“Суруйааччы аата – үйэлэргэ”

“Суруйааччы аата – үйэлэргэ”

25.05.2024, 18:00
Хаартыска: Суруйааччылар сойуустарын архыыбыттан.
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 16 күнүгэр саха литэрэтиирэтин үйэлээх устуоруйатыгар киирэр дьоһуннаах тэрээһин П.Ойуунускай аатынан Литэрэтиирэ түмэлигэр буолла.

Ол курдук, «Суруйааччы аата – үйэлэргэ” диэн cаха классик уонна норуодунай суру­йааччыларын нэһилиэнньиктэрин кытары сэргэх уонна сэдэх көрсүһүүнү СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ, Саха сирин Суруйааччыларын со­­йууһа, П.Ойуунускай аатынан Литэрэтиирэ түмэлэ тэрийдилэр.

Суруйааччылар сыдьаан­нарын, ыҥырыллан кэлбит ыалдьыттары Саха сирин норуодунай суруйааччылара Николай Лугинов, Семен Попов-Сэмэн Тумат,  Саха сирин Суруйааччыларын со­­йууһун бэрэссэдээтэлэ Гаврил Андросов эҕэрдэлээтилэр, СӨ норуодунай артыыһа Григорий Петров ылбаҕай ырыаларын бэлэхтээтэ.

Көрсүһүүнү иилээн-саҕалаан ыыппыт Саха сирин норуодунай бэйиэтэ Наталья Ивановна Харлампьева суруйаач­чы олоҕун, айар үлэтин уонна айымньыларын үйэтитии үлэтэ хайдах барарын,  кэнники 20 сыллаах үлэ туһунан билиһиннэрдэ.

Наталья Харлампьева:

“Суруйааччыларбыт ааттарын, төһө кыалларынан, үйэтитэ сатыыбыт. Бүгүҥҥү көрсүһүүгэ кыһалҕалар хайаан да таарыллыахтара. Бастатан туран, үйэтитии үлэтигэр ааптар бырааба, архыыбы кытары үлэ, кинигэни хомуйан та­­һаарыы уо.д.а. Көрсүһүү кыттыылаахтара баар буоланнар, кинилэр дьоннорун ааттарын үйэтитэргэ үлэлэһэ сылдьаллар. Оҕо суру­йааччыларыгар бэриллэр Ил Дархан улахан бириэмийэтэ Амма Аччыгыйа аатынан буолбута. Мария Егоровна Данилова дьаныардаах үлэтин түмүгэр кэргэнэ Софрон Данилов нэһилиэстибэтин чөкөтөн 12 туому таһаартарбыта. Василий Яковлев-Далан кыргыттара бэйэлэрин аҕаларын туһунан хаартыс­ка альбомун бэлэмнии сылдьаллар. Семен Никифоров кыыһа Лидия Семеновна аймахтарыныын туруулаһан, Тыыллымаҕа аҕаларыгар аналлаах бюст туруорбуттара уонна кинигэтин таһаарбыттара.  Норуодунай буолбатахтарын да иһин, саха литэрэтиирэтигэр элбэҕи оҥорбут суруйааччылар кинигэлэрэ кыра кыра­лаан тахса турар. Дьуон Дьаҥылы, Күн Дьирибинэ аймахтарын кыһамньыларынан кинигэлэрэ тахсыбыттара. Кыратык умнууга хаалбыт, ситэ ахтыллыбатах, кинигэлэрэ тахсыбатах да дьоннор бааллар.

Саха сирин  Суруйаач­чыларын сойууһа биһиэхэ кэлбит дьону куруук өйүүргэ кыһаллар. Суруйааччы аата-суо­ла үйэлэргэ хааларын туһугар күүспүтүн түмүөхпүтүн наада.  Эһиил 2025 сылга саха суругунан литэрэтиирэтэ үөскээбитэ – 125, быйыл ахсынньыга Саха сирин Суруйааччыларын со­­йууһа тэриллибитэ 90 сылларын бэлиэтиэхтээхпит. Биллэн турар, ити дааталар эрэ, онтон бүгүн ахта-саныы олорор дьоммутугар сыһыары туттахха улахан суолталанар тахсаллар”, – диэтэ.

…Оҕо буолан ыллылар

Көрсүһүү кыттыылаахтара бу күн төрөппүттэрин, аймахтарын, кинилэр олорбут кэмнэрин ахтан-санаан аастылар. Ону сэргэ кинилэри үйэтитиигэ сүрүн үлэни хайдах ыытыахха сөбүн, суруйааччы айымньытын ааҕааччыга тириэрдэргэ өссө туох оҥоһуллуон сөбүн дьүүллэстилэр.

