Суоттулар сыл аайы бэтэрээннэригэр оттук мас бэлэмнииллэр

Share

Уус Алдан улууһун Суотту нэһилиэгэр  аҕа саастаах дьоҥҥо  оттук маһы бэлэмнээһин субуотунньуга үгэскэ кубулуйда.

Кэрэхсэбиллээҕэ баар,  тэрээһиҥҥэ бары тэрилтэлэр кытталлар. Маассабай субуотунньук туһунан «Мичээр» сынньалаҥ киинин уус-уран салайааччыта Устинья Борисова маннык сырдатта:
— Быйылгы субуотунньукка быстах байыаннай дьайыыга сылдьар  биир дойдулаахтарбыт дьиэ кэргэттэригэр эмиэ мас бэлэмнээтибит.
Тэрээһиҥҥэ Суотту орто оскуолатын 8 уонна 10 кылаастарын үөрэнээччилэрэ, Уус Алданнааҕы тиэхиньикум устудьуоннара кыттыыны ыллылар. Улахан тиэхиньикэлээх дьоммут туора туран хаалбакка, лоп курдук оҥостон, тэринэн кэллилэр.  Субуотунньукка   Иван Захаров,  нэһилиэкпит аҕа саастаах патриота Михаил Охлопков  ыччакка холобур буолан, сарсыарда эрдэ бастакынан кэллилэр. Тырахтарыыс  уолаттар Айсен Белолюбскай, Гаврил Добрецов, Валерий Горохов субуотунньукка тахсыылаахтык  үлэлээтилэр.  Тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии кэмин тулаайахтарыгар, 1-кы группалаах инбэлииттэргэ, быстах байыаннай дьайыыга сылдьар эр хоһууннарбыт дьиэ кэргэттэригэр 20 сыарҕа маһы 38 туһааннаах ыалга тиэртибит.

Үөрбүт, астыммыт бэтэрээннэрбит кэс тыллара маннык субуотунньуктары өссө да тэрийэргэ көҕүлүүр тирэҕинэн буолаллар.

Субуотунньук — күргүөмнээх үлэ эрэ буолбатах. Тэрээһиҥҥэ кэлбит дьон бары күө-дьаа мустан бииргэ аһааһыммыт — ураты түгэн.

Нэһилиэкпит дьахталлара  мас дьаарыстыылларын быыһыгар түргэн-түргэнник туттан-хаптан шашлык буһаран ыллылар.

Эбиэккэ ким борщ, ким үөрэлээх ис миинэ амсайда,  минньигэс лэппиэскэлээх  итии үүттээх чэй үлэ дьонун санаатын көнньүөртэ.

Өрүү буоларын курдук, үлэни кытта сынньалаҥы дьүөрэлээн, култуура үлэһиттэрэ араас күрэҕи тэрийдибит. Онно анал дьүүллүүр сүбэ үлэлээн, тэрээһиммит бэрт сэргэх буолла.

Ол курдук, «Баай астаах сандалы» күрэҕэр «Доҕордоһуу» түмэл кэлэктиибэ кимиэхэ да иннин биэрбэтэ.

«Чууккаҕа тоһоҕо саайыыта» күрэскэ бука барыларын куоһаран, 4.12 сөкүүндэнэн Уус Алданнааҕы тиэхиньикум  хамаандатыгар кыайыыны  Матрена Никитина аҕалла.
«Илии эрбиитинэн мас эрбээһинэ» күрэскэ 15 сөкүүндэнэн мастарын эрбэтэ охсон, кыайыылааҕынан таҕыстылар Уус Алданнааҕы тиэхиньикумуттан элбэх оҕолоох ийэ Матрена Никитина уонна кэскиллээх ыччаппыт Зоя Иванова.
Мас хайытыытыгар  Уус Алданнааҕы тиэхиньикум устудьуона Ян Егоров 7.45 сөкүүндэнэн икки чуурканы түөрт гына хайытан бастаата.

Өрүү көхтөөх дьоммутугар бука барыгытыгар махтанабыт. Быйылгы субуотунньук  дьону сомоҕолуур, ыччаты түмэр, быһата, көлүөнэлэри биир тыынныыр  тэрээһининэн буолла.

СӨ Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ быйыл саас “Бэтэрээҥҥэ көмөлөс” диэн эстэпиэтэ-аахсыйаны биллэрбитэ. Суоттулар бэтэрээннэргэ анаммыт субуотунньуктара бу үтүө хамсааһыны өйөөһүн буоллаҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

16 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

37 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

2 часа ago