Сургуулук уола Алексей Тарасов Кыһыл болуоссакка байыаннай параадка кыттыаҕа

Share

Үөһээ Бүлүү улууһун Сургуулук нэһилиэгин баһылыга  Алексей Тарасов  уола Алексей  Улуу Кыайыы күнүгэр Москваҕа Кыһыл болуоссакка параадка кыттарын туһунан социальнай ситимнэргэ тарҕанна.

Алексей Тарасовы булан, төлөпүөнүнэн бу суолталаах сонун туһунан кэпсэттибит.

Икки уоллаахпын. Кыра уолум Алексей Сочига менеджер-экэнэмиис үөрэҕэр үөрэнэн баран, онно хаалан үлэлии сырыттаҕына, байыаннай дьайыылар саҕаламмыттара. Онон кини Сочиттан мобилизацияланан барбыта балтараа сыл буолла. Бахмут аннынан сылдьан, бааһырбыта. Эмтэнэн тахсыбытын кэннэ уоппускаҕа ыыппыттара. Онно сылдьан, кини дивизиятыттан Алексейы уонна биир нуучча уолун Москваҕа Кыһыл болуоссакка параадка кыттарга талбыттарын туһунан истибитэ. Билигин онно «сборга» баран дьарыктана сылдьар. Москваҕа барбыта ыйтан орто. 

Биллэн турар, суолталаах тэрээһиҥҥэ кыттыыга кытаанах талыы буоллаҕа. Уолум уҥуоҕунан уһун  — икки миэтэрэ кэриҥэ үрдүк уҥуохтаах.  Взвод хамандыыра этэ. «Мужество» уордьаннаах, «За отвагу» мэтээллээх. Алексей уоллаах кыыс оҕолоох. Бүгүн уола 10 сааһын туолла. 

Уолбутунан Алексей Алексеевиһынан төрөппүттэрэ, аймахтара, биир дойдулаахтара киэн туттабыт уонна этэҥҥэ сылдьан, дойдутугар кэлэригэр баҕарабыт, — диэн Алексей Тарасов санаатын үллэһиннэ.

What’s your Reaction?
+1
40
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

6 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

6 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

6 часов ago