Сургуулук уола Кыһыл болуоссакка Кыайыы параадыгар кытынна

Share

Саха сириттэн сылдьар Алексей Тарасов Улуу Кыайыы күнүгэр Москваҕа Кыһыл болуоссакка байыаннай параадка кыттыыны ылла.

Бу суолталаах тэрээһиҥҥэ кыттыытын туһунан Алексей Тарасов санаатын маннык үллэһиннэ:
— Байыаннай дьайыыга кытта сылдьар саха уолаттарыттан Кыһыл болуоссакка байыаннай параадка кыттааччы бастакы буолуом эрээри,  урукку сылларга  Саха сириттэн бу суолталаах тэрээһиҥҥэ  кыттыбыт эдэр дьон мин иннибинэ эмиэ бааллара. Параакка кытта кэлиэхпит иннинэ Ростов-на-Дону  анал бэлэми ааспыппыт. Онтон икки нэдиэлэ устата Москваҕа кэлэн бэлэмнэммиппит. Бүгүн дойду киин куоратыгар -3 кыраадыс тымныы, тыаллаах. Ол эрээри мин тымныы дойдуттан — Саха сириттэн сылдьар, бары да байыаннай дьон буолан, араас түгэннэргэ бэлэммит быһыытынан, сорукпутун чиэстээхтик толордубут. Биллэн турар, улуу полководец Михаил Кутузов аатынан Кыһыл Знамялаах 150-с гвардейскай дивизияҕа баарым миэхэ улахан чиэс уонна бочуот. Байыаннай параадка кыттыы — биһиги сэриигэ сылдьыбыт  өбүгэлэрбитин кэриэстээһин, чиэстээһин умнуллубат түгэнэ. Ол да иһин бары бу суолталаах тэрээһиҥҥэ өрө көтөҕүллэн сырыттыбыт.

What’s your Reaction?
+1
31
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

11 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

13 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

14 часов ago