Бэҕэһээ, сэтинньи 10 күнүгэр, СТС телеханаалга «Суперниндзя» экстремальнай шоуга Саха сириттэн Павел Пестряков кыттыбытын көрдөрдүлэр.
«Мин олус улахан эппиэтинэһи сүгэрбин өйдүүбүн. Биһиги спортсменнарбыт дойдубут күүстээх ниндзяларын кытта биир тэҥҥэ киирсэр кыахтаахтарын көрдөрүөхпүн баҕарабын», — диэтэ кини старт иннинэ.
Кини алта төгүрүмтэттэн иккитин хомуйда. Бириэмэтэ — 1:03.98. Павел бэйэтин бөлөҕөр сүүмэрдиир түһүмэххэ 25 кыттааччыттан 11-с миэстэни ылла. Онон, хомойуох иһин, полуфиналга ааспата. Манна уон бастыҥнар кыттыахтара.
Павел Дьокуускайга ПВХ сыаҕыгар оробуочайдыыр. Бу шоуга Саха сириттэн бастакынан кытынна.
Кини кыттыытын бу сигэнэн киирэн көрүҥ, 49 ч. 32 мүн. саҕаланар.
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…