат Бырабыыталыстыбатын чилиэнэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи эдэр педагогтар ассоциацияларын саҥа талыллыбыт…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

53 сыл доруобуйа харыстабылыгар

Бөһүөлэк соҕотох биэлсэрин санныгар омуннаабакка эттэххэ, сыалай поликлиника эбээһинэһэ сүктэриллэр. Кини барытын сатыахтаах. Биэлсэр, акушер,…

9 часов ago