Кэлбит ыалдьыттар  ааспыт үйэ 60-70 сылларыгар суруйааччылар доҕордоһууларын, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһүүлэрин, даачаларга, дьиэлэригэр ыалдьыттаһыы көрдөөх түгэнннэрин кэп­сээн олус истиҥ эйгэ үөскээтэ. Ону таһынан ханна да суруллубатах, кэпсэммэтэх түгэннэр, холобур, оҕолор бэйэ-бэ­­йэлэрин хаадьылаһыыларын,  бу көрсүһүүгэ эмиэ ахтыллан аастылар, бэйэлэрэ оҕо буолан ыллылар.

Чахчыта да, бүгүҥҥү көрсүһүүгэ сылдьыбыт хас биирдии киһи таптыыр суру­йааччыларын оҕолорун, сиэннэрин, аймахтарын биир түһүлгэҕэ тутан олорон көрөн, кинилэр оҕо, эдэр саастарын туһунан ахтыыларын, ыллык­таах тылларын истэн ураты дьолго куустарда. Бу түгэҥҥэ Рива Реасовна аҕата Реас Кулаковскай уонна Суорун Омоллоон доҕордоһууларын туһунан кэпсииригэр «эһиги хараххытын харах, кулгааххытын кулгаах гыммыт киһи-ии» диэн этиитэ оруннаах.

Суруйааччылар сыдьааннара сэргэхсийиини таһаардылар

Барыта 40-чаҕа чугаһыыр суруйааччы  сыдьааннара биһиги ортобутугар бааллара, үлэлии-хамсыы сылдьаллара кэрэхсэбиллээх. Кинилэртэн бүгүн кэлбиттэр:

А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ Рива Реасовна Кулаковская, хос сиэнэ уонна суруйааччы Михаил Доҕордуурап сиэнэ Марианна Ясоновна Федорова.
А.И. Софронов-Алампа ийэтин балтын хос-хос-хос сиэнэ, Дьокуускай к. 2 №-дээх оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ Диана Мордускина.
Н.Д.Неустроев бииргэ төрөөбүт балтын уола Михаил Гаврильевич уонна кини кыыһа Алиф Михайловна Неустроевтар.
Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон кыыһа Люция Дмитриевна Васильева.
Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа сиэннэрэ Федор Лазаревич Обутов уонна Никита Семенович Мординов.
С.Р. Кулачиков-Эллэй уола Иосиф Серафимович Кулачиков.
Л.А. Попов уола Андрей Леонидович Попов.
Е.С. Сивцев-Таллан Бүрэ уола Степан Ефремович Сивцев-Хамалҕа.
Софрон П. Данилов кыргыттара Вера, Любовь Софроновналар.
Семен П. Данилов кыыһа Варвара Семеновна Данилова.
С.И.Тарасов кыыһа Күннэй Саввична Лоскутова.
И.М. Гоголев-Кындыл кыыһа Анна Ивановна Гоголева.
В.С. Яковлев-Далан кыыһа Лолита Васильевна Сантаева.
Г.Г. Колесов кыыһа Оксана Гавриловна Колесова.
Г.Г. Макаров-Дьуон Дьаҥылы кыыһа Альбина Гаврильевна Макарова.
С.А. Саввин-Күн Дьирибинэ кыыһа Мария Степановна Саввина.
П.А. Степанов-Ламутскай уола Анатолий Платонович Ламутскай.
Н.Н. Павлов-Тыаһыт уола Николай Николаевич Павлов.
А.С. Сыромятникова сиэнэ Светлана Степановна Сивцева.
П.Н. Тобуроков күтүөтэ Дмитрий Федосеевич Наумов.
В.Ф. Гольдеров-Ороһу уола кыыһа Саргылана Васильевна Гольдерова.
В.А. Тарабукин кыыһа Марфа Васильевна Тарабукина.
П.Д. Аввакумов кэргэнэ Матрена Ивановна Петрова.
В.Е. Васильев-Харысхал – кэргэнэ Галина Васильевна Васильева.

Кистээбэккэ эттэххэ, кинилэр тустарынан билбэппит элбэх, кинилэр өрөөбүт уостара өһүлүннэҕинэ, төһөлөөх саҥаны, сонуну билиэ этибитий? Онон, бу көрсүһүү суруйааччыларбыт сыдьааннарын олорор кэмнэрин мүччү туппакка, кинилэртэн өссө элбэҕи билэн-көрөн хаалыахха наадатын, кинилэр суру­йааччылар сойуустарын кытары  биир сүбэнэн саха литэрэтиирэтигэр элбэҕи оҥоруохтарын сөбүн кэрэһилээтэ.

Кинилэр бары олоҕу олорбут, бэйэлэрин эйгэлэригэр биллэр-көстөр, ааттарын ааттата сылдьар дьон. Кинилэр ортолоругар литэрэтиирэ эйгэтигэр үлэлиир, аҕаларын туйаҕын хатаран, суруйааччы аатын чиэстээхтик сүгэ сылдьар дьон бааллар. Холобур, Е.С.Сивцев-Таллан Бүрэ уола Степан Ефремович Сивцев-Хамалҕа, И.М.Гоголев-Кындыл  кыыһа Анна Ивановна Гоголева, П.Н.Тобуроков күтүөтэ Дмитрий Федосеевич Наумов (СӨ норуодунай суруйааччыта), В.Ф.Гольдеров-Ороһу уола кыыһа Саргылаана Васильевна Гольдерова-Саргы Куо – суруйааччылар, бэйиэттэр, Суруйааччылар со­­йуустарын чилиэннэрэ.

Николай Лугинов:

–Биһиги, суруйааччылар, бэйэ-бэйэбитин үчүгэйдик өйдөһөрбүт, салгыы айымньылаахтык үлэлиирбит туһугар бүгүҥҥү көрсүһүү улахан суолталаах.

Гаврил Андросов:

– Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылыгар  Наталья Ивановна көҕүлээһининэн суруйааччыларбыт сыдьаан­нарын кытары биир дьиэ кэргэн курдук  көрсүһэ олорорбут олус долгутуулаах. Биһиги үлэлээн ааспыт суру­йааччыларбыт сыдьааннарын кытары сирэй билсиэхтээхпит, алтыһыахтаахпыт уонна  араас кыһалҕалаах боппуруостарга, үйэтитиигэ  биир өйдөбүллээх, тирэхтээх буолуохтаахпыт. Төһө да кэккэ кыһалҕалар баалларын иһин,   сөптөөх суолу-ииһи тобулуохтаахпыт дии саныыбын. Биһиги тэрилтэбит аана эһиэ­хэ барыгытыгар аһаҕас.

Рива Кулаковская – Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ:

– Суруйааччылары ытыктаан, кинилэр сыдьааннара кэлэн олороллоруттан олус уйадыйдым. Биһиги хаалбыт дьон өссө олоро түспүт киһи, олох үчүгэйин өссө көрбүт киһи диэн дьирээ­лэһии бөҕөбүт. Таатта бибилэтиэкэрдэрэ Реас Кулаковскай «Аҕам олоҕо» уонна кэпсээннэрин  кинигэлэрэ олус илдьирийэн хаалбыттарын, хос таһаартарар наадатын туһунан этэллэр.

Иккиһинэн,  аҕабыт аһара суруксут этэ. Хас биирдии ааҕаач­чытыгар, доҕотторугар олус истиҥ суруктары ыытара уонна онно хардатын  ылара. Дьэ, ол суруктар биһиэхэ бааллар. Эһиги  да архыыпкытыгар биһиги аҕабыт суруктара баар буолуохтара дии саныыбын. Ону архыып курдук түмэн таһаарар киһи хайҕаллаах дьыала буолуо этэ. Бүгүн суруйааччыларбыт сыдьааннарын көрөн олорорбунан  олус дьоллоохпун.

Сэмэн Тумат:

— Биир саамай улахан кыһалҕалаахпыт – литэрэтиирэбит уотун умулларбат туһугар үлэлиэхтээхпит. Литэрэтиирэ – но­­руот дууһата, литэрэтиирэтэ суох норуот тыла суохха тэҥнэһэр, ити кыһалҕа биһигини түмсэргэ ыҥырар. Суруйааччыларга аналлаах 82-тан тахса кинигэни таһааран, саха литэрэтиирэтигэр кылааппын киллэрсэ сатаатым. Бу көрсүһүү түмсүүнү уонна эйэлээхтик үлэлээһини түстүүр.

Хаартыскалар: П.Ойуунускай аатынан Литература түмэлэ

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